Сүбэһит: Оҕурсуну «эдэригэр» түһэрэн аһын ылыҥ

Ааптар: 
15.08.2021
Бөлөххө киир:

Кэлэн иһэр кэлэн иһэрэ өтөн, сотору күһүҥҥү күн-дьыл үүнүөҕэ.

Оҕурсуну ыкса күһүҥҥэ диэри хайдах үүннэрэр туһунан Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа маннык сүбэлиир.

Оҕурсу уга олус уһуурун, алларааҥы астара бүтэн, үөһэ эрэ өттүгэр хаалалларын бары бэркэ билэҕит. Сорох хаһаайкалар ону төһө үүнэринэн ыыталлар, омуннаатахха, түөрт-биэс-алта миэтэрэҕэ тиэрдэллэр уонна тэпилииссэҕэ батара сатаан араастаан эрийэллэр. Мин оҕурсу умнаһын наһаа уһаппаппын, 180 сантиметрга тиийдэ да, төбөтүн «лэс» гына сарбыһан кэбиһэбин.

От ыйын устатыгар аһын биэрбит оҕурсу умнаһа баччаларга «кырдьан» хаалар. Ол иһин аһа бүтэрин саҕана саҥа лабаалары таһаарабын. Хантан диэ? Аллараа өттүттэн, силискэ чугас соҕуһунан хоннохтор тахсалларын көрөргүт буолуо. Дьэ олортон саҥа лабаалары талан үүннэриллэр. Маннык хоннохтортон тахсыбыт умнас аһын эриллибит уктааҕар быдан түргэнник кутар. Тоҕо диэтэххэ, кини төрдүгэһэ бөҕө (модьу) уонна силистэн чугас сытар буолан, кутуллар ууну итиэннэ буор биэрэр иҥэмтиэлээх эттиктэрин, битэмииннэрин түргэнник ылар. Оттон сахалыы судургутук да санаан көрдөххө, биэс-алта миэтэрэ усталаах умнаһынан ол ууҥ, битэмииниҥ хаһан айаннаан тиийэн, үөһээҥи оҕурсулары аһатыар диэри балачча элбэх бириэмэ наада, хайа уонна баҕар, үксэ аара «суолга» хаалара буолуо дии. Оттон саҥа хонноҕунан үүммүт оҕурсу тута эдэригэр түһэр, син биир саҥа олордуллубут сааскы үнүгэс курдук, аһа-үөлэ түргэнник үүнэн ситэр.

Мин быйыл «Изумрудный поток» диэн суорду үүннэрбитим. Бу суор биэс лабаанан үүнэр, ону тэпилииссэм арыый кыараҕас буолан, үс лабаанан эрэ ыыппытым. Бэс ыйын ортотуттан аһын иккилии хоно-хоно өлгөмнүк быстарда. Билигин эргэ лабааларын быһыталаан баран, ити эппитим курдук, аллараа өттүттэн саҥа хоннох лабаалары үүннэрбитим бэркэ аһатан эрэллэр.

Раиса Сибирякова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0