Сүбэһит: массыына ыларга 25 % чэпчэтии көрүллэр

Ааптар: 
20.09.2018
Бөлөххө киир:

Судаарыстыба Уһук Илин уокурук олохтоохторугар массыынаны кирэдьиит ылар түгэннэригэр 25 % чэпчэтии оҥорор. Атын эрэгийиэннэргэ ити 10 % тэҥнэһэр.

edersaas.ru

Тустаах бырагыраама быйылгы сылынан түмүктэниэхтээх этэ. Ол эрээри, судаарыстыба 2020 сылга диэри уһатта. Усулуобуйата хайдаҕый? Атыылаһааччы массыына ыытарын туоһулуур дастабырыанньалаах, бу киһи аан маҥнайгы массыыната (“Первый автомобиль” бырагыраама) эбэтэр кирэдьиит ылааччы 18 диэри саастаах иккиттэн элбэх оҕолоох (“Семейный автомобиль” бырагыраама) буолуохтаах, массыынаны салонтан атыылаһыахтаах (саҥа эрэ массыына хапсар), кирэдьииккэ эрэ ылыахтаах, суумата иһэ үллүбүтэ 1 450 тыһ. солк. (2018 сылга) тэҥнэһиэхтээх. Үчүгэйэ диэн, бырагыраамаҕа Арассыыйа эрэ тимир көлөлөрө хабыллыбаттар Nissan, Hyundai, Mitsubishi, Renault, KIA, Мазда, Ford, Skoda, Тойота о.д.а. мааркалар эмиэ киирсэллэр. Бырагыраамаҕа массыына ханнык маарката, модела хапсарын (испииһэгин) массыына атыытынан дьарыктанар салоннартан туоһулаһыахха сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0