Ньурба улууһун Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова моркуобу маннык астаан хаһаанарын туһунан кэпсиир.
Сонос гына төгүрүктүү быһыллыбыт моркуобу көстүрүүлэҕэ кутан оргуйбут ууга биэс мүнүүтэ сытыарабын. Эрдэ бэлэмнээбит бааҥкабар биэс дыргыл сыттаах гороҕу, икки гвоздиканы, биир лавровай сэбирдэҕи, биир өлүү чочунааҕы кутан баран, ол үрдүгэр моркуоппун туруору угабын, итии маринады кутан хаппахтыыбын.
Маринада: Биир лиитэрэ ууга биирдии остолобуой ньуоска тууһу, саахары оргутуллар, икки остолобуой ньуоска 9 %-наах уксууһу кутуллар.
Толору моркуоптаах бааҥкаҕа оргуйбут итии ууну кутан, уонча мүнүүтэ туруорабын. Онтон иһиккэ сүөкээн, маринадын оргутан баран, төттөрү кутабын, хаппахтыыбын. Төһө баҕарар кэм устата сибиэһэй турар. Кыһын бааҥкатын арыйан, кыралаан ылан аска тутта сылдьарга табыгастаах.
Маринада: Биир лиитэрэ ууга биир остолобуой ньуоска туус, онтон арыый аҕыйах саахар оргутуллар, горошек биэрэс, душистай биэрэс, икки-үс сэбирдэх сельдерей, амсайан көрөн чочунаах уонна биир остолобуой ньуоска 9 %-наах уксуус кутуллар.
Раиса Сибирякова.