Таһырдьа туох барыта халыҥ хаарынан бүрүллэн, дөйө тоҥон турар кэмигэр элбэх сибэккилээх дьиэҕэ киирдэххинэ, остуоруйа алыптаах эйгэтигэр тиксибит тэҥэ сананаҕын.
Лия Ефимова өр сылларга Саха тыа хаһаайыстыбатын академиятын сад-паарка комплексыгар үлэлээбитэ, билигин Ил Түмэн дьиэтин сибэккинэн симиир. Биһиги сайпыт ааҕааччыларыгар маннык сүбэлиир.
Күөххэ тардыһыы күүстээх
Кыһыммыт олус уһун буолан, күөххэ тардыһыыбыт ураты күүстээх. Ол иһин, хас дьиэ, тэрилтэ ахсын күөх муннук олус наада. Тыа сиригэр сибэккини олордорго табыгастаах усулуобуйа барыта баар. Уулара үчүгэй итиэннэ мас дьиэ салгыннаах, тула өттүттэн эргиччи түннүктэрдээх буолан, сибэккини талбыт сиринэн туруоруолар. Оттон таас дьиэҕэ салгын суох уонна кыбартыыра биир эрэ эҥээринэн түннүктээх буолан, үүнээйини үүннэрии саталы эрэйэр.
Иһит
Сибэккигэ суолтата улахан. Маҕаһыыҥҥа дэлэйбит пластмасса вазон тутарга-хабарга табыгастаах эрээри, ууну эргиппэт буолан, сибэкки силиһин сытытар. Онон, үүнээйини мас иһиккэ биитэр лааҕа суох туой көһүйэҕэ олордор ордук.
Буор
Бастаан иһит түгэҕэр салгын хачайданарыгар анаан өрүс тааһын, керамзиты кутан дренаж оҥоруллар, үрдүгэр өрүс кумаҕын эбиллэр, онтон буору кутуллар. Дьиэ сибэккитэ тропическай дойду үүнээйитэ биһиги буорбутун ыарырҕатар буолан, билигин дьон үксэ маҕаһыыҥҥа атыыланар буору ордорор. Маннык буор култуура ахсын тус-туһунан буолар, холобур, кактустарга, розаларга о.д.а. Оттон бэлэм буор суох түбэлтэтигэр кунуска мас чоҕун, туорпаны уонна тыаттан от-мас буордуйбут араҥатын булкуйуллар.
Уу
Кыһыл көмүс быраабыла: кыһын үүнээйигэ ууну элбэҕи кутуох кэриэтин, тарда соҕус, ыйга иккитэ кутар ордук. Хаар уонна муус уулара ордук иҥэмтэлээхтэр, ону эрдэттэн бэлэмнээн, хос иһинээҕи температураҕа тутан баран кутуллар.
Джунгли үүнээйилэриттэн төрүттээхтэрин быһыытынан сииктээх салгыҥҥа наадыйалларын учуоттаан, кэмиттэн-кэмигэр ардахтатар көмөлөөх.
Эбии аһатыы
Олус наада. Кыһын баччаларга ыйга биирдэ, сайын уоннуу хоно-хоно. Сибэкки көрүҥнэринэн аналлаах эбии аһылык эгэлгэтэ (холобур, аҥардас розаларга о.д.а.) маҕаһыыннарга атыыланар. Ол суох сиригэр эбиилиги маннык оҥоруҥ: ынах иигиттэн, хойуутуттан баһан киллэрэн, хас да хонукка күҥкүтүллэр. Барбыт чэй курдук өҥнөммүтүн кэннэ, ууну кутар курдук кутуллар. Сорохтор күөл былыыгын тутталлар. Баччаларга былыыгы сүөһүгэ эбии аһылык быһыытынан мээнэҕэ сиэппэттэр.
Сиэмэнэн тылыннарар ордук
Ыйыталаһан биллэххэ, хаһаайкалар үүнээйини маҕаһыыннартан, дьаарбаҥкалартан атыылаһар, бэйэ-бэйэлэрин кытары атастаһар эбиттэр. Мин кинилэргэ сиэмэнэн эмиэ үүннэрэри сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ, сиэмэнэн тылыннарыллыбыт үүнээйи бэйэ усулуобуйатыгар үөрэнэн улаатар, ыарыыга ылларымтыата суох буолар. Иккиһинэн, сибэкки барахсан үйэтэ кылгас, үһүс сылыттан “кырдьар”. Ити иһин биһиги Ил Түмэн дьиэтигэр сиэмэнэн үүннэрэ сатыыбыт эбэтэр бэйэтиттэн үнүгэс ылан, элбэтэбит. Холобур, сайын таһырдьа туруораары гераньнары элбэтэ сылдьабыт. Быйыл фиалкаларбыт үчүгэйдик сибэккилээтилэр, солбуйса сылдьан тахсаллар, бачча тымныыга сибэкки силигилээн турара сүргэни көтөҕөр.
Ханнык сибэккини ханна?
Куукунаҕа, газ оһох турар сиригэр: салгыны ыраастыыр хлорофитуму үүннэриллэр. Саамай сырдык сиргэ, күн уота оонньуур түннүгэр: абутилон, евгения, сансивиера, клеродондрон, кринум, цитрусовайдар, амариллис, антуриум, аралия, калла, кипарис. Күлүктээх соҕуска: аукуба, юкка, драцена. Киэҥ саалаҕа, фойеҕа: гортензия, фикус, канна, олеандр, Китай розана, бамбук, лавра. Хотугу түннүккэ: бегония, фиалка, аралия, гиппоаструм. Мөлтөһүөр сырдыктаах муннукка: аспидис, папоротник, пальма, хамедорея.
Өйдөөҥ:
1. Төһө да итии дойдуттан төрүттээх буоллар, сибэкки дьиэ иһэ олус сылааһын, оһохтон чугас турарын сөбүлээбэт, салгын хамсааһына суоҕуттан ыгыллар. Эмискэ кутуллубут тымныы салгыны тулуйбат, форточканы хас да хос маарыланан бүрүйүҥ.
2. Кыһын үргүйэр түннүккэ, аан таһыгар, быһата, салгын курдары охсор сиригэр туруорумаҥ.
3. Билигин, «нуктаан» турар кэмигэр, мээнэ хамсатымаҥ, улаатарын-үүнэрин саҕана саас көһөрүҥ. Онуоха олус улахан иһиккэ олортоххутуна үүнэр уоҕа барыта силиһигэр баран, өнүйүө суоҕа.
Сибэккини кыһын көрүүгэ-истиигэ сүбэм итинник. Күөх үүнээйини элбэҕи олордуҥ, тулаҕытын киэркэтиҥ, оҕолоргутун кэрэнэн иитиҥ!
Хаартыскаларга:
Ил Түмэн фиалкалара сибэккилээтилэр
Муннукка пальма ордук
Көрүдүөрү киэргэтэллэр
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.