Хаартыска: PxHere
Бэнидиэнньиктэн православнай христианнарга Улуу пост иннинээҕи бырааһынньык -- Масленица саҕаламмыта. Бу нэдиэлэни быһа үгэһи тутуһар дьону көр-нар, бэйэ-бэйэҕэ ыалдьыттаһыы, араас начыыннаах билиинчиктэринэн күндүлэһии, күүлэйдээһин, сыыртан сырылааһын күүтэр.
Саха дьоно төһө да бары үгэһи тутуспаталлар, хас ыал аайы билигин хаһаайкалар минньигэс билиинчик буһарар буолуохтаахтар. Онуоха ырыссыап арааһа үгүс, ким хайдах сөбүлүүрүнэн. Арай, ураты соҕус көстүүлээх билиинчиги буһаран, чугас дьоҥҥутуттан хайҕаныаххытын сөп.
«Куруһуба» билиинчик
Судургутук оҥоһуллар эрээри, олус кэрэ көстүүлээх билиинчиги буһаран, дьиэ кэргэҥҥитин, доҕотторгутун күндүлээҥ.
- «Роса» бытыылкатыгар 0,5 киилэ үүтү, 2 сымыыты, ч.нь. тууһу, 2 ост.нь. саахары, 2 ост.нь үүнээйи арыытын, 1 ыстакаан бурдугу кытары булкуйуҥ. Тиэстэ сынньылыйа сылдьар, алаадьы тиэстэтиттэн эрэ убаҕас буолуохтаах. Бытыылканы сахсыйан, дэлби булкуйуҥ. Уонча мүнүүтэ туруора түһүөххэ сөп, оччоҕо бурдук крахмала сыстыһан, ордук үллэр.
Бытыылка төбөтүгэр кыра дьөлөҕөстөөн баран, онон кутан, хобордооххо араас куруһуба курдук ойуулаан, араас быһыылаан, билиинчик буһарабыт. Кылаабынайа, тиэстэ кытыытынан төгүрүччү холбоһуохтаах, быстыа суохтаах. Минньигэстик аһааҥ!
+1
2
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
4