Сүбэһит: Кулгаах ыарыыларын хайдах бэйэбит эмтэнэбит?

13.02.2022
Бөлөххө киир:

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапвет-быраас, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн салгыы бэчээттиибит. Кулгаах ыарыыларын хайдах эмтэнэбит.

Кулгаах ыарыылара

Киһи кулгааҕынан 250-2000 ГЦ диапазоннаах саҥаны-иҥэни, тыаһы-ууһу истэр кыахтаах, ол эрэн, 20 сааһыттан саҕалаан, истэрэ мөлтөөн барар. 40 саастаах киһи ситэ истибэтэ биллэн барар. Бастаан утаа кулгаах үрдүк туоннары кыайан туппат буолар, холобур, дьахтар тыҥкынас саҥатын эгэлгэтин кыайан истибэт, сыыйа сөҥ да куолаһы истэрэ-араарара мөлтүүр.

Сааһырбыт киһи тымыра кытаатан, кыараан, холестериннанан, төбөтүн тымырдарын сэргэ, кулгааҕын гиэнэ мөлтүүрүттэн, истэрэ лаппа куһаҕан буолар. Кулгаахтарыгар тохтообот тыас куугунуур, ол тыас олус эрэйдиир, түүн да, күнүс да уурайбат, ыарыһаҕы сынньаппат.

Сүбэлэри туһан

Кулгаах кэйэн ыалдьар буоллаҕына, тууһу, кумаҕы сылытан, өрбөххө суулаан, тастан сылытыллар, угуттанар.

Кулгаах ириҥэлээх буоллаҕына, кириэн (хрен) суогун 3-4 таммаҕы куттан эмтэнэллэр.

Кулгаах тыаһын сүтэрээри “хмелек” диэн оту оргутан, олус итии эрдэҕинэ, иһиллэр эбит. Бу от туһунан интэриниэккэ көр. Миндаль арыытын 7-8 таммаҕы кулгаахтарыгар ый устата кутталлар эбит. Улуу нуучча омугун отоһута “Желчь одного козла хороша от звона в ушах, желчь зайца, смешанная с сахаром, если закапывать в уши – возвращает слух” диэн суруйар.

Ыалдьар кулгаахха баатаны испиирдээн баран, иһигэр уктахха, сылытар уонна ыарыытын аһарар буолара (борный спирт). Кулгаах иһин быһа сиэбэтин диэн, ууруох иннинэ ынах арыытынан сотуллуохтаах.

Кулгаах тыаһын алтанынан тартардахха, кыччыыр, сүтэр буолара. 1961 сыл иннинээҕи манньыаттары кулгаах уэннигэр уонна иннигэр пластырдаан, туттаран, 2-3 күн сылдьан баран, устан сынньатыллар. Уһуннук туттуллар. Туһаныллыбыт манньыаттары суоракка уган ыраастаныллар.

Прополис испииргэ настойкатын тутталлар. 100 гр. испииргэ 40 гр. прополиһы кырбаан, кутан настойкалыыллар, сотору-сотору сахсыйаллар. Чэй өҥүн курдук буолуор диэри туруораллар, сиидэлээн, олива арыытын кытта (1:4) булкуйаллар. Чараас туруунда оҥостон, кулгаах иһигэр симэллэр, 36-38 чаас устата укта сылдьаллар. Эмульсияны туттуохтарын иннинэ кичэйэн сахсыйаллар. 10-12-тэ оҥостоллор, бу ныьмаҕа истэллэрэ 80% буолар диэн үөрэллэр.

Хатыҥ дьүөкэтэ аптекаҕа атыыланар. 1 ч.нь. дьүөкэти 1 ыстакаан сылаас үүккэ суурайан, күҥҥэ үстэ аһылыкка булкуйбакка иһиллэр. 1,5 ыйга көтүппэккэ истэххэ, киһи истэр буолар диэн суруйаллар.

Кулгаах ириҥэлэннэҕинэ, эриэппэ луугу кырбаан, ньыһан, суогун ылан, тампоҥҥа оборторон кулгаахтарыгар укталлар.

Авиценна сүбэтинэн, 20 араас оруоса сибэкки сэбирдэҕин хомуйан, 100 гр. оргуйа турар ууга сытыараллар, 30 мүнүүтэ буолан баран, уутуттан ыган ылаллар, уутугар 5-10 гр. мумиены уонна 3-5 таммах оруоса арыытын куталлар. Бу ууну иһиттэри уулаах иһиккэ уган, уутун аҥаара көтүөр диэри өр оргуталлар. Киэһэ утуйарга 3 таммаҕы кулгаахтарыгар куталлар – 2-3 нэдиэлэ устата. Тыаһыыр кулгаахха туруунда оҥостон, 24 чааска хааллараллар.

Тымныйан, кулгаах астаҕына, уулаах отон сэбирдэҕин биир сабардамы (уҥа илиигинэн бобо тутан ылбытыҥ) 200 гр. оргуйа турар уунан кутан, 1 чаас туруоран баран, ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ 2-3-тэ иһиллэр.

Сыһыы куолахаһынан (герань луговая) сууннахха, көмөлөөх.

Аптекаҕа экстракт элеутерекокка диэн сылайыыга туттар эмп баар. Бу эми харах-кулгаах мөлтөөтөҕүнэ эмиэ иһиллэр.

50 гр. хара өҥнөөх хаһаайыстыбаннай мыыланы түөркэлээн, 50 гр. хара бурдугу эбэн, 1 ост.нь. мас арыытын 1 ост.нь. мүөтү булкуйан, ыстакаан түөрт гыммыт үһүн оргуйа турар уунан кутан, 2-3 мүнүүтэ оргутллар. Онно 1 чүмэчини үөһүн быраҕан, уулларыллар. Маннык оҥоһуллубут Тибет пластырын кулгаах кутургуйатыгар, эмиий хомуогуруутугар (мастит), тарбах көрөр буолуутугар, уҥуох көмүрүөтүйүүтүгэр (остеомиелит) туттуллар.

Кытайдардыы эрчилин

Кулгаахтаргын ытыстаргынан саба тутун. Бу туран, үс ортоку тарбахтаргынан кэтэххин тоҥсуй, бэйэҕэр барабаан тыаһа иһиллиэҕэ. Тохтуу-тохтуу 12-тэ барабааннаа, ытыстаргын ыкса сыһыаран баран, эмискэ араар уонна эмиэ барабааннаа.

Сөмүйэлэргин кулгааҕыҥ дьөлөҕөһүгэр уган, иннигэр-кэннигэр эрийтэлээн биэр. Онтон эмиэ эмискэ таррбахтаргын ыллаххына, кыра тыас иһиллиэ.

Киһи кэтэҕинэн элбэх эниэргийэ алтыһан ааһар, бу эрчиллии кэнниттэн киһи туруга көнөр, ол иһин сылайдахха уонна хас сарсыарда аайы кэтэҕи барабаанныыр үчүгэй дьайыылаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1