Былыр, чэй суоҕуна, өбүгэлэрбит хатыҥ чээрэтин, кучу чэйи иһэн олорбуттара. Кучу чэй доруобуйаҕа туһата баһаам. Ол эрээри, ону сөпкө бэлэмниэххэ наада эбит.
Чэй туһата
Академик, профессор Альберт Никитин кучу чэй састаабын анаан чинчийбит. Онно биллибитинэн, кучуга (иван-чай) 70-71 туһалаах микроэлемент баар эбит. “Ити Менделеев таблицатын улахан аҥара. Кини саамай туһата диэн – организмы шлактан ыраастыыр уонна айылҕа анаабыт антисептига буолар”, — диэн кини этэн турар.
Ол эбэтэр, икки нэдиэлэ устата күн аайы 3-4 чааскы кучу чэйи истэххитинэ, эккит-сииҥҥит ыраастанан, чэбдигирэн барарын билиэххит. Ис-үөс, оһоҕос, хабах, ньиэрбэ, тирии ыарыыларыгар үчүгэйдик көмөлөһөр, иммунитеты күүһүрдэр, хаан састаабын тупсарар, тииһи, баттаҕы, тымыры бөҕөргөтөр, искэн тахсыытын сэрэтэр, хаан баттааһынын тупсарар, сылайыыны-элэйиини аһардар. Арыгыттан сүһүрбүт дьон эттэрэ-сииннэрэ ыраастанарыгар көмөлөһөр. Ыалдьар дьон үтүөрэллэрин түргэтэтэр.
Кистэлэҥэ – сүмэһинин көөнньөрүү
Дьэ, бу маннык туһалаах чэй оннугар тоҕо хантан кэлбитэ биллибэт, араас чэй тобоҕун, кыраасканы симпит “пакеттарын” иһэ сылдьабыт?
“Ээ пахай, от амтаннаах, оту испэппин, чэйим амтана быдан ордук” диэччилэр.
Итиннэ анаан этиэҕи баҕарыллар – кучу оту көннөрү хатардахха, кырдьык, от амтаннаах буолар. Оттон чэйи атын технологиянан оҥоһуллар эбит. Ол эрэн, ханнык баҕарар киһи дьиэтээҕи усулуобуйатыгар оҥоруон сөптөөх!
“Ээ, бадьыыһа бэрт, бэлэми атыыласпытым ордук”. Суох, кучу чэйи оҥоруу сир аһын астыырдааҕар, уустуга суох. Өссө судургу да диэххэ сөп. Ону тэҥэ, бэйэ дойдутун илгэтин иҥэриммит, аар айылҕа бэлэҕин доруобуйаҕа туһатын ол “пакеттаах” чэйи кытта хайдах тэҥниэҥий? Кэнники кэмҥэ «хас биирдии сэбирдэҕи эрийиллэр, оччоҕо чэй буолар» диэн иһитиннэрии тарҕаммыт этэ. Ол оннук эрийэ олордоххо, чахчы бадьыыстаах. Ол эрээри, оннооҕор судургу ньыма баар эбит.
Маннык сөпкө бэлэмнэммит чэй дыргыл сыттаах, чэй курдук амтаннаах уонна хараҥа өҥнөнүөр диэри хойуутук барар. Үүттээн да, мүөттээн да иһэргэ олус минньигэс! Онуоха өссө атын да хатарыллыбыт оттору (биэ эмиийин, моонньоҕон, дьэдьэн сэбирдэхтэрин), дөлүһүөн отонун эбиэххэ сөп.
Бу маннык бэлэмнэниллибит кучуну “копорский чай” диэн ааттыыллар. Бу чэй ферменнэрэ ыгыллыбыт, ол эбэтэр сүмэһинин таһааран баран, 24-48 чаас ыга баттаан, көөнньөрүллэр. Төһө өр тутаргыттан, чэйэ сырдык, хараҥа өҥнөөх буолар, амтана уларыйар.
Чэйи оҥорор судургу ньыма
Хас да ньыма баарыттан, саамай судургутун ылан көрүөххэ.
Кучу сэбирдэҕин уонна үөһээҥи сибэккитин (сиэмэтэ суоҕу) хомуйабыт. Угун алдьаппакка, умнаһын тутаат, аҥар илиигинэн үөһэттэн аллара сурулаттахха, бэрт үчүгэйдик кэлэр. Куйааска хомуллубат, “умайан” хаалыа. Аны сыттаах хомурдуос киирбэтин курдук, көрөн хомуйаҕын.
Кучу отун суол кытыытыттан хомуллубат. Ол да буоллар, сэбирдэхтэри сайгыы түһээт, хаһыакка, таҥаска тэлгээн, куурдабыт. Онтон илиибитинэн ыгыта тутан, сүмэһинин таһаарабыт. Элбэх сүмэһиннээх, сыттаах. Ол кэнниттэн 3 лиитирэлээх бааҥкаҕа симэн баран, инчэҕэй өрбөҕүнэн сабан, хараҥа сиргэ уурабыт.
36-40 чаас буолаат, сэбирдэхтэрбитин хостоон баран, 95-110 кыраадыска холбоон, духуопкаҕа хатарабыт. Ол курдук, хатыар диэри, булкуйан ыла-ыла, 1,5-2 чаас тутабыт. Бүтэһигэр кыратык уотун күүһүрдэн ылыахха сөп, оччоҕо амтана өссө тупсар.
“Копорскай” чэй хаппахтаах иһиккэ, кураанах, хараҥа сиргэ 3 сыл туох да буолбакка хараллыан сөп. Сытыйбыт от курдук сыттаннаҕаныа, быраҕыллар. Ол эрээри, сибиэһэйдии испит ордук. Сойбут чэйи иккистээн оргуттахха, сыта, амтана уларыйар.
Билигин кучу ситэн турар кэмэ. Сотору хатан хаалыа. Онон мүлчү туппакка, хомуйан, чэйи боруобалаан көрүҥ, доруобуйаҕытын тупсарыҥ!
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru