Сүбэһит: Күһүҥҥү сандалы “хоруола” — кабачок

06.09.2020
Бөлөххө киир:

Күһүҥҥү киһи – күлбүтүнэн” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хаһаайкалар кабачогу хото үүннэрэр уонна араас аһы астыыр буоллулар. Билигин кабачок сибиэһэй, сыаната чэпчээн турар. Онон барыанньаттан саҕалаан, тортка тиийэ араас эгэлгэ аһы астыахха сөп. Күһүҥҥү дьаарбаҥкаларга бэртээхэй ас! Бу сырыыга кабачоктан күннээҕи остуолга минньигэс, иҥэмтиэлээх бүлүүдэлэри, ону сэргэ, кыһыҥҥы хаһаас судургу ырыссыаптарын таһаарабыт.

edersaas.ru

Пицца

Кабачок – 2 устуука,

Помидор – 1 улахан, эбэтэр 2 орто,

Сыр – 100 гр.,

Бурдук – 100 гр. (4-5 ост. нь.),

Сымыыт – 2 уст.,

Укроп, эбэтэр петрушка, чеснок – 1 өлүүскэ, туус, хара биэрэс.

Бу дьиҥнээх пицца буолбатах эрээри, оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут пиццаны санатар, түргэнник оҥоһуллар бүлүүдэ. Кабачогу теркалаан, туустаан баран, 5 мүнүүтэ иһиккэ хаалларабыт. Онтон уутун ыгабыт. Сыры теркалыыбыт, помидору төгүрүктүү быһабыт.

Кабачокка сымыыты, укробу, бурдугу, тууһу, биэрэһи, бытархайдык кырбаммыт чесногу кутан, булкуйабыт. Духуопкаҕа угуллар иһит түгэҕэр ити маассаны кутабыт, үрдүгэр помидордары ууран баран, 180 кыраадыска 1 чаас кэриҥэ буһарабыт. Үөһээ өттө хоруораары гыннаҕына, фольганан сабабыт. Ол кэнниттэн сыры кутан баран, ууллуор диэри 5 мүнүүтэ уган ылабыт.

Кабачоктан фриттата

Фриттата – бу итальянскай омлет. Сымыыттан хал буоллахха, маннык оҥостуохха сөп.

Сымыыт – 5 уст.,

Кабачок – 180 гр.,

Луук – 40 гр.,

Моркуоп – 30 гр.,

Укроп, туус, мас арыыта.

Луугу бытархай гына кырбаан, моркуобу теркалаан баран, арыыга ыһаарылыыбыт. Кабачогу түөрт муннуктуу кырбастаан баран, луукка, моркуопка эбэн, 5 мүнүүтэ устата хаппахтаан, бүскүтэ түһэбит, туустуубут. Сымыыты блендеринэн эрийтэрэн, укроптаан баран, оҕуруот аһын кытта булкуйабыт. Духуопкаҕа буһарыллар иһиккэ кутан, эрдэ сылыйбыт оһоххо уган, 20-40 мүнүүтэ буһарабыт. Төһө халыҥнааҕыттан көрөн, буһар кэмэ быһаарыллар. Буһан эрдэҕинэ, үрдүгэр сыр таммалатыахха сөп.

Чебурек

Кабачок – 2 уст.,

Үүт – 50 мл.,

Сымыыт – 1 уст.,

Бурдук – 100 гр.,

Күөх луук сүүмэҕэ, туус, биэрэс.

Кырбаммыт эт, эбэтэр фарш – 250 гр.

Луук, туус, биэрэс.

Кабачогу теркалаан, туустаан баран, туруора түһэбит, сүмэһинин ыгабыт. Сымыыты, күөх луугу эбэбит, туустуубут. Үүтү, бурдугу кутан, хойуу тиэстэни оҥоробут.

Тиэстэни сылыйбыт хобордооххо чараастык тэлгэтэн, билиинчик буһарабыт. Буһа түспүтүн кэннэ, билиинчик биир өттүгэр эт фаршын тэнитэбит, атын өттүнэн сабабыт, чебурек курдук быһыылыыбыт, кытыытын биилкэнэн баттаан, сыһыартыыбыт. Икки өттүнэн эргитэ сылдьан, мөлтөх уокка буһарабыт.

Голубцы

Кабачок – 3 уст.,

Эриллибит эт – 250 гр.,

Рис – 100 гр.,

Эриэппэ луук – 1 уст.,

Туус, хара биэрэс.

Соуска:

Сүөгэй – 2 ост.нь.,

Томат паастата – 2 ост.нь.,

Хмели-сунели – 1 ч.нь.,

Уу – 100 мл.

Эриллибит эккэ (куурусса да гиэнэ буолуон сөп) луугу кырбаан кутабыт, туустуубут, биэрэстиибит. Риһи хас да ууга сууйан, дуршлагка куурда түһэн баран, фаршка кутабыт.

Кабачогу сууйан баран, хахтаабакка эрэ төрдүттэн төбөтүгэр диэри синньигэс лиэнтэ курдук быһабыт. Манна анал быһар тэрил көмөлөһүөн сөп, эбэтэр сытыы быһаҕынан сэрэнэн быһабыт. Туустаан баран, сүмэһинэ сүүрдүн диэн, дуршлагка уган, туруора түһэбит. Сатамматах, быстыбыт кабачоктары бытархай гына кырбастаан, эккэ кутабыт, булкуйабыт.

Кабачок быһыллыбыт лиэнтэтигэр эти суулаан, голубцы курдук оҥоробут. Хобордооххо угаттаан иһэбит. Ыһыллыбатын курдук, силбэспит сирэ аллараа өттүгэр буолуохтаах.

Соус оҥорорго ыйыллыбыт бородуукталары булкуйабыт, голубцы барыта бүрүллэрин курдук, хобордооххо кутабыт. Соус оргуйан бүллүгүрээбитин кэннэ, уотун кыччатан баран, 40 мүнүүтэ буһарабыт. Уута уоллаҕына, арааран баран, хаппахтаан, 10 мүнүүтэ туруора түһэбит.

Ананаас амтаннаах хомпуот

Кабачок – 0,5 киилэ,

Ананаас утаҕа – 0,5 мл.,

Уу – 750 мл.,

Саахар – 3 ост. нь.,

Ванилин, лимоннай кислота.

Бааҥкалары, хаппахтары суодалаан сууйан баран, көстүрүүлэҕэ уган, оргутабыт (стерилизация). Хомпуокка эдэр, тириилэрэ алдьамматах кабачоктар барсаллар. Хахтаан баран, төгүрүктүү бысталыыбыт. Ол кэнниттэн ортотугар кыра төгүрүктэри оҥо быһан, ананаас “биһилэхтэрин” курдук быһыылыыбыт.

Уулаах көстүрүүлэҕэ кабачоктарбытын угабыт, уута оргуйаатын кытта, уотун мөлтөтөн баран, 5 мүнүүтэ буһарабыт. Күүстээх уокка эбэтэр өр туттахха, илдьирийэн хаалыан сөп. Сэрэнэн уутун тоҕобут. Кабачоктары бааҥкаларга угаттыыбыт. Наһаа симиэ суохха наада. Ванилины уонна лимоннай кислотаны, саахары кутабыт, кээмэйэ — бэйэҕит сөбүлүүргүтүнэн.

Көстүрүүлэҕэ ананаас суогун кутан, оргутабыт. Тута кабачоктаах бааҥкаларбытыгар кутабыт, хаппахтыыбыт. Таҥнары тутан баран, халыҥ таҥаһынан бүрүйэн, сойутабыт. Ол кэнниттэн сөрүүн сиргэ (холодильникка) ыйы быһа туруорабыт, оччоҕо ананаас суога кабачоктарга иҥэн, соҕуруу дойду фруктатыттан туох да атына суох буолар.

Лимоннаах барыанньа

Кабачок – 1 киилэ.

Лимон – 1 уст.,

Саахар – 400 гр.

Кабачогу хахтыыбыт, сиэмэтин ыраастыыбыт. Ыраастаммытынан 1 киилэ буолуохтаах. Түөрт муннуктуу кырбастыыбыт. Лимону үчүгэйдик сууйан баран, хаҕын терканан аалабыт, бэйэтин түөрт муннуктуу кырбастыыбыт.

Кабачоктары саахарынан кутан баран, 10 мүнүүтэ туруора түһэбит, онтон 45 мүнүүтэ буһарабыт. Лимон хаҕын уонна аһын кутабыт, өссө 15 мүнүүтэ буһарабыт. Бу курдук түүнү быһа туруорабыт, сарсыарда уонча мүнүүтэ оргута түһэн баран, тута стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутабыт.

Джемҥэ майгынныыр минньигэс барыанньа бэлэм!

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска, ырыссыап — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0