Сүбэһит: Күнтэн харыстаныы

24.06.2022
Бөлөххө киир:

Күн баар буолан, бу Сиргэ олох баар. Туох баар тыынар тыыннаах күн эниэргийэтинэн аһаан олорор. Үүнээйи күн эниэргийэтин иҥэринэн улаатар (фотосинтез), ону кыыллар сииллэр. Кыыл, сүөһү этин сиэн, биһиги күн эниэргийэтин астан эмиэ ылабыт. Онон айылҕаҕа эниэргийэ итинник эргийэр.

Күнтэн Д битэмиини ыларбыт туһунан бары да билэргит буолуо. Пандемия кэмигэр Д битэмиин иммунитекка, эккэ-сииҥҥэ туһатын туһунан иһиттэххит. Ол эрээри, күн уота тириини кырытыннарар, бэл диэтэр, тирии искэнэ үөскүүрүн төрүөтэ буолар диэн элбэхтик суруйаллар. Оччотугар, тириибитин Д битэмиинтэн харыстыыбыт дуу, күҥҥэ көрдөрүөхтээхпит дуу? Туһалаах Д битэмиини хайдах гынан ылабыт?

“Күнэ суох Сир Ийэ күкээриэ…”

Күн уотуттан серотонин диэн гормон оҥоһуллар. Серотонинтан киһи настарыанньата көтөҕүллэр, аһыах баҕата кэлэр, утуйара тупсар. Ону тэҥэ, күн сардаҥатыттан эндорфин диэн дьол иэйиитин уһугуннарар гормон үөскүүр. Ол иһин киһи чаҕылхай күннээх күн сүргэтэ көтөҕүллэр, оттон былыттаах халлааҥҥа баттатар. Күнэ суох киһи иинэн-хатан, ыалдьан барар.

Күн сардаҥатыттан тымырдар кэҥииллэр, лимфоциттар (хаан үрүҥ килиэккэлэрэ) элбииллэр, организм элбэх кислороду ылар, сүрэх былчыҥын үлэтэ тупсар, бэссэстибэлэр атастаһыылара тэтимирэр. Ньиэрбэ вегетативнай систиэмэтэ, гормоннар үчүгэйдик үлэлээн, килиэккэлэр чөлгө түһэллэр, баттах, тыҥырах, уҥуох үүнэрэ түргэтиир, эниэргийэ, эрчим эбиллэр.

Д битэмиин элбэх буоллаҕына, киһи саахар диабетынан уонна остеопороз ыарыынан ыалдьыбатын кэриэтэ. Ону тэҥэ, бу битэмиин кальций-фосфор атастаһыытын хонтуруоллуур, бааһы түргэнник оһордор, вирустары, бактыарыйалары суох гынар. Д битэмиин тиийбэт буоллаҕына, иммунитет мөлтүүр, настарыанньа түһэр, оҕолорго рахит ыарыы үөскүүр.

Онон, күн уотун туһата элбэх. Ол эрээри, буортута эмиэ аҕыйаҕа суох. Ультрафиолетовай сардаҥалар коллаген белогун алдьаталлар, онон тирии мырчыстан, кырдьан барар. Ону тэҥэ, бээтинэлэр үөскүүллэр. Сороҕор “кератома” диэн мэҥ үөскүүр, салгыы улаатар, эттэнэр, хаҕыланар, хааннырар буолар. Бу мантан тирии искэнэ үөскүөн сөп.

Ол иһин тириини күнтэн харыстыыр кириэминэн соттуллуохтаах. Аны туран, маннык кириэминэн сотуннахха, Д битэмиини ылбаккын. Оччотугар, хайдах гынан “икки куобаҕы” тэҥинэн тутуохха сөбүй?

Д битэмиини ылыы кистэлэҥэ

Хотугу эргимтэҕэ олорор дьон Д битэмиини ситэ ылбаппыт биллэр. Оннооҕор сылы эргиччи чаҕылхай күннээх, соҕуруу дойдулар олохтоохторугар тиийбэт диэн суруйаллар. Ол иһин, Д битэмиини эмп курдук эбии иһэргэ күһэллэллэр.

Маннык туһалаах битэмиини ылар, күн эмтээх сардаҥаларын толору туһанар туһуттан, сарсыарда уонна киэһэ “күн баанналарын” ыларга сүбэлииллэр. Бу кэмҥэ күн сардаҥалара тириигэ буортута суохтар. Саамай сүрүнэ, күлүгүҥ бэйэҥ уһуҥҥуттан уһун, этиҥ-сииниҥ 70% аһаҕас буолуохтаах, күнтэн харыстанар кириэминэн соттуо суохтааххын, оччоҕо 20-30 мүнүүтэнэн сөптөөх Д битэмииҥҥин ылаҕын. Оҕолору эмиэ сарсыарда 11 чааска диэри, киэһэ 5 чаас кэнниттэн таһырдьа таһааран оонньотор, күүлэйдэтэр туһалаах.

Күн оройо буолла да, В сардаҥалар олус күүскэ тыгаллар. Бу кэмҥэ таһырдьа тахсар буоллаххытына, күнтэн харыстанар кириэми булгуччу туһаныҥ, сирэйи бүөлүүр сэлээппэни, бейсболканы, хара ачыкыны кэтиҥ.

Харыстаныы албастара

Күн сардаҥатын 3 көрүҥҥэ араараллар. UVC сардаҥалар озон араҥатын туталлар, UVA уонна UVB сардаҥалар Сиргэ тиийэллэр. Ордук UVA сардаҥалар былыты нөҥүөлээн киирэллэр, таҥастан, өстүөкүлэттэн да иҥнибэттэр. Тириигэ дириҥник өтөн киирэн, көҥүл радикаллары үөскэтэллэр, балар липидтэр аһыйыыларыгар, искэн тахсарыгар буруйдаахтар. Ону тэҥэ, бу сардаҥалартан мырчыстаҕастар, бээтинэлэр үөскүүллэр.

UVB сардаҥалар элбэх эниэргийэлээхтэр, саас-сайын ордук актыыбынайдар. Күҥҥэ харааччы сиэтии, тирии хаҕыланыар диэри быһа сиэтии бу сардаҥалартан буолар. Маҥан, чараас тириилээх дьон күнтэн аллергиялыахтарын сөп. Ол иһин UVA уонна UVB сардаҥалартан иккиэннэриттэн харыстаныахха наада. Ордук мэҥнэри, үөннэри меланомаҕа кубулуйбаттарын курдук, ультрафиолеттан харыстыыр оруннаах.

Күнтэн харыстанар кириэм SPF (Sun Protection Factor) диэн суруктаах буолар, В-сардаҥалартан харыстыыр. Оттон А-сардаҥалартан харыстыыр PPD (Persistent Pigment Darkening), PA (Protection Grade of UVA), IPD (Immediate Pigment Darkening) диэн суруктаах кириэмнэр бааллар. Сорох кириэмнэр UVA уонна UVB диэн суруктаах буолаллар, ол эбэтэр А уонна В сардаҥалартан тэҥинэн харыстыыллар.

Сайын күн аайы SPF+30 диэн, күнүс сөтүөлүүр, “загаардыыр” буоллахха,  SPF+50 диэн суруктаах кириэмнэри туһаныҥ.

Күҥҥэ быһа сиэттэххэ…

Тириини күҥҥэ быһа сиэттэххэ, кытаран, иһэн таҕыстаҕына, хаҕыланар буоллаҕына, хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?

Бастатан туран, тириини хаҕылыыр, ириҥэтин тэһэр, аалар, испиирдээх лосьоннарынан туһанар, мууһунан тутар, арыынан сотор, мыыланан сууйар бобуллар.

Кытарбыт эрээри, быһыта барбатах, аһаҕас бааһа суох буоллаҕына, тута суоратынан, кэпииринэн, сүөгэйинэн сотуллар. Оччоҕо тирии уоскуйар, сойор, кытарбыта ааһар. Салпыакканы сибиэһэй үүтүнэн, эбэтэр, күөх чэйинэн, ромашка оргуйбут уутунан илитэн баран, кэмпириэс оҥостуохха эмиэ сөп. Итийбит эти-сиини сөрүүкэтэргэ элбэх ууну иһиллэр, душтаныахха сөп.

Алоэ сэбирдэҕиттэн сүмэһинин ылан, тириини соттоххо, уоскутар, чөлүгэр түһэрэр. Маны тэҥэ, хаппыыста сэбирдэҕин, сибиэһэй хортуосканы, оҕурсуну, петрушканы илдьиритэн баран, эмиэ кэмпириэстэниэххэ сөп.

Бу кэнниттэн “Бепантол”, “Пантенол”, “Декспантенол”, “Актовегин” диэн эмтиир маастарынан сотуохха сөп. “Крем после загара” диэн анал кириэм эмиэ уоскутар, эмтиир аналлаах.

Сайыҥҥы тэттик сүбэлэр

Кумаар ытырбыт сирэ кыһыйар буоллаҕына, анал кириэмнэринэн («Фенистил-гель», «Фенидин», «Диместин», «Диметинден-Акрихин») сотор ордук. Ол суох буоллаҕына, 1 ост.нь. суоданы кыра ууга булкуйан баран, ытырбыт сиригэр тутуҥ, кыһыйарын тохтотуо. Алоэлаах гель, ментоллаах кириэмнэр эмиэ көмөлөһөллөр.

1 ост.нь. 9%-наах уксууска 2 ост.нь. ууну кутан, булкуйан баран, кумаар ытырбыт сирин сотуҥ. Луугу, эбэтэр лимону аҥаардаан баран, ытырбыт сиригэр туттахха, көмөлөһөр.

Кумаары куоттарарга чаайынай мас, лаванда, эвкалипт, гвоздика, базилик, анис эфирнэй арыыларын таҥаска, эбэтэр, аһаҕас тириигэ биһиҥ. Лимоҥҥа гвоздикалары дьөлүтэ баттаан баран, орон аттыгар уурдахха, үөннэр сытын сөбүлээбэккэ, куоталлар.

Сахсырҕалары куоттарарга буокканы пульверизаторга кутан баран, дьиэ иһигэр ыстараллар. Сытын сөбүлээбэттэр, ол иһин аһаҕас түннүгүнэн тахсан бараллар. Бааҥка хаппаҕар дьөлөҕөстөрү оҥортоон баран, дьаабылака уксууһун кутуллар. Сахсырҕалар дьөлөҕөһүнэн киирэн баран, кыайан тахсыбакка, өлөллөр. Ону тэҥэ, күүстээх банаар уотунан тыктаран баран, оҕустахха, сахсырҕа олорон биэрэр, көппөт.

Ромашкалаах, эбэтэр, алоэлаах ууну тоҥорон, кубигынан тириини сотуннахха, эдэригэр түһэр.

Сөрүүкэтэр утахтар

Дьиэтээҕи лимонад

2 апельсины, 2 лимоны үчүгэйдик сууйан, кырбастаан баран, 1,5 л итии ууга кутуҥ, саахардааҥ, сойутуҥ. Халадыынньыкка уган, тымнытыахха сөп.

Күөх смузи

1 оҕурсуну, 2 тутум сельдерейи, шпинаты, кинзаны (туох күөх от баарынан) кырбастаан баран, блендергэ эрийтэриҥ. Күөх чэйи, минералканы эбэн, убатан биэриэххэ сөп.

Хаартыска: kp.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0