Сүбэһит: Күн сыралҕаныттан харыстаныы

04.07.2018
Бөлөххө киир:

Д битэмиин тиийбэт буоллаҕына

Д битэмиин организмҥа туһата

Күн туһата уонна буортута

Кэнники кэмҥэ күн уота буортулааҕын туһунан үгүстүк суруйаллар. Чахчы, күнүскү күн уота тириигэ куһаҕаннык дьайар, эрдэ кырытыннарар, оннооҕор онкологияҕа тиэрдэрэ билиннэ.

Ол эрээри, күн уота киһи доруобуйатыгар олус ­наадалаах. Күн уотуттан киһи организмыгар D битэ­миин үөскүүр. Кэнники кэмҥэ оннооҕор соҕуруу дойдуларга олорор дьоҥҥо D битэмиин тиийбэт буолбут, тоҕо диэтэр, күнтэн харыстанар кириэминэн хойуутук соттоллор. Бу битэмиин тиийбэтэҕинэ, тиис, уҥуох кэбириир (рахит), тиис алдьанар, диабет үөскүүр, киһи сылайа сылдьар буолар, мөлтүүр.

D битэмиин ордук хоту олорор дьоҥҥо тиийбэт, ол иһин  тоҥ балыгы, сиикэй эти сиэн толоруналлар. Дьиибэтэ диэн, олус хараарбыт дьон (ньиэгирдэр) D битэмиини кыайан иҥэриммэттэр эбит, ол иһин Африкаҕа рахиттаах оҕо элбэх. Онон аһара «загаардыыр» туһатынааҕар буортута элбэх.

Итии дойдуларга күнтэн бу курдук харыстаналлар

Сарсыарда уонна күнүс

Онон күҥҥэ сылдьыы быраабылаларын билиэххэ ­наада.

Сарсыарда уонна киэһэ күн уота мөлтөх, онон киһи тириитигэр куттала суох. Оттон бу кэмҥэ D  битэмиин ордук күүскэ үөскүүр. Онон, сарсыардаттан күнүс 11 чааска диэри уонна 5 чаастан киэһэ күҥҥэ сылдьартан куттанымаҥ, оҕолору таһырдьа сырытыннарыҥ, сөтүөлэтиҥ.

Күнүскү кэмҥэ таһырдьа сылдьар буоллахха, хайаан да  күнтэн харыстанар кириэминэн соттор наада. Ону тэҥэ сирэйи бүөлүүр улахан сэлээппэлэри, бейсболкалары, илиини-атаҕы көрдөрбөт сиэхтээх таҥаһы, бүрүүкэни кэтэр ордук. Азия итии дойдуларын дьоно итинник харыстаналлар.

Кириэмнэр араастара

Күнтэн харыстанарга анал кириэмнэр бааллар. Кинилэр SPF — Sun Protective Factor диэн бэлиэлээх буолаллар. Маҥан тириилээх дьон күҥҥэ ордук сиэтэллэр, ол иһин кинилэргэ күүстээх көмүскэл наада – кырата SPF 30-50. Кыаһаан тириилээх дьоҥҥо —  SPF 20-40.

Итии дойдуларга сынньана барар дьон үрдүк көмүскэллээх  SPF 30-50 кириэми илдьэ барыахтаахтар. Оттон сайын күн аайы туттар кириэмҥэ SPF 15-20 баар буолуохтаах, оччоҕо эбир үөскээбэт, тахсыбат.

Куйааска уу чугаһа ордук

Куйаастан көмүскэнии

Куйааска бэргэһэлээх, киһи этэ-сиинэ тыынар чараас (синтетика буолбатах), сырдык таҥастаах сылдьыллыахтаах. Элбэх ууну иһиллиэхтээх. Тымныы, гаастаах уу киһи утаҕын ханнарбат, сотору кэминэн өссө утатаҕын. Итии, сылаас чэй утаҕы ордук ханнарар.

Олус итииргээтэххэ, сирэйи, илиини, тилэҕи уунан илитэн ыллахха, кыраадыһы сойутар. Маҥан былааты ­сиигирдэн баран, моонньуга бааннахха, кондиционер курдук буолар. Ол эрээри, күөмэйдэрэ ыалдьар дьон сэрэниэхтэрин наада. Бу итии дойдуларга бэрэбиэркэлэммит ньыма, куйааһы тулуйарга чахчы көмөлөһөр.

Күҥҥэ оҕустардахха

Тирии хаҕыланан түһүөн, бааһырыан сөп. Уунан суунан, эбэтэр инчэҕэй таҥаһы ууран, сойутуохха наада. Онтон пантеноллаах оһордор кириэминэн сотуллар. Маастары, испиири туттумаҥ.

Күҥҥэ оҕустарбыт (тепловой удар) киһи олус итииргээн, организма кыайан сойутуммакка, мэйиитигэр, ­ньиэрбинэй систиэмэтигэр охсор. Уҥуон, сүрэҕэ тохтуон сөп. Бас­таан төбөтө ыалдьар, сэниэтэ эстэр, хотуолуур, тэмтээкэйдиир, тыына хаайтарар, муннун хаана кэлэр. Бу кэмҥэ көмөлөспөтөххө, эмискэ сирэйэ кубарыйар, уҥан түһэр, тартарар, этин суоһа 41-42 кыраадыска тиийэ үрдүүр. Маннык түгэҥҥэ уон киһиттэн иккитэ өлөр.

Күлүккэ, эбэтэр сөрүүн дьиэҕэ киллэрэн, атаҕын өрө көтөҕөн (анныгар тугу эрэ ууран биэриҥ) сытыарыҥ. Сыгынньахтаан баран, инчэҕэй таҥаһынан бүрүйүҥ, уута иһэрдиҥ, кэтэҕэр, сүүһүгэр тымныы уулаах (муустаах) кэмпириэһи ууруҥ. Уҥмут буоллаҕына, нашатырдаах испиири, аммиак булкадаһыгын сыттатыҥ. Тыыммат уонна пульса бытаарбыт буоллаҕына, бастакы көмөнү оҥоруҥ, бырааһы ыҥырыҥ.

Күҥҥэ оҕустарбыт киһиэхэ арыы уута (пахта) олус туһалаах. Ону тэҥэ үлэлээбэккэ, барбакка-кэлбэккэ хас да күн сытан сынньаныахтаах. Бу кэмҥэ организмыгар хаан, ­ньиэрбэ систиэмэлэрэ чөлүгэр түһэринэллэр.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0