Сүбэһит: искэн ыарыыта

15.02.2022
Бөлөххө киир:

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, иннэһит, терапевт-быраас, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн салгыы бэчээттиибит.

Биир ыарыһаҕым кэпсииринэн, мухомор тэллэй искэн ыарыытыгар көмөлөһөр үһү. Кини куртах ыарыытыттан эмтээбитин кэпсээбитэ. Бэйэтэ омугунан нуучча киһитэ. Сахалар хаһан да дьааттаах тэллэй эмтиир дииллэрин истэ илигим.

1 лиитэрэлээх бааҥкаҕа, атахтарын тууран баран, мухомор сэлээппэлэрин толору симэр эбит. Бааҥка туолуор диэри буокканы кутар уонна 30 хонукка сири дьөлө хаһан, күн уота киирбэтин диэн, буорга көмөр эбит. Кэмэ кэллэҕинэ, хостоон ылан сиидэлиир, оҥорбут күнүн ыйар уонна халадыынньыкка хаһаанар. 1 таммахтан саҕалаан, оргуйбут сойбут ууга кутан, күҥҥэ үстэ иһэр. Күн аайы 1 таммаҕы эбэн, 10 таммахха тиэрдэр, онтон төттөрү биирдии таммаҕынан көҕүрэтэр, ити курдук 20 күн эмтэнэр.

Хортуоппуй сибэккитин хатаран, 1 ост.нь. 200 мл оргуйа турар уунан кутан, сылааһыгар 1-2 чаас туруоран баран, ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ иһиллэр.

27 устуука күөх грецкэй эриэхэни кыралаан баран, 1 лиитирэ буоккаҕа куталлар. 8 күн туруораллар, 50 гр. күҥҥэ үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ иһэн, искэн ыарыытыгар иһэллэр.

В.Востоков диэн илиҥҥи дойдулар мэдиссиинэлэрин үөрэтэр киһи сүбэлиир: 1 төбө чесногу ыраастаан, кырбаан, иһиккэ угуллар, онно 100 гр. өлбөөркөй өтөх отун сибэккитигэр (пустырник – тиэргэн аайы үүнэр, хаар уулунна да, өрө анньан тахсар) 200 гр. ууну эбиллэр, 200 гр. хараҥаччы отун (чистотел) суогун, 200 гр. испиири, 1 ост.нь. хатыҥ сүртүтүн (чага) мээккэлээн, 30 гр. манчаары силиһин (аир болотный) мээккэлээн, барытын булкуйан, оргутуллар. 7-10 хонукка хараҥа сиргэ туруоран баран, сиидэлээн ылыллар уонна 1 ост.нь. хатыҥ дьүөкэтин (деготь) эбиллэр. Маарыланы уган ылан, тирии оспот бааһын эмтииллэр, эмиий искэнин тартараллар.

Арбуз хаҕын хатаран, мээккэлээн, 2-3 гр. күҥҥэ үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ иһиллэр. Быар, таал искэнигэр уонна былчархайдар ыарыыларыгар туһаналлар.

Хараҥаччы ото (чистотел большой) оһоҕос, хабарҕа искэннэригэр туттуллара биллэр: килиэккэ үүнэ суох үүнэрин тохтотор. Бу үүнээйини сибэккилээн турдаҕына туһаналлар: сибэккитэ, ото, суога, күһүҥҥү силиһэ барыта туһалаах. Оту бастаан куурдаллар, салгыннаах сиргэ түргэнник хатар. Ыйаан хатарар ордук, сытыаран куурдарга түүнүгүрүөн сөп. 1 ост.нь. хаппыт оту 500 гр. оргуйа турар уунан кутан, 3 чаас бэйэтигэр туруоран сойуталлар. Сиидэлээн, ыстакаан үс гыммыт биирин күҥҥэ үстэ, аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ иһиллэр. Бу от суогун 1 таммахтан саҕалаан, күн аайы биирдии таммаҕы эбэн, 25-кэ тиэрдэллэр, онтон 1-дии таммаҕынан көҕүрэтэн, төттөрү 1-гэ тиэрдэллэр. Сарсыарда аччык искэ кыра уулаан иһиллэр.

Куртах уонна быар искэнигэр ууга көйөрөн, 20 гр. мээтэ хааппылатын (аптекаттан) уонна 300 гр. дөлүһүөн сиробун 1 ост. ньуосканан үстүү чаас буола-буола иһиллэр. Үс күн иһэн баран, 1 чаайынай ньуоскаҕа көһөн, күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ иһиллэр. Биир ый устата эмтэниллэр.

Хараҥаччы отун силиһин хомуйан, эмээл иһиккэ уган, 200 гр. оргуйа турар ууну кутан, алларатыгар уулаах иһиккэ уган (водяная баня) 20 мүнүүтэ оргутуллар, сиидэлээн ылыллар, хойуутуттан уутун ыгыллар. Уолбут буоллаҕына, 200 гр. буолуор диэри уу эбиллэр, икки хонук халадыынньыкка хаһааныахха сөп. Ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ иһиллэр.

Куртах искэнигэр уулаах отон сэбирдэҕин оргуталлар, бу иннинэ сэбирдэҕи, эмэ бардын диэн мээккэлииллэр. 1 ост.нь. оту 400 гр. итии уунан кутан, 15 мүнүүтэ устата уулаах иһиккэ уган (водяная баня) оргутуллар. 45 мүнүүтэ туруоруллар, сиидэлээн, ыстакаан чиэппэринэн күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ иһэллэр.

Кедр мас эриэхэтин ууга оргутан, испииргэ ностуойкалаан, эбэтэр, итии уунан саба кутан туруоран баран, хаан араагар эмтээнэллэр. Испииргэ ностуойкалыырга эриэхэ хаҕа барар, 10 хонук туруоран, 30-40 таммаҕынан күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ иһиллэр.

Моркуоп сиэмэтин, силиһин, сэбирдэҕин, суогун искэннээх дьоҥҥо барыларыгар сүбэлииллэр. Суогун ыган, ыстакаанынан күн аайы истэҕинэ, туруулаһар күүһэ үрдүүр, уһуктар диэн сөбүлүүллэр.

Малыын от (полынь, чернобыльник) 20 гр. от силиһин 100 гр. испииргэ ностуойкалаан, 25 таммаҕынан күҥҥэ иккитэ ууга суурайан иһэн, куртах, маатка искэнин эмтииллэр.

Муора хаппыыстатын искэннээх дьон уһуннук сиэхтээхтэр, хааннарын састааба тупсар, туруулаһар күүстэрэ эбиллэр. Хаппыыстаны хатаран, бороһуок оҥорон, 1 ч.нь. күҥҥэ үстэ, сылаас чэйи (ууну) кытары иһэллэр.

Сүртү (чага) куртах бааһын (язва), быар ыарыыларын, таал, куртах искэнин эмтиир. Бу тэллэйи бастаан ууга сытыаран сымнаталлар, түөркэлээн баран, иһиккэ угаллар уонна сабардамын 5 төгүл сабарын курдук сылаас (50 кыраадыс) ууну кутан, сөрүүн сиргэ 48 чааска туруораллар. Ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ үстэ иһэллэр.

Дьахтар ыарыыларыгар

Саха дьахтара 45-47 сааһыгар төрүүр-ууһуур аналын сүтэрэн барар. Оҕо үөскүүр гормоннара аҕыйаан сүтэллэр, яичниктар уорган быһыытынан иинэн-хатан бараллар.

Үгүс дьахтар организмыгар маннык уларыйыылар баралларын ыараханнык көрсөр. Эмискэ көлөһүн аллан кэлэр, тоҥор, эбэтэр, итииргиир, төбөтө ыгыллар, мэйиитэ эргийэр, сүрэҕэ өрүкүнэйэр, сэниэтэ эстэр. Маннык турук күҥҥэ уончата киирэр буоллаҕына, климакса чэпчэкитик ааһан эрэр диэххэ сөп. Сорох дьахталлар олус элбэхтик маннык турукка түһэллэр, үксүлэрин хааннарын баттааһына, саахардара үрдүүр, онон үлэлиир-хамсыыр кыахтара суох буолар.

Кини бэйэтин туругун сөпкө сыаналыахтаах – дьахтар барыта айылҕата уларыйарын өйдүөхтээх, кэхтэн, кырдьан эрэрин ылыныахтаах, сөбүлэһиэхтээх. Бу кэрдиис кэмҥэ аһылыгын, таҥаһын, туругун үчүгэйдик көрүнэ сылдьыахтаах, отунан-маһынан эмтэниэхтээх, физкультуранан дьарыктаныахтаах, элбэх битэмииннээх, иҥэмтиэлээх аһылыктаныахтаах.

Үгүстэр валериана ностуойкатын аптекаттан ылан, күҥҥэ үстэ иһэн, куттарын-сүрдэрин бөҕөргөтүнэллэр. Долохоно (боярышник) сибэккитин буоккаҕа ностуойкалаан, отонун чэй оҥостон, сүрэхтэрин бөҕөргөтөллөр. Быраас сүбэтин-аматын туһаныахха, көрдөрүнэ сылдьыахха наада.

Мээтэ от Саха сиригэр үчүгэйдик үүнэр, кыа уга (полынь) эмиэ баар. Бу оттору 1:1 оҥорон, оргутан иһэр үчүгэй. Миома – бу маатка былчыҥыттан тахсар искэн. Кини улаатан, хабаҕы, ииги мунньар бүөр турбатын баттыаҕын сөп уонна дьахтар хаана барар. Билиҥҥи үйэҕэ миоманы түргэнник быһаараллар, үгүстэрин эппэрээссийэ көмөтүнэн эмтииллэр. Норуот мэдиссиинэтэ сүртүнү (чаганы) туһанарга сүбэлиир.

Хортуоппуй сибэккитин хомуйан, араас искэннэргэ тутталлара биллэр. Аптекаҕа кыһыл төбөлөөх от (кровохлебка) ностуойката атыыланааччы, ону 30-50 таммаҕынан күҥҥэ үстэ хаан барыытыгар иһэллэр. Ону сэргэ, холугуруор оту (пастушья сумка) ууга оргутан истэххэ, хаан барыыта тохтооччу.

Киэли (маатка) искэнэ олус түргэнник улаатар, таһынааҕы уорганнары үлтү кумалаан, ыраах-чугас тарҕанар. Билиҥҥи кэмҥэ искэни онкомаркеры туһанан, эрдэ билэр буоллулар. Миэдиктэр үлэлэрэ сөпкө аттарыллан турбут буоллаҕына, рак ыарыы эрдэ булуллар, сөпкө эмтэнэр, үтүөрэр.

Дьахтар тымныйыыларын эрдэ көрүнэн, эмтэнэн истэҕинэ, искэҥҥэ кубулуппат. Эмиийгэ искэни буларга сыл аайы маммографияны ааһар хайаан да наада. Ыалдьыбытын да иһин, билиҥҥи мэдиссиинэ сайдыбыт үйэтигэр эрдэ булуллан, эмтэнэн үтүөрбүт элбэх.

Тускар туһан

Организм ыраастанарыгар кислоталар наадалар, шлагы тууска кубулуталлар уонна иигинэн таһаараллар. Норуокка дьаабылыкаттан уксуус оҥороллор. Дьаабылыка ханнык баҕарар суорда барар.

5 л ууга 5 киилэ дьаабылыканы түөркэлээн кутуллар, 100 гр. доруоһа, 1 киилэ саахар, 200 гр. суухара эбиллэр. Хаппахтанар эмээл иһиккэ кутан, суулаан, сылаас иргэ ууруллар. Күҥҥэ иккитэ-үстэ ытыйан биэриллэр. 10 хонук кэннэ сиидэлэнэр. Онно 100 гр. мүөтү уонна саахары дьаабылыка киилэтигэр суоттаан куталлар. Холобур, 5 киилэ дьаабылыка + 500 гр. саахар + 500 гр. мүөт. Сиидэлээн, өстүөкүлэ иһиккэ кутан, маарыланан сабан, 6-7 нэдиэлэ туруоруллар. Бу бириэмэҕэ көөнньөрө тохтуур, түгэҕэр сөҥөр. Онтон бытыылкаларга кутаттаан, кытаанахтык хаппахтаан, сөрүүн сиргэ хаһааныллар.

Бу уксуус элбэх калийдаах буолан, сүрэх ыарыһахтарга үчүгэй. Сүһүөх, ис-үөс ыарыыларыгар, ангинаҕа, туус олоруутугар күҥҥэ үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ 200 гр. ууга 2 ч.нь. уксууһу уонна 2 ч.нь. мүөтү эбэн, иһиллэр.

Үөс таастарын, тымыр оппуохатын (атеросклероз) суурайар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: kp.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0