Хортуоппуйу харайыы судургу эрээри, сыыһа тутуннахха илии соттон хаалыахха сөп. Ити ордук таас дьиэҕэ сыһыаннаах. Иккис килиэппит сытыйбатын туһугар, маҥан полиэтилен кууллааҕар бороҥ эбэтэр сиэккэ куул ордук. Маҥан куул салгыны аһарбат, онон хортуоппуйу түргэнник сытытар.
Тымныылар түстүлэр, хортуоппуй хостонно. Аны умуһахха кутар кэм кэллэ. Уһун кыһын устата хортуоппуй сытыйбатын туһугар, дьон араас ньыманы туһанар.
Былыргы дьахталлар умуһахтарын сайын халлаан куйаас эрдэҕинэ ыраастаан бүтэрэллэрэ. Сорох дьахталлар ыраастаан бүтэн баран тимир биэдэрэҕэ аҕыйах салаа кытыаны уматан буруо таһаараллара. Бу үөнү-көйүүрү өлөрөр, сииги тардар диэн ааттыыллара. Сорохтор итии чоҕу биэдэрэҕэ кутан уураллара.
Аныгы хаһаайкалар хортуоппуйу харайар ньымалара үгүс. Бу сырыыга исписэлиистэр тугу сүбэлииллэрин үллэстэбит. Умуһах 2-3 кыраадыс буолуохтаах, оттон сиигэ 80% тэҥнэһиэхтээх. Итинтэн тымныыга хортуоппуй үлүйэр, сылааска араскылыыр. Аны бөдөҥ хортуоппуйдааҕар, орто ордук тулуйумтуо, сымнаабат диэн этэллэр. Умуһахха кирээдэҕэ кутуллубут хортуоппуй үрдүгэр эриэппэ луук хаҕын эбэтэр сүбүөкүлэни куталлар үһү. Ити умуһах сиигин тардан, хортуоппуйу сытыйыыттан харыстыыр эбит. Аны халлаан сылыйыыта кирээдэ үрдүгэр аҕыйах устуука сибиэһэй дьаабылыканы аҥаардаан ууруҥ дииллэр. Оччоҕо араскыламмат үһү. Биллэн турар, кэмиттэн кэмигэр уларытан биэрэр ордук.
Тымныйыыга туох көмөлөһөрүй?
Сэрэтии. Оскуолаҕа, уһуйааҥҥа үөрэх саҕаланан, оҕолор ыалдьыталаан эрэллэр. Төрөппүттэр иммунитеты бөҕөргөтөргө тугу туһаныахха сөбүй диэн толкуйдаан эрэр буолуохтааххыт. Ол курдук, исписэлиистэр чили биэрэс, эриэхэ, имбирь силиһэ, лук уонна чеснок, дьаабылыка, киви, хурма, хаппыыста, минньигэс биэрэс, моонньоҕон, малина, ежевика, уулаах отон, клюква, дөлүһүөн туһалааҕын бэлиэтииллэр. Битэмиинэ тиийэр оҕо ыарыйдаҕына даҕаны түргэнник үтүөрэр диэн этэллэр.
Бастакы дьаһал. Өскөтүн дьиэҕэ биир эмэ киһи ыарыйдаҕына, туспа хоско сытыара сатааҥ уонна мааската кэтэрдиҥ. Ыарыһах баар хоһун күҥҥэ хаста даҕаны салгылатыҥ. Хоско быһыллыбыт луугу, чесногу ууруҥ. Аһыан баҕарбат киһини күүскүтүнэн аһатымаҥ. Ол оннугар элбэх сылаас (итии буолбатах) уута, морста иһэрдиҥ, битэмииннээх, куртахха ыарахана суох аһы биэриҥ. Уу киһи этиттэн-сииниттэн токсины таһаарар.
Ыарыйдахха. 1). Көннөрү хара чэйгэ лимон уонна мүөт кутан сылаастыы иһиллэр. Төһө элбэҕи иһэҕин, соччонон туһалаах диэн сүбэлииллэр. 2). Чесногу дэлби ньыһыйан баран эмиэ соччо мүөттэ кутан булкуй. Хаппахтаах иһиккэ уура сылдьан күҥҥэ 1-2 ньуосканы уулаан сиэххэ сөп.
Бэйэ тиэрмэһэ
Маҕаһыыҥҥа атыыланар дьоҕус тиэрмэс бэртээхэй тэрил эрээри, сыаналаах. Итиэннэ киһи бэйэтэ тутан-хабан оҥорбута саныахха да астык.
Онон бэйэ тиэрмэһин хайдах оҥостору сүбэлиибит. Ирдэнэр матырыйаал: эриллэр хаппахтаах (0,5 л.) таас бытыылка, 1 л. пластик бытыылка, фольга, поролуон эбэтэр атын сылааһы тутар матырыйаал, скотч. 0,5 л. бытыылкабыт таһын поролуонунан, ол таһынан фольганан бүрүйэбит, скотчунан туттарабыт. 1 л. пластик бытыылканы ылан ортотуттан үөһэ диэкинэн эргиччи быһабыт уонна бүрүллүбүт бытыылкабытын ол иһигэр угабыт. Үрдүнэн пластик бытыылка үөһэ өттүнэн хаппахтыы уурабыт. Бэйэ тиэрмэһэ бэлэм.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — интэриниэттэн.