СҮБЭҺИТ: Хортуоппуйбут өлгөмнүк үүннүн!

02.05.2024
Бөлөххө киир:

Сахабыт сиригэр сылаас күн-дьыл туран, сайыммыт чугаһаан үгүспүт арассаада олордор, сиэмэ бэлэмниир түбүгэр сылдьар. Сыл аайы оҕуруот үүннэрэр, дьарыктанар даҕаны дьон син биир мунаахсыйар, “хайдах гыннахпытына үчүгэй буолуой?” диэн санааҕа ылларар.

Хортуоппуйу олордуу, үүннэрии туспа кистэлэҥнэрдээх. Ол туһунан интэриниэккэ араас сүбэ-ама, социальнай ситимнэргэ видеолар, сурахтар-садьыктар тарҕаналлар. Маныаха хаһыаппыт ыалдьыта, Саха сиринээҕи Тыа ха­­һаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун хортуоппуйу үүннэриигэ уонна агроэкологияҕа лабораториятын научнай сотруднига Анна Викторовна Протопопова сүбэлэрин бэчээттибит. Анна Викторовна хортуоппуй уонна атын да үүнээйилэр ыарыыларын уонна ыарыыттан көмүскүүрү дириҥэтэн үөрэтэр.

Суорду сөпкө талыахха

Хортуоппуйу олордуох иннинэ, бастатан туран, сөптөөх суорду талыахтаахпыт. Саха сиригэр сөп түбэһэр барыта алта суорт баар: “Севернай”, “Якутянка”, “Тулунскай ранняй”, “Вармас”, “Любава” уонна “Невскэй”. Бу суортар Саха сиригэр хайдах даҕаны дьыл буоллун – ардахтаах буоллун, кураан буоллун син биир ас биэрэллэр. “Якутянканы” уонна “Севернай” суортары Саха сирин учуонайа Полина Охлопкова биһиги айылҕабытыгар сөп түбэһэр диэн үөрэтэн таһартаабыта. Онон саамай сөптөөх суортарынан балар буолаллар.
Маны таһынан, адаптированнай суортар диэн бааллар. Бу суор­тар сорох сыл дьыллыахтарын сөп. Ол аата үүммүт дьыл кэмин сөбүлээмиэхтэрин сөп. Олор истэригэр, холобура, “Каменскай”, “Адретта”, “Жуковскай”, “Василек”, “Розара” диэн суортар киирэллэр.

Үгүс дьон кыһыл аһы биэрэр суортаах хортуоппуйу тала сатыыр. Бу үүнүүнү биэрэр. “Якутянка” суорт 1 гектартан муҥутаабыта 25 туонна аһы биэриэн сөп. Бу олох үчүгэйдик көрдөххө, харайдахха, уутун куттахха, ол эбэтэр барытын сөпкө көрдөххө-иһиттэххэ эрэ. Кини аһа улахан бөдөҥ буолар. Оттон “Севернай” суорт аһа арыый кыра буолар. Саамай эрдэ ситэр суор­дунан “Тулунскай ранняй” буолар. Кини 55-60 күн иһигэр ситэр. Оттон “Вармас” саамай хойут ситэр суорт, онон атырдьах ыйын бүтүүтэ биирдэ улахан астарын кутуон сөп.

Күһүөрү хомуйа сылдьан эҥин араас дьикти быһыыламмыт-таһааламмыт хортуоппуйдары булабыт. Ити олордор сиргэ ыарыы тарҕаммытын, вирус баар буолбутун бэлиэтинэн буолар. Онон бу сир аһы биэрэрэ сыллата аччыыр, манна биир суорду 5-6 сыл тутар сөптөөх. Ол кэнниттэн суорду уларытар ордук.

Буору хайдах бэлэмниибит?

Хортуоппуйбут үүнүүтэ, атын үүнээйилэр курдук, сиртэн-­буортан тутулуктаах. Ол курдук, төһө үчүгэй буордаахпыт даҕаны, күһүн соччонон үчүгэй үүнүүнү ылабыт диэн өйдүөхтээхпит.

Буору бэлэмнииргэ уоҕурдууга болҕомтону ууруохха наада. Буорга азот, фосфор, калий баар, хортуоппуй аһа үүнэн тахсарыгар буортан эмиэ ону ылан тахсар. Онон сыллата буор туһалаах элэмиэннэрэ көҕүрүүллэр, сотору кэминэн ол бүтэр даҕаны. Уоҕурдуу куппуппут буорбутугар төһөтө иҥмитин, хаалбытын сатаан билбэппит. Ол иһин буору хайаатар даҕаны анаалыска биэриэххэ наада. Ол анаалыһы Дьокуускайга Каландаришвили уулуссатын 3-с нүөмэрдээх дьиэтин бастакы уонна иккис этээһигэр баар Агрохимическэй ыс­­таансыйаҕа тустаах исписэ­лиистэр оҥороллор. Ол үлэһиттэр эһиги учаастаккыт буоругар ханнык уоҕурдуута, элэмиэнэ тиийбэтин быһааран биэриэхтэрэ.

Аны туран, учаастактан анаалыһы хайдах ылабыт? Учаастаккытын быһа холоон кыбадыраат гына хараххытынан көрөн араараҕыт. Түөрт кытыытыттан уонна ортотуттан буору иһиккэ баһан ылаҕыт. Онуоха буорун үөһээ өттүн тарыйа түһэн, 10-15 см дириҥтэн баһар ордук. Ол биэс сиртэн ылбыт буоргутун барытын биир иһиккэ холбуу кутан булкуйаҕыт уонна Агрохимическэй ыстаансыйаҕа илдьэн туттараҕыт. Ону исписэлиистэр киилэтигэр тиийэ ханнык уоҕурдуу тиийбэтин сиһилии быһаарыахтара. Саха сирин буоругар азот суола эрэ баар буолар, суох даҕаны диэххэ сөп. Фосфор, калий аҕыйах сыллааҕыта син баар буолар этэ, билигин үүнээ­йигэ тиийэр формата аҕыйаабыт диэн үөрэппиттэрэ.

Ыарыылаах буор хайдах даҕаны гынан эмтэммэт. Онно анаммыт препарат суох.

Уоҕурдууну сатаан туһаныахха

Үгүс дьон уоҕурдууну са­­таан туттубат. Маны аһары элбэҕи кутан кэбистэххэ нитракка кубулуйан, төттөрүтүн үүнээйибитигэр буортуну аҕалыан сөп. Ол иһин уоҕурдууну, эбии аһылыгы кытта үлэлииргэ туспа болҕомто наада.

Уоҕурдуу органическай уонна минеральнай диэннэргэ арахсар. Органическай уоҕурдуу диэн – ынах сүөһү сааҕа эбэтэр сылгы сааҕа. Сааҕы сибиэһэйдии туһанарга киһи хараҕар көстүбэт микроорганизмнар бааллар. Ол аата – хортуоппуйу сытытар патогеннар, ыарыылар. Буорга эмиэ оннук олус элбэх, ону ылан сааҕы буорга кутан булкуйан, тэҥҥэ хорутан кэбиһэрбит сэрэхтээх. Сибиэһэйдии туһаммакка, компост быһыытынан туттар ордук. Сааҕы эрдэттэн бэлэмнээн компостаатахха сайын устата ситэр. Ону түргэтэтэр препараттар бааллар. Биһиги институппут учуонайа Надежда Тарабукина айан та­­һаарбыт ыарыылары кытта охсуһар микроба баар, ону кутарга сүбэлиибин.

Эргэ сааҕы туһаныахха сөп дуо? Сөп, ол эрээри үөрэтиилэр түмүктэринэн көрдөххө, маннык саахха туһалаах микроэлэмиэннэрэ көтөн хаалбыт буолар. Онон кыра туһаны эрэ биэрэр кыахтаах.

Минеральнай уоҕурдуу үүнээйигэ үүнэн тахсарыгар эрэ көмөлөһөр, сири кытта үлэлээбэт. Сир сылтан-сыл “дьадайан” иһэр. Оттон ону дьаһайбаккабыт туох даҕаны туһалаах элэмиэнэ суох сиргэ-буорга хортуоппуйу олордон баран элбэх үүнүүнү күүтэбит. Оннук буолбатын туһуттан буору анаалыска биэриэххэ наада диэн тоһоҕолоон этэбин.

Хортуоппуйу хаһан олордобут?

Саха сирин олохтоохторо Ньукуолун диэки олордо сатыыбыт. Хортуоппуй олороругар сир үчүгэйдик ирбит буолуон наада. Төһө даҕаны араскылаах буоллар, кини тымныы буорга киирдэҕинэ сөптөөх температураны кэтэһэр, 5,6 кыраадыс буоларын күүтэр.

Олордуох иннинэ…

“Хортуоппуйу араскылаттахха элбэх үүнүүнү ылабыт дуо?” диэн элбэх киһи ыйытар. Хортуоппуй тас көрүҥэр туох даҕаны сыты­йыыта-ымыйыыта суох курдук буоллар даҕаны, тас хаҕар даҕаны, иһигэр даҕаны араас ыарыылар баар буолуохтарын сөп.

Олордуох иннинэ эмтиир, тугунан эмит ыстарар наада дуо? Мин чааһынай олордооччуларга химическэй препараттары сүбэлээбэппин. Онно киһиэхэ дьайар кутталлаах элэмиэнэ элбэх соҕус. Арай, хортуоппуйу олордуоххут биир күн иннинэ “Фитоспорин”, “Гамоир” диэн киэҥник тарҕаммыт препараттарынан таһын ыстарыахха эбэтэр биир чаас ол суурадаһыҥҥа сытыара түһүөххэ сөп.

Сиэмэни бэлэмнээһин

Сорох оҕуруотчуттар хортуппуйу аҥаардаан сиэмэлэрин элбэтэ сатыыллар. Онно хараҕын ахсаанынан көрөн сөпкө быһар наада. Быстахха хортуоппуйга микробтар киирэллэр, ыарытыннараллар. Оннук буолбатын диэн эмиэ препараттарынан ыстарыахха, чоҕунан сотуохха сөп. Эбэтэр олордор күҥҥэ буолбакка эрэ, эрдэттэн быһан хатара түһүөххэ наада.

Дириҥ дуу, чычаас дуу?

Хортуоппуйу буор анныгар көмүөх иннинэ күн-дьыл туругун кэтээн көрүөххэ наада. Кураан дьыл кэлэн иһэр буоллаҕына, хортуоппуйу 10-15 см дириҥҥэ олордор ордук. Оттон ардах­таах дьыл сибикилэнэр буоллаҕына, 10 см диэри дириҥҥэ олордор ордук. Хортуоппуйу наһаа дириҥҥэ олортоххо, салгына тиийбэккэ “тумнастан” ыалдьан киирэн барыан сөп. Аны төттөрүтүн, кураан дьылга чычаастык олордон кэбистэххэ, уута тиийбэккэ “моһуогуруон” сөп.

Ууну кутуу

Хортуоппуй ото быкта даҕаны уу кутар ордук. Манна эмиэ буортан элбэх тутулуктаах буолан, сирбитин хаһан көрөбүт. Ийэ хортуоппуйу уурбут дириҥҥитигэр диэри буоргутун хаһыҥ. Буору бобо туттахха хомуоҕурар буоллаҕына, уута тиийэр диэн. Оттон ыһылла сылдьар буоллаҕына, сиигэ тиийбэт эбит диэн быһаарыахха сөп. Дьон ууну сарсыарда эрдэ, эбэтэр күнүс ип-итиигэ кута сылдьар буолар. Онуоха уу түргэн баҕайытык паар буолан хаалар. Сөрүүн түспүтүн кэнниттэн кутар быдан ордук туһаны аҕалыаҕа.

Хаста көмөбүт?

Сайын устата иккитэ көмөр биһирэнэр. Биһиэхэ, Саха сиригэр хортуоппуй саҥа быган эрдэҕинэ хаһыҥ түһэр, онтон сыыс үүнэр. Онон саҥа быган тахсаатын кытта бастакы көмүүбүтүн оҥоруохпутун наада. Сиик түһэн буор тас хахтанан хаалар. Оччоҕуна хортуоппуйбут тумнастан барар, үүммэт. Онон буор ол хаппыт бүрүөтүн хамсатыахха, сыыс отун үргүөххэ, баҕардар хаһыҥ түһүө диэн көмүөххэ наада. Салгыы хортуоппуй үүнэн улааппытын, ол эрээри ото сытыан иннинэ иккистээн көмөр ордук.

Айтана Аммосова бэлэмнээтэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
3