Ханнык баҕарар киһи элбэх харчылаах буолуон баҕарар. Ол эрээри, биһиги ортобутугар баай, харчыны чэпчэкитик оҥорор дьон аҕыйах. Ол иһин харчыны сатаан оҥорор эрэ дьон байаллар диэн өйдөбүл үөскээбит. Сүрүннээн, ити сөп. Үлэлиир, сатыыр, кыайар-хотор киһи харчыны да өлөрөр буоллаҕа. Ол эрээри, сорохтор сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээн тахсаллар да, байбыттара көстүбэт. Онон, харчыны хайдах тардар туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
edersaas.ru
Харчы – эниэргийэ
Дьиҥинэн, харчы диэн кумааҕы буоллаҕа. Ол эрээри, харчыга олус элбэх киһи санаата-оноото, иэйиитэ (чувство) иҥмит буолан, эргийэ турар күүстээх эниэргийэҕэ кубулуйар. Улахан харчы – улахан эниэргийэ. Бу эниэргийэни уйар эрэ киһи байар-тайар кыахтаах. Холобур, арай, эн сарсын миллиардынан доллары эргитэр аан дойдутааҕы хампаанньа хаһаайына буолан хаалбыккын. Бэйэҕин хайдах сананаҕын? Биллэн турар, элбэх ыйытыы үөскүүр: араас дойдуларга олорор тыһыынчанан үлэһиттэрбин сатаан салайыам дуо? Хампаанньа үлэтин хайдах салайабын? Түүннэри үлэлиибин дуо, о.д.а. Маныаха барытыгар санааҥ хотор, кыаҕыҥ тиийэр эрэ буоллаҕына, улахан салайааччы буолуоҥ. Ол иһин, бэлэмэ суох эрээри, эмискэ улахан харчыны сүүйбүт дьон, туһаҕа таһаарбакка, матайдаан кэбиһэллэр.
Онон, бастаан харчы эниэргийэтин туһана үөрэниэххэ наада. Ол, бастатан туран, сыһыаны уларытыыттан, санаа күүһүттэн саҕаланар.
Харчыга сыһыаны уларытыы
Биһиги дойдубутугар харчыга соччото суох сыһыан үөскээбит. Ол курдук, өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн баайдар тустарынан “дьон көлөһүнүн супту оборон, албыннаан-түөкэйдээн эрэ байбыт куһаҕан дьон” диэн өйдөбүлү күүскэ иҥэрбиттэрэ. Баайдарын былдьаан ылан баран, кулаак оҥортоон, сыылкаҕа ыыталаан, өлөртөөн, оҕолорун-урууларын ыһаттаан, дьону улаханнык куттаабыттара.
Ол дириҥ куттал уонна “харчы – куһаҕан, кирдээх” диэн өйдөбүл биһиэхэ төрөппүттэрбититтэн хаанынан бэриллэн, ис өйбүтүгэр (подсознание) иҥэн сылдьар. Оттон ис өй киһи санаатын, дьайыытын, олоҕун суолун салайар дииллэр. Ол аата, киһи илэ өйүнэн элбэх харчыланыан баҕарар эрээри, ис өйө кинини харыстыыр, “куһаҕан” балаһыанньаҕа – байарга тиэрдибэт.
Онон аан бастаан харчыга сыһыаммытын, ис өйбүтүгэр иҥмит өйдөбүлү уларыттахпытына эрэ, элбэх харчыланыахпыт. Ис өй (подсознание) ситэ үөрэтиллэ илик эрээри, урукку олохтор, өбүгэлэр тустарынан ген информациятын илдьэ сылдьар олус дириҥ, күүстээх көстүү. Холобур, гипноз көмөтүнэн киһи ис өйүгэр киирэн, сорудах биэрдэхтэринэ, кини утуйа да сытан, уунан хаамар, истиэнэҕэ ыттар кыахтаах. Ис өй көннөрү тылынан этиини ылыммат, уобарас (хараҕынан көрөн) уонна иэйии (үөрүү, дьоллонуу) нөҥүө ордук дьайыахха сөп. Сарсыарда уһуктан баран, эбэтэр киэһэ субу утуйаары сытан, хараххар оҥорон көрөр буоллаххына, ис өйгөр түргэнник тиийэр дииллэр.
Онон, бастатан туран, харчыга сыһыаммытын уларытыахтаахпыт. Баай дьон атыннык толкуйдууллар. Баар балаһыанньаҕа куһаҕан өттүн буолбакка, үчүгэйин булан көрөллөр, санааларын түһэрбэттэр, хаһан да ыксаабаттар. Харчыны матайдыыр, барыы охсор туһунан буолбакка, хайдах элбэтэр, харыстыыр туһунан толкуйдууллар. Оттон дьадаҥы киһи ытанар-суланар, дьону үөҕэр, ордугургуур, бэйэтин туох баар сыыһатыгар атыттар буруйдаахтар дии саныыр, эппиэтинэһи бэйэтигэр ылыммат.
Манна даҕатан эттэххэ, аныгы ыччат өйө-санаата, харчыга сыһыана сэбиэскэй кэм дьонуттан ураты. Кинилэр биир үлэҕэ үйэлэрин тухары үлэлиэхтэрин баҕарбаттар, араас дойдулары көҥүллүк кэрийэ сылдьан, Интэриниэт көмөтүнэн үлэлииллэрин ордороллор. Биэнсийэ пуондатыгар харчыны уурдарыахтааҕар, нолуок төлүөхтээҕэр, бэйэлэрэ мунньалларын сөбүлүүллэр. Билигин Интэриниэт көмөтүнэн үлэлиир, харчыны өлөрөр судургутуйан турар.
Фэн-шуй
Кытайдар тыһыынчанан сылларга фэн-шуйу туһаналлар. Азия улахан куораттара (Сингапур, Гонконг) фэн-шуй быраабылаларынан тутуллубуттар. Фэн-шуй ирдэбилинэн, дьиэҕэ соҕуруулуу-илиҥҥи хайысха – баай-дуол зоната. Бу муннукка куруук ыраас, сырдык буолуохтаах. Харчыны тардар маллары (кыһыл лиэнтэлээх кытай харчытын, манньыаты ытырбыт баҕаны, күндү таастардаах шкатулканы, фонтаны, эбэтэр ыраас уулаах кувшины, аквариуму, чараппаахы, дракон, кыһыл көмүс балык, слон, ат фигуркаларын, “харчылаах мас” үүнээйини, Хоттей, Ганеша таҥаралары, о.д.а) уурталыахха, ыйыахха сөп.
Түннүк, сиэркилэ ыраас туруохтаах. Киирэр аан хоһо бөҕө суох, ыраас буолуохтаах. Фэн-шуйга Ци эниэргийэ диэн өйдөбүл баар. Дьиэҕэ Ци эниэргийэ көҥүллүк эргийэр буоллаҕына, бу дьиэҕэ баай-дуол, дьол уйаланар.
Барыс ылар, дохуоттаах дьыаланы үүнэр ыйга саҕалыыр ордук. Оттон эргэрбит, алдьаммыт маллары ый кыччыыр кэмигэр бырахтахха, саҥаҕа миэстэ тахсар.
Бит-билгэ
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый?
Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо суохтаахтар. Ыскаапка ууруҥ, эбэтэр тугунан эрэ толоруҥ. Куукуна остуолугар күлүүһү, харчыны уурумаҥ. Остуолтан ас тобоҕун илиигитинэн сотумаҥ.
Таммалыы турар алдьаммыт кырааны оҥоруҥ, уопсайынан, алдьаммыт, хайдыбыт малы быраҕан иһэр ордук.
Киэһэ күн киирбитин кэннэ дьиэни харбыыр, бөҕү таһааран быраҕар куһаҕан. Саҥа дьиэҕэ киирэргэ куоскаҕыт суох буоллаҕына, бастаан манньыаты быраҕыҥ.
Тимэҕэ түспүт, алдьаммыт сиэптээх таҥаһы кэтимэҥ. Үстэ абырахтаммыт таҥаһы олох кэтиэ суохтааххыт. Уопсайынан, эргэ таҥаһы кэтии – дьадайыы бэлиэтэ.
Харчым суох диэн муҥатыйыа, эбэтэр, “байдым” дии-дии харчынан көөчүктэниэ, киһиргиэ суохтааххын.
Иэһи сарсыарда биэрэр ордук. Боруокка туран эрэ харчыны биэримэҥ-ылымаҥ. Көһүлүөктээх суумканы сиргэ уурумаҥ.
Маҕаһыыҥҥа харчыны кассир илиитигэр ууран биэримэҥ, ону кытары эниэргийэҥ барсыа. Харчы тобоҕун (сдача) ыларга илииттэн ылыахха сөп. Ити барыта харчы эниэргийэтин кытта сыһыаннаах.
Дьиэҕэ үрүмэччи киирдэҕинэ – соһуччу харчы кэлиэ. Үрүмэччини өлөрүмэҥ, бэйэтэ көтөн таҕыстын.
- Бэйэҕэр сурук. 5,10 сыл ааспытын кэннэ, билиҥҥи бэйэҕэр сурук суруйаҕын. Ол кэмҥэ эн байбыккын, баҕарбытыҥ барыта баар. Дьэ, билиҥҥи бэйэҕэр тугу сүбэлиэҥ этэй? Онно хайдах байан-тайан олороргун сиһилии суруйаҕын. Ол кэннэ суруккун силимнээн баран, ууран кэбис. Ити өйү-санааны уларытарга көмөлөһөр.
- Баҕа санаа каартата. Интэриниэккэ хайдах оҥорор туһунан суруйуу элбэх, онтон киирэн сиһилии көрүөххэ сөп. Бу каарта кырдьык көмөлөһөр дииллэр. Ый үүнэр кэмигэр оҥорон баран, атын киһи көрбөт сиригэр (ыскаап ааныгар, утуйар сиргэ) ыйаан баран, хам-түм хартыыҥкаларын көрө-көрө, ыра санааҥ туолбутун курдук саныыгын. Манна визуализация көмөтүнэн, ис өйгүн үлэлэтэҕин.
- Маҕаһыыннарга сылдьан, араас үчүгэй маллары көрөн, ылбыт курдук өйгүтүгэр оҥорон көрүҥ, үөрүҥ, махтаныҥ.
- Харчылаах амулет. Бөдөҥ манньыаты кыһыл сабынан сөллүбэтин курдук төгүрүччү баайан баран, аан үрдүгэр ыйыыгыт. Бу курдук таҥаһынан куукула тигэн, иһигэр манньыаттары уган баран, уура сылдьыахха сөп.
- “Харчым суох, туохха да тиийбэт”, “харчы – харах уута” диэн этиилэри туттумаҥ, үбү-харчыны убаастааҥ.
- Кыһыл, эбэтэр от күөҕэ өҥнөөх тирии кумааһынньыгы атыылаһыҥ. Кумааҕы харчыны кумалаамаҥ, бытархайдары туспа тутуҥ. Хаһан да кумааһынньыгы кураанах тутумаҥ – ханнык да түгэҥҥэ туттуллубат харчылаах буолуохтаах. Улахан харчылары туспа, кыралары туспа тутар ордук.
- Харчыны киэһэ ааҕымаҥ, иэстээмэҥ. Илииттэн илиигэ биэримэҥ, ол харчы эниэргийэтин илдьэ барыа. Уулуссаттан хомуйумаҥ.
- Ис санааҕытыттан дьоҥҥо көмөлөһүҥ, дохуоккут 10%-нын аһымал аахсыйаҕа биэриҥ. Ити харчы эргиирэ, уон төгүл бэйэҕитигэр эргийэн кэлиэ. Биэрэ туран, харыһыйыа суохтааххыт.
- Баай, кыахтаах дьону кытары алтыһыҥ, сүбэлэттэрэ, кинилэр долгуннарыгар киирэ сатааҥ. Бу олус көмөлөөх. Аҥардас кинилэрдиин кэпсэтии да элбэҕи биэрэр. Оттон доҕотторгут, билсэр дьоҥҥут баай, кыахтаах буоллахтарына, эһигини эмиэ тардан таһаарыахтара.
-
Харчы ааҕары сөбүлүүр. Хайдах туттаргытын ырытан көрүҥ (күн аайы сурунан), онтон туох наадалааҕын ылан баран, хайаан да төһө эрэ сууманы уурунан, мунньунарга үлэлээҥ. Бу сууманы мунньан баран, улахан атыыга, ыра санааны толорууга барыахха сөп. Инвестиция диэни үөрэтиҥ, үлэлээҥ. Билиҥҥи үйэҕэ үөрэнэр, ааҕар ыарахан буолбатах. Ону тэҥэ 10,20,30 сылынан хайдах олоруоххутун былаанныы үөрэниҥ. Биэнсийэҕэ тахсан баран, 14 тыһыынчаҕа аһаан-таҥнан олоруоххут дуо? Эбэтэр, билигин үлэлиир эрдэххитинэ иккис дьиэ атыылаһан баран, ону куортамнаан, эбии харчы (пассивнай дохуот) оҥостуоххутун сөп? Ону тэҥэ оҕолоргут улааталларыгар, үөрэхтэнэллэригэр кыраларыттан харчы мунньан саҕалааҥ. Манна мунньуллар страховка көмөлөһүөн сөп.
- Кыра да харчы кэллэҕинэ, махталлаах буолуҥ. Харчы ытыктабыллаах сыһыаны эрэйэр.
- Киһи бэйэтин үлэтин сыаналыахтаах. Үлэтин хаачыстыбалаахтык, атыттартан үчүгэйдик оҥоро сатыахтаах уонна албыннатыа, олус кыра хамнаска сөбүлэһиэ суохтаах. Киһи баар-суох баайын – бириэмэтин, талаанын, эниэргийэтин сиир эрээри, кыра дохуоттаах үлэттэн уурайартан куттаныа суохтаах. Оччоҕо атын таһымҥа тахсар. Дохуота да улаатыан сөп. Бэйэни сайыннарарга харчыны кэрэйиллиэ суохтаах. Ону тэҥэ, ыйга саатар биирдэ бэйэҕин атаахтатан, маанылаан, баҕарбыккын ылыахтааххын.
- Саҥа көһүлүөгү ый үүнэр кэмигэр атыылаһар ордук. Бастакы харчыны “харай уонна элбэт!”, “дохуотум күн аайы улаата турар!” диэн тыл этэн угуҥ. Ый үүнэр түүнүгэр көһүлүөгү аһан баран, түннүккэ ууран, харчы эниэргийэтин “ииттэриллэр”.
- Харчыны уҥа илиигитинэн биэриҥ, хаҥаскытынан ылыҥ. Биэрэ туран, киһи хараҕын утары көрүмэҥ, искитигэр “1000 төгүл улаатан кэл!” диэн саныаххытын сөп.
- Саҥа ыскаатар анныгар кумааҕы харчыны угуҥ. Оччоҕо ас-үөл тутайыа суоҕа.
- Дьиэҕэ бытархай харчы мунньуллар копилката, бааҥката баара ордук. Ону кыһыл сабынан баайаҕыт. Лавровай лиис, түөрт эминньэхтээх клевер сэбирдэҕэ эмиэ харчыны тардаллар.
- Сиэпкитигэр куруук манньыаттаах сылдьыахтааххыт. Дьиэ муннуктарыгар эмиэ биэстээх харчылары уурар ордук.
Баҕар, бу сүбэлэри итэҕэйиэххит суоҕа. Ол эрээри, харчы диэн эниэргийэ буоллаҕына, киһи санаата, дьайыыта эмиэ күүстээх эниэргийэлээх, ол көмөтүнэн харчыны тардарга бэйэҕитин холонон көрүҥ. Биллэн турар, тута сытыйа байа охсуоххут суоҕа эрээри, туттаргытыгар көҥүллүк тиийэрин курдук, дохуоккутун үрдэтиэххитин, үп-харчы балаһыанньатын лаппа тупсарыаххытын сөп.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru