Сүбэһит: Харахпытын хайдах харыстыыбыт?

17.04.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапвет-быраас, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн салгыы бэчээттиибит. Харахпытын хайдах харыстыыбыт?

Күн уота эмтиир дьайыылааҕын билэриҥ буолуо. Аһаҕас салгыҥҥа хараххын симэн, 3-5 мүнүүтэ устата күн уотун сылааһыгар сыламнаан тур, угуттаа. Куруутун сырдыкка сырыт, хараҥа уоттаах-күөстээх дьиэҕэ харах көрөрө мөлтүүр.

Кыһыҥҥы хараҥа кэмнэргэ ааҕарга-иистэнэргэ дьон остуол лаампатын туһаналлар, ол үлэлииргэ табыгастаах, ол эрэн, куһаҕан дьайыыта эмиэ баар. Өскө дьиэҥ иһэ тэҥник сырдаабат буоллаҕына, лаампаҕын умуруордуҥ да, атын хостор хараҥалара хараҕыҥ харатын кэҥэппэккэ хаалларара көрөргө куһаҕаннык дьайар.

Харах былчыҥнарын эрчийии

Төбөҕүн хамсаппакка дьиэҥ үрдүн көр, онтон муостаны. Ыксаабакка хаста да оҥор.

Аны хараххынан уҥа-хаҥас көрүтэлээ, төбөҕүн, бэйэҕин хамсатыма, төһө кыалларынан ырааҕы көрө сатаа.

Хос уҥа муннугун өһүөтүн көр, онтон хаҥас муннук муостатын көр. Ыксаама, уончата оҥор.

Истиэнэҕэ улахан төгүрүк ии уруһуйдаммытын өйгөр оҥор, ол иини батыһа уҥаттан хаҥас, хаҥастан уҥа көр. Эмиэ уончата оҥор.

Уунан эрчий. Икки улахан соҕус өрбөхтөрү бэлэмнээ. Биирин итии ууга уган ыл, иккиһин муустаах ууга ук. Бастаан итии уулаах өрбөххүн ыган ылан, хараххар 2 мүнүүтэ устата уур, онтон муустаах ууга укпут өрбөххүн саба уурун. Иккитэ-үстэ оҥор.

Харахха хаан кэлэрин хааччый. Таһырдьа таҕыс, эбэтэр түннүккүн ас, дириҥник салгыны эҕирий, тыынаргын тохтот, төбөҕүн төҥкөтөн, тобуккун аһара түс уонна биэскэ диэри аах, хаста да оҥор. Бу эрчиллиигэ төбөҕө, харахха хаан эргиирэ эбиллэр.

Сүбэлэри туһан

Уһуктаат, тыыллаҥнаа уонна дириҥник тыына-тыына уҥа-хаҥас ойоҕосторгор эргичиҥнээ.

Хараххын киэҥник көр, айаххын муҥунан ат. Маны хаста да оҥор.

Хараххын алтата киэҥник көрөн баран, күүскэ быһа симп уонна 12-тэ түргэн-түргэнник симириктээ.

Хараххын симэн олор, эбэтэр сыт, муннуҥ уһаан уруучука буолбутун курдук санаа уонна муннуҥ төбөтүнэн салгыны тыыран, тыллары суруйтаа. Ити курдук, хараҕыҥ мүнүүтэҕэ 70 хамсаныыны оҥоруохтаах.

Сүүскүн мырчыһыннаран, хааскын өрө көтөх, кулгааххар туох эмит уларыйыы таҕыста дуо? Хаста да оҥор, кулгааҕыҥ уларыйыытын өйдөөн хаал. Аны хааскын өрө тардыбакка, сүүскүн мырчыһыннарбакка, хараххын кэҥэтэн, кулгааххар уларыйыы тахсарын ситис.

Ытыстаргын бэйэ-бэйэлэригэр сууралаан, итийэрин ситис. Харахтаргын ытыстаргынан саба туттан сыт, муҥутаан холкутуй, бу курдук 5 мүнүүтэ сыт. Хараххар хап-хара өҥ көстөр кэлиэҕэ. Ол аата хараҕыҥ сынньанар.

Хараххын иилии (круг) эрийэн хамсат. Бу эрчиллии элбэх бириэмэҕин ылбат – таапачыкаҕын да кэтэ туран оҥор, хараҕыҥ махтаныаҕа, көрөрүҥ тупсуоҕа.

Олоро түстүҥ да, хараххын эрчийбитинэн бар. Холобур, биир сири дьөлө көрөн олор, хараҕыҥ сылайан уута тахсыар диэри тонолуппакка көр. Көрөр эттигиҥ хараххыттан 48-50 см тэйиччи буолуохтаах. Бэйэҥ олус налыйан, сымнаан олор. Ити курдук чүмэчи уотун, эбэтэр, хара төгүрүгү ойуулаан, истиэнэҕэ сыһыаран көр. Күнү көтүппэккэ дьарыктан, вазаҕа кутуллубут ууну көрө үөрэн, кэлин бу эрчиллиини сатаан, күөх халлааны уонна уста сытар ыраас ууну көрөрүҥ эйиэхэ көмөлөөх буолуоҕа.

Өйгөр оҥорон көрөрүҥ сытыырхайыаҕа. Бу үйэҕэ тэлэбиисэри көрүү элбэх бириэмэни ылар, хараххын буортулаабат курдук туһана үөрэн. Тэлэбиисэри көрөргөр көнөтүк олор. Төһө ыраах-чугас олороргун быраас сүбэлиэ уонна хараҕыҥ “этэн” биэриэҕэ. Көрөр кэмҥэр атын дьарыгы оҥорума, холобур, оҕо уруогун толоро-толоро тэлэбиисэр көрөрө сыыһа. Дьиҥэр, киһи мэйиитэ биир сорудаҕы сөпкө, дириуник оҥорор аналлаах.

Тэлэбиисэр, онтон да атын эттиктэри хараҕы хамсаппакка эрэ кыайан көрүллүбэт, ол иһин хаарҕыҥ хамсыы-имсии, симириктии олоруохтаах. Дөрүн-дөрүн хараҕы симэн уонна илиинэн саба тутан, сынньатар наадалаах – сетчатканы сымнатар. Ачыкыны устаат, тэлэбиисэри кыҥастаһан барыма, хараҕыҥ сынньана түһэригэр бириэмэ наада.

Харах ыраас салгыҥҥа олус наадыйар, ол иһин түннүккүн аһан-сабан, ыраас салгыны киллэр, таһырдьа күүлэйдээ.

Сытан эрэ ааҕыма. Спордунан дьарыктанаргар ачыкыгын уһул, ситимнээхтик дьарыктанар буоллаххына, хааныҥ убаан, хамсаан, харах тымырдарын аһатар кыахтаах.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2