Сүбэһит: эһиилги үүнүү төрүттэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Баччаларга, оҕуруоту эһиэх иннинэ уонна ол кэнниттэн эһиилги сыллаах үүнүүнү хааччыйар дьаһаллары хайдах тэрийэр туһунан Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгин олохтооҕо Агафья Тарасова маннык сүбэлиир.

edersaas.ru

Сиэмэни хомуйуу уонна угу саҥардыы

Сыл аайы арассаада олордорго саҥа сиэмэни атыылаһар уустук, үчүгэй сиэмэ мээнэ түбэспэт. Ол иһин эһиилги сиэмэни бэйэ үүннэрбит оҕуруотун аһыттан хомуйар ордугун өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Маннык сиэмэ олохтоох усулуобуйаҕа таһаарыллыбыт буолан, хаппырыыһа суох үүнэр. Онуоха биири өссө төгүл өйдүүр наада: хаатыгар «F1» диэн суруктаах суорт сиэмэтин биэрбэт, ити иһин саас ыспыт ханнык баҕарар култуурабыт сиэмэтин хаатын бырахпакка, сезон устата уура сылдьаргытыгар биитэр анал тэтэрээккэ бэлиэтииргитигэр сүбэлиибин.

Помидор сиэмэтин ыларга угар үчүгэйдик кытардыллар итиэннэ дьиэҕэ өссө сытыара түһэн баран, хайытан, куурдан хомуйуллар. Оҕурсууну тэпилииссэҕэ саһарыар диэри туруоруллар, сиппитин кэннэ эмиэ помидор курдук ылан дьаһайыллар. Кыстаабыт кабачуок сиэмэтиттэн саас сиппитин талан ылан, хатаран баран олордуллар. Элбэх сыллаах үүнээйи сиэмэтин хаатыгар “стратификацияланар” диэн суруктаах буоллаҕына, күһүн эрдэ босхоломмут кирээдэҕэ ыһан, кыстата хаалларыллар, үрдүн отунан бүрүйүллэр. Аны саас тахсыаҕа. Биэрэһи угуттан түөрэн, дьөлөҕөстөөх иһиккэ олордон дьиэҕэ кыстаттахха, саас саҥаттан үүнэр. Малина, моонньоҕон уктарын эргэрбит улахан умнастарын быстахха, эдэрдэригэр түһэллэр, атыннык эттэххэ, аны саас саҥа умнастар тахсан, элбэх аһы куталлар.

Хортуоппуй сиэмэтин бэлэмнээһин

Биллэрин курдук, хортуоппуй сиэмэтэ хас да сылынан эргэрэр. Ити иһин мин сөбүлээбит суордум сиэмэтин саҥардан, үйэтин уһатан иһэбин.

Хостуур саҕана хортуоппуйга күөх дьүһүннээх, кыра, үкчү помидор курдуктар баар буолаллар. Олору хомуйан ылан, дьиэҕэ киллэрэн, түннүккэ балтараа ый курдук сытыаран ситэрэн биэрэбин, арыый уһуннук сытыарыахха эмиэ сөп. Итиэннэ быһаҕынан хайытан, ортотугар баар кыра, сиппит сиэмэлэрин ылан, салфеткаҕа сыбаан, сөрүүн уонна хараҥа сиргэ хатарабын.

Саас, кулун тутар ый бүтүүтүн диэки, дьоҕус иһиккэ буорга ыһан үүннэрэбин. Ыам ыйын бүтүүтүгэр таһырдьа кирээдэҕэ таһааран олордобун. Бастакы сылыгар аһа наһаа элбэҕэ суох буолар уонна орто хортуоппуйдар үүнэллэр. Олору күһүн хостоон ылан, туспа уурабын. Иккис сылыгар аһа элбиир, улаатар. Ону эмиэ туспа уурабын. Үһүс сылыттан дьэ сиирдии олордобун.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0