Сүбэһит: Дьиэни саха үгэһин тутуһан тутуу

Ааптар: 
03.09.2022
Бөлөххө киир:

Хас биирдии ыалга дьолун биһигинэн кини көмүс ньээкэ уйата – сылаас, сырдык, ыраас дьиэтэ буолар.

Тыйыс тымныы дойдуга олорор буолан, сахаларга иэримэ дьиэни тэринии тыын суолталаах. Өбүгэлэрбит олорор дьиэлэрин оҥостоллоругар үгүс сиэри-туому тутуһаллара, онтон сорох үгэстэр күн бүгүҥҥэ диэри уларыйбакка кэллилэр.

— Саҥа сиргэ дьиэ туттуох иннинэ сирин-уотун чинчийиллиэхтээх, уу чугаһыгар, тыал курдат үрбэт бүтэй сиргэ олохсуйуллар. Суол тоҕойугар,былыргы аартык айаҕар дьиэ туттары аньыынан ааҕаллар. Улахан эбэ үрдүгэр уу иччитэ моһуоктуо диэн дьиэни ууга күлүгэ түспэт гына тэйиччи туруоруллар. Киһи-сүөһү табыллыбатах сиригэр олохсуйбаттар.

— Дьиэ туттарга төһө кыалларынан сири алдьаппакка уонна дьиэ аннынааҕы тоҥ ирбэт гына тутуу буолуохтаах.

— Дьиэ акылаатыгар анаан кураанах, саамай үрдүк, уу тохтубат сирин талар ордук.

— Дьиэ тутарга, бастатан туран, тэлгэһэлэрин күрүөлүүллэр уонна уот оҕото оттон, сир-дойду иччитигэр кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан алгыыллар.

— Тутуу маһын эрдэттэн куурдан-хатаран эрэ баран дьиэ тутуутун саҕалыыллар.

— Дьиэ акылаата түһэригэр, өһүөтэ тахсарыгар муннуктарга сылгы сиэлигэр, бытархай харчыны, арыыны суулаан кыбыта анньыллар.

— Былыр дьиэ акылаатын, өһүөтүн түһэриигэ, көмүлүөк оһоҕу тутарга үөһэттэн айдарыылаах, алгыстаах санаалаахайыы киһитин ыҥыран малааһын

тэрийэллэрэ үһү. Мантан ыал олоҕо салаллар, алаһа дьиэ аал уотун иччитэ иэйэр, дьиэ, тиэргэн айыы сиэрдээх иччилэрэ үөрэллэр диэн буолар.

— Оһоҕо турдаҕына кыратык алаадьылыы охсон сыт таһаарыллар.

— Дьиэҕэ киирэр аан, саха сиэринэн, илин диэки оҥоһуллуохтаах. Сарсыарда таһырдьа тахсарга күн алгыы тоһуйар.

— Ханнык баҕарар дьиэҕэ оҕолорго уонна кырдьаҕастарга туспа хостоохторо ордук. Онон, дьиэ иһин бырайыагын оҥорорго эрдэттэн ол учуоттаныахтаах.

— Дьиэни хоту эбэтэр сатаатар илин диэки төбөлөнөн  утуйарга табыгастаах гына былааннанан туттар ордук. Ордук кырдьаҕас, аһаах дьоҥҥо ити наадалаах.

— Күүлэ күн тахсар сирин диэки тутуллуохтаах, ханан табыгастаах сиринэн аанныахха сөп.

— Аныгы кэмҥэ кыахтаах дьон дьиэлэрин харчыга туттараллар. Онуоха ардыгар үлэһиттэрин арыгынан айах тутан, айдаан-аймалҕан бөҕөнү таһаараллар. Итирик дьон иирсэллэр, хом санаһаллар, ардыгар охсуһуу да тахсар. Ол хара күлүгэ тутуллар дьиэҕэ түһэрэ ыалга куһаҕан сабыдыаллаах буолуон сөп.

— Дьиэни көһөрөн иккистээн тутар түбэлтэлэригэр, атын сиргэ тоҕо көһөрөллөрүн этэн аал уоттарын аһаталлар, махтанан туран алгыыллар. Ити барыта Эбэ диэки

хайыһан туран оҥоһуллар. Дьиэни көтүрэн үрүт өттүн саҕалыыллар, оһоҕу бүтэһигинэн көтүрэллэр. Эргэ дьиэ буоллаҕына, акылаата чэгиэн да буолбутун иһин, хааллараллар.

— Дьиэ малааһына үксүн алтынньыга, сэтинньигэ, идэһэлэнэр кэмҥэ оҥоһуллар. Малааһыҥҥа дьиэ тутуутугар кыттыбыт дьону барытын ыҥырыллар. Алгысчыт эбэтэр кырдьаҕас аймах киһи ыалдьыттары дьиэҕэ киллэриэх иннинэ кытыаны эбэтэр боҕуруоскай оту уматан буруо таһаарар уонна муннуктары кэрийэ сылдьан арчылыыр, онтон аал уоту аһатар. Дьиэ иччитэ Дьиэрдэ Бахсыттан ыччат дьоно этэҥҥэ олороллоругар көрдөһөр. Сылгы сиэлиттэн өрүллүбүт ситиигэ эгэлгэ дьүһүннээх таҥас кырадаһыннарын, сиэл сүүмэхтэрин ыйаталаан салама оҥорон, киһи төбөтүн таарыйар үрдүктээх гына дьиэ айаҕар ыйыыллар. Оччоҕо салама аннынан киирбит киһи бу дьиэҕэ араҥаччыланан, ыраастанан киирэр эбит. Киирэр аан аттыгар куһаҕантан, киртэн арчылыы турдун диэн санаанан салайтаран дэйбиир, чуораан ыйыыллар. Саламаат, алаадьы буһаран сыт таһаарыллар. Хайа кыалларынан остуол хотойорунан ас тардыллыахтаах. Ити алгыс биир көрүҥэ, уйгу-быйаҥ олохтоннун диэн. Малааһын аһын аһыы олорон (саламаат, алаадьы) кыыһырар-түрдэстэр аньыы – уйгу-быйаҥ ханнар.

— Үчүгэй холумтаннаах, этэҥҥэ олорбут ыал көстөхтөрүнэ, алаһатын иччилэрэ, аал уоттара хомойоллор-хоргуталлар, сайыһаллар диэн, урукку дьиэ холумтанын буоруттан, сороҕор оһоҕуттан күллээх чоҕу көһөрөн илдьэ кэлэр буолаллара. Итинник үгэс элбэх омукка тарҕаммыт.

— Дьиэлээх киһи быһыыта-майгыта тэлгэһэтинэн быһыллар. Кыанар, сэнэх, үлэһит ыал бэлиэтэ – сиир отторо, кыстыыр мастара толору тиэниллибит, бөҕө күрүөлээх-хаһаалаах, оннооҕор хаардарын күрдьүүтэ киэҥ, ыраас буолар. Маннык тэлгэһэҕэ үтүө түстэнэр дииллэр. Дьалаҕай, дьаһала суох ыал тиэргэнин ыыра кыараҕас, ыһыллаҕас буолар.

Дьэ, онон, үөһэ этиллибитин курдук, сиэри-туому тутуһан, үчүгэйдик толкуйдаан, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан тутуннахха, ыал биһигэ бигэ туруктаах, чэгиэн эйгэлээх буолар.

«Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ» кинигэттэн.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0