Син сэрэхтээх курдук сананар этим да, биир алҕас туттууттан, дьалаҕай быһыыттан быһылаан буолар эбит… Уртууттаах кыраадыһы остуолга ууран баран, сото сылдьан, алҕаска туора хаһыйан кэбистим. Керамогранит муостаҕа түһээт, кыраадыс бып-бытархай кыырпахтарга ыһылынна. Куһаҕана диэн, бытархайа бэрт буолан, уртуут төкүнүктэрин тута булан көрө охсубатым.
Маннык түгэҥҥэ уолуйумуохха наада. Оҕолору, дьиэ кыылларын бэрт түргэнник атын хоско атаарыллар. Тэпсэҥнээн, тилэхтэригэр, түүлэригэр сыһыаран, атын хосторго таспатыннар диэн. Онон биир киһи хомуйара ордук.
Бастаан таҥаскын уларыттаҕын: быраҕылларын аһыммат, синтиэтикэ таҥаһы кэтэр ордук. Атаххар бахиланы, ол суох буоллаҕына, салаппаан пакеты, илиигэр эрэһиинэ бэрчээккини, икки хос инчэҕэй маасканы, эбэтэр респираторы кэтэҕин. Хос аанын сабаҕын, түннүгү аһаҕын. Плинтус баар буоллаҕына, көтүрэн, бэрэбиэркэлиир ордук.
Уртуут бэйэтэ буолбакка, дьааттаах паара ордук кутталлаах, ол иһин төһө кыалларынан түргэнник хомуллуохтаах. Төкүнүктэри испирииһинэн, эрэһиинэ грушанан оборторон, эбэтэр икки кумааҕы лиискэ кыбытан, инчэҕэй салпыакканан хомуйуллар. Муоста быыһыттан скотчунан сыһыаран ылыахха сөп. Миинньиги, пылесоһу туттуллубат! Миинньик уртуут төкүнүктэрин өссө бытарытар, хоһу биир гына ньаҕайдыыр. Оттон пылесос уртуут паарын салгыҥҥа үрэн кэбиһэр уонна кэлин да туһанарга кутталлаах, ол иһин, туттубут буоллаххытына, быраҕаргытыгар тиийэҕит.
Хомуллубут уртууту, туттуллубут салпыаккалары, кумааҕыны уулаах бааҥкаҕа уган, ыга хаппахтаан баран, сөрүүн сиргэ – балкоҥҥа, таһырдьа, ким да тыыппат сиригэр таһаарыахтааххын. Дьааттаах паара 18 кыраадыстан сылаас буоллаҕына, салгыҥҥа тарҕанар, онон хос сөрүүнэ ордук. Куйаас кэмҥэ, эбэтэр ититии батарыайатыгар түспүт буоллаҕына, сүһүрүү ордук күүһүрэр.
Бу кэнниттэн химическэй “демеркуризация” оҥоһуллуохтаах. Уртуут аата “меркурий” диэн эбит, онон химическэй сириэстибэлэри туттан, дьайыытын мөлтөтөллөр, салгыҥҥа паар көтөрүн аҕыйаталлар. Манна дьиэтээҕи сириэстибэлэртэн марганцовка уонна хлордаах “Белизна”, эбэтэр мыылалаах-суодалаах булкадаһык барсаллар.
Марганцовканы хараҥа кыһыл буолуор диэри биэдэрэлээх ууга булкуйан баран, муостаны кичэйэн сууйабыт. Муоста быыһыгар кыһыл ууну халытан сытыарыахха наада. Миэбэли, истиэнэни “Белизналаах” уунан сотон ылабыт. Бу кэнниттэн иккистээн “Белизналаах” уунан эмиэ муостаны сууйабыт.
Туттуллубут бэрчээккини, бахиланы, тапочканы, маасканы, муоста сууйбут тирээпкэни хас да хос пакекка уган, ыга баайан, балкоҥҥа таһаарабыт. Кэтиллибит таҥаһы эмиэ быраҕыахха сөп, аһынар буоллаххытына, туспа ууга бэрчээкки кэтэн, илиинэн сууйаҕыт. Массыынанан сууйуллубат, уртуут хайаҕастарыгар киирэн, хаайтаран хаалыан сөп.
Көбүөргэ, дьыбааҥҥа, утуйар таҥаска тохтубут буоллаҕына, суулаан, пакекка уган баран, туттарыллыахтаах.
Бу кэннэ тииһи суунуллар, душтаныллар, ыраас таҥаһы кэтиллэр. Сүһүрүүнү кыччатар туһуттан, активированнай чох табылыаккаларын иһиэххэ сөп. Нэдиэлэни быһа күн аайы “Белизнанан” уонна марганцовканан муостаҕын сууйа-сото, түннүгү аһан, салгылата сылдьыахтааххын. Бу күннэргэ хоско өр олорор, сылдьар сэрэхтээх.
Ханна туттарабыт?
Дьэ, уртууту ханна гынабыт диэн ыйытыы үөскүүр. Унитазка кутуллубат, бөххө быраҕыллыбат! Турбаларга хаалан, өр кэмҥэ дьааттаах паары таһаара сытыан, хас да кыбартыыра дьонун сүһүрдүөн сөп. Бөххө бырахтахха, тулалыыр эйгэни киртитэр, сүһүрдэр. Онон, анал тутар, суох гынар сирдэргэ эрэ туттарыллыахтаах.
Аан бастаан ЫБММ 112 төлөпүөнүгэр эрийбитим. Онно бэрт холкутук уртууту тутар тэрилтэлэр аадырыстарын, төлөпүөннэрин этэн биэрбиттэрэ. Арааһа, маннык быһылааннар дөрүн-дөрүн буолаллар быһыылаах. Атын улахан куораттарга курдук, уртууту кэлэн хомуйар, ыраастыыр, салгыны бэрэбиэркэлиир тэрилтэлэр Дьокуускайга суохтара хомолтолоох эбит.
Хас ый аайы олох-дьаһах хомунаалынай тэрилтэтигэр уртууттаах лаампалары тутуу иһин харчы төлүүбүт. Кыраадыһы да кинилэр тутуохтаах буоллахтара? Онон, дьиэни салайар хампаанньаҕа эрийдим. “Кыраадыһы даа? Суох, биһиги уртууттаах лаампалары эрэ тутабыт” диэн буолла. Ый аайы төлүүр харчыбын ахтыбыппар: “Чэ, оттон аҕалан көр, тугу эмэ толкуйдуохпут”, — диэтилэр.
Сорох салайар хампаанньалар уртууттаах лаампалары суох гынар тэрилтэлэргэ тиэрдибэккэ (ол өҥө харчылаах буоллаҕа!), көннөрү сыбаалкаҕа таһааран быраҕаллар диэн дьон интэриниэккэ суруйаллар ээ. Онон салгыы көрдөөтүм.
Биир чааһынай тэрилтэҕэ: “Бэйэбит кэлэн ылыахпытын сөп, өҥө сыаната – 1 тыһыынча солкуобай” диэтилэр. Кинилэр дьиэҕэ тохтубут уртууту хомуйар, ыраастыыр өҥөнү оҥорботтор эбит.
Арай, “Экопартнер” диэн тэрилтэ босхо тутар эбит. Бэйэҥ аҕалан биэриэхтээххин. Онон сарсыныгар куорат кытыытыгар, ГРЭС оройуонугар таксинан баран, туттаран кэлбитим.
Салгыҥҥа уртуут паарын бэрэбиэркэлиир биир эрэ тэрилтэ (Гигиена уонна эпидемиология киинэ) баарын булан, эрийэн тиийбиппэр, ол тэриллэрэ ханна эрэ бэрэбиэркэҕэ барбыт, хаһан кэлэрэ биллибэт диэн буолла. Роспотребнадзорга уонна куорат хаһаайыстыбатын хааччыйар сулууспаҕа (СЭГХ) эрийбиппэр, итинник дьыаланан дьарыктамматтарын биллэрбиттэрэ.
Туох буортулааҕый?
Уртуут буортута тугуй? Киһиэхэ хайдах дьайарый? Уртуут – 1-кы кылаастаах сэрэхтээх дьаат. Уртуут паара тыҥанан киирэн, организмҥа мунньуллар. Биир кыраадыс алдьаммытыттан киһи тута сүһүрэ охсубат, күүстээх сүһүрүү промышленнай кээмэйдээх тохтууттан буолуон сөп. Маннык түгэҥҥэ киһи сүрэҕэр, ньиэрбэтин систиэмэтигэр дьайан, өйүн сүтэрэр. 2,5 гр. уртуут паарынан тыыммыт киһи өлүөн сөп.
Дьаат ситэ хомуллубакка хаалбыт буоллаҕына, ыйы-ыйынан дьайа сытар, ол хроническай сүһүрүүгэ тиэрдэр. Ол түмүгэр, киһи айаҕар тимир амтана биллэр, тииһэ, миилэтэ иһэр, хамсыыр, тарбахтара, халтаһалара титириир, бэйэтэ мөлтүүр, төбөтө ыалдьар, уута көтөр, умнуган буолар, хотуолуур, иһэ ыалдьар, кыраадыстанар, сөтөллөр, аҕылыыр. Ол бүөр, оһоҕос, хаан систиэмэтэ ыалдьарыгар тиэрдиэн сөп.
Оҕо сылдьан кыраадыс алдьаннаҕына, уртуут төкүнүктэринэн оонньуурбутун санаан кэлэбин. Ол саҕана уртуут буортулаах диэн билбэттэр этэ, буолуохтааҕын курдуга. Төкүнүктэр мас муоста анныгар да түспүттэрэ буолуо ээ. Ким билиэй, баҕар, ол иһин оҕо сылдьан бүөрүм ыалдьыбыта буолаарай? Ол эрээри, дьиэлээхтэртэн атын ким да ыалдьыбатаҕа.
Ангелина Васильева
Хаартыска: интэриниэттэн
Бу — интэриэһинэй
Орто үйэлэргэ уртууту эмтээх диэн, мэдиссиинэҕэ туһаналлара. Бэл, үйэни уһатар диэн итэҕэйэллэрэ. Ыраахтааҕы Иван Грознай уртууту иһиккэ кутан, оронун аттыгар ууран турара, ол онтон сүһүрэн өлбүт диэн суруйаллар. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар ыраахтааҕы кырамтатын хостоон, чинчийэн көрбүттэрэ, кырдьык, элбэх уртуут баара көстүбүтэ.