Сүбэһит: дьиэҕэ олорон, нолуогу төнүннэрии

11.02.2021
Бөлөххө киир:

Саҥа сыл саҕаланан, ааспыт сыллааҕы нолуоктан көҕүрэтиигэ сайабылыанньа биэрэргэ тоҕоостоох кэм үүннэ. Быйылгыттан успуордунан дьарыктанан баран, ол төлөбүрүн нолуоктан көҕүрэтии быһыытынан төнүннэриэххэ сөп буолла. Сылга муҥутаан 15 600 солкуобайы төнүннэриэххэ сөп.

Нолуогабай инспекцияҕа барбакка, дьиэҕэ олорон эрэ, нолуоктан көҕүрэтиини оҥорторуохха сөп дуо? Бу сырыыга дьиэни атыылаһан баран, ол сууматыттан нолуоктан көҕүрэтиини онлайн көрүҥүнэн ылар туһунан сиһилии кэпсэтиэххэ.


Нолуоктан көҕүрэтии (налоговый вычет) диэн тугуй?

Сокуон быһыытынан, бүддьүөккэ подоходнай нолуогу (НДФЛ) төлүүр киһи бу көҕүрэтиинэн туһанар бырааптаах. Үлэһит хамнаһыттан ый аайы 13 %-нын подоходнай нолуокка ыытар. Өскөтүн хамнаһын кистиир, нолуогун төлөөбөт буоллаҕына, көҕүрэтии оҥоһуллубат. Нолуоктан көҕүрэтии суумата төһө нолуок төлөнүллүбүтүттэн тутулуктаах. Урбаанньыттар, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, үлэтэ суохтар, устудьуоннар подоходнай нолуогу төлөөбөт буолан, бу быраабынан туһанар кыахтара суох.

Нолуоктан көҕүрэтии биэс көрүҥэ баар: стандартнай (элбэх көрүҥнээх, саамай тарҕаммыта – оҕо ахсаанынан көҕүрэтэн, харчыны төнүннэрии), социальнай – үөрэххэ, эмтэниигэ, аһымал аахсыйаҕа бараабыт харчыгыттан төнүннэриэххэ сөп. Баай-дуол – дьиэҕин атыылаатаххына, ипотека бырыһыаныттан, о.д.а. Ону тэҥэ, инвестиционнай уонна профессиональнай көҕүрэтии диэннэр бааллар.

650 тыһыынча солкуобай төннөр

Саҥа атыыласпыт кыбартыыра, дьиэ сыанатыттан нолуоктан көҕүрэтиини – төлөөбүт подоходнай нолуоккуттан 13%-нын төнүннэриэххэ сөп. Муҥутуур сууманы — 260 тыһыынча солкуобайы ыларгар кыбартыыра сыаната 2 мөлүйүөн солкуобайтан кырата суох буолуохтаах. Оттон ипотека бырыһыаныттан муҥутуур улахан сууманы ыларга — дьиэ сыаната 3 мөлүйүөнтэн кыра буолуо суохтаах. Төһө харчыны төнүннэрэриҥ хамнаскыттан төһө подоходнай нолуогу төлөөбүккүттэн тутулуктаах.

Ипотекаҕа төлөөбүт бырыһыантан, 390 тыһыынча солкуобайга диэри эмиэ нолуок харчытын төнүннэриэххэ сөп. Ол эбэтэр барыта холбоон 650 тыһыынча солкуобайы (260 000 + 390 000 = 650 000) ылыахха сөп. Кэргэнниилэр биир дьиэттэн иккиэн ылар бырааптаахтар, ол эбэтэр холбоон 1 300 000 солкуобайы төнүннэрэр кыахтаахтар.

Дьиэҕэ-уокка нолуоктан көҕүрэтиини киһи үйэтигэр биирдэ эрэ туһанар бырааптаах. Болдьоҕо суох. Ол эбэтэр, кыбартыыраҕын 10 сыллааҕыта атыыласпыт буоллаххына, нолуоккун син биир төнүннэриэххин сөп. Холобур, оҕо көрөн олорбут дьахтар дохуота суох буолан, үлэҕэ тахсарын, үлэтэ суох киһи үлэ буларын кэтэһиэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, декларацияҕа бу иннинээҕи 3 сыллаах дохуот ааҕыллар. Үс сыллаах мунньуллубут сууманы биирдэ олордон ылыахха сөп.

Декларацияны онлайн көрүҥүнэн толоруу

Билигин харантыын кэмигэр дьиэҕэ да олорон, харчы ылыахха сөп. Нолуок уорганын саайтыгар nalog.ru киирэн сайабылыанньа ыытарга, бастаан Тус кэбиниэти арыйыахха наада. Ол кэбиниэккэ киирэргэ нолуок инспециятыгар баран, логин, пароль ылаҕыт уонна ону биир ый иһинэн туһаныахтааххыт. Биир ый иһинэн туһамматахха, пароль үлэлээбэт буолан хаалар.

Эбэтэр, Госуслуги.ру (ЕСИА) саайт логинынан уонна паролунан киириэххэ эмиэ сөп. Ол эрээри Госуслуги.ру портал нөҥүө декларация толорор буоллахха, электроннай цифровой илии баттааһынын (ЭЦП) оҥорторуохха наада. Ону нолуок саайтыгар киирэн төлөбүрэ суох оҥортороҕут.

Оттон Nalog.ru саайтка толорор быдан судургу, өйдөнүмтүө. Манна “Жизненные ситуации” диэн салааҕа киирэн баран, салгыы “Подать декларацию 3-НДФЛ” уонна “Заполнить онлайн” диэҥҥэ киирэҕит. Саайтка декларацияны толоруу кумааҕыга толорордооҕор чэпчэки, анал “түннүктэр” арыллан, ыйан биэрэн иһэллэр. Биир сылга биир декларация толоруллар, манна нолуоктан көҕүрэтии хас да көрүҥэ киириэн сөп.


Барыта 5 хардыынан докумуон онлайн көрүҥүнэн толоруллар

  • 1 хардыы – дааннайдары киллэрии, сылын талыы.
  • 2 хардыы – дохуоту бигэргэтии (үлэни биэрээччи туһунан информация толоруллар). ИНН нүөмэрин, 2НДФЛ ыспыраапканы анал “түннүктэргэ” суруйан киллэрэҕит.
  • 3 хардыы – нолуоктан көҕүрэтии көрүҥүн талыы (хас да көрүҥү талыахха сөп).
  • 4 хардыы – нолуогу көҕүрэтии көрүҥнэрин анал “түннүктэргэ” толоруу.
  • 5 хардыы – докумуоннары киллэрии (сканердаммыт, эбэтэр pdf-көрүҥүнэн, о.д.а. буолуон сөп).

Нолуоктан көҕүрэтиини ыларга маннык докумуоннар ирдэнэллэр:

  • сайабылыанньа;
  • 3-НДФЛ декларация (бухгалтерия биэрэр, эбэтэр бэйэҥ толороҕун);
  • 2-НДФЛ ыспыраапка (бухгалтерия биэрэр);
  • кыбартыыра эбэтэр чааһынай дьиэ докумуоннара (өлүүлэһэн тутуу дуогабара, “акт приема-передачи”, эбэтэр “ЕГРН выписката”);
  • ипотека кирэдьиитин дуогабара;
  • дьиэ төлөбүрүн докумуоннара (араспыыска, квитанциялар, чектэр);
  • ипотека төлөбүрүн туһунан баан ыспыраапката;
  • кэргэнниилэргэ ыал буолуу сибидиэтэлистибэтэ;
  • баан счетун реквизиттэрэ.

Нолуок инспекцията сайабылыанньаны үс ый иһинэн көрөн, харчыны каартаҕа түһэрэр эбээһинэстээх. Ол эрээри, сороҕор, оннооҕор түргэн буолуон сөп. Холобур, 2020 сыл сэтинньитигэр биэрбит дьон ахсынньыга харчыларын ылбыттара. Билигин, сыл саҥатыгар, үгүс дьон нолуоктан көҕүрэтиини ыларга сайабылыанньа биэрэр буоланнар, бытаарыахтарын сөп.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0