Саас барахсан сибикитэ биллэн, таһырдьа сылыйда, сырдаата. Ону тэҥэ бастакы сааскы бырааһынньык – Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрэ бу тиийэн кэллэ. Бу кэмҥэ хас дьиэ ахсын тыыннаах сибэкки тырымныыр, кыыс, дьахтар кэрэтин кэрэһилиир, кэргэҥҥэ, ийэҕэ тапталы, махталы туоһулуур.
edersaas.ru
Ол гынан баран, сибэкки дьөрбөтө икки-үс эрэ күн кэрэтинэн кэрэхсэтэн баран, кэхтэн хаалан хомотор. Сибэкки үйэтин хайдах уһатыахха сөбүй?
Интэриниэккэ араас сүбэ үгүс: сорохтор туох да химияны туттумаҥ дииллэр, сорохтор саахартан, аспиринтан саҕалаан, буоккаҕа тиийэ кутуҥ дииллэр. Хайата ордугуй? Ону киһи бэйэтэ бэрэбиэркэлээн көрдөҕүнэ эрэ, билэрэ буолуо.
Сибэкки өр турарыгар икки усулуобуйа наада:
— сибиэһэй, саҥа арыллыбыт буолуохтаах;
— сөпкө көрүү-харайыы.
Сибиэһэй сибэккини таларга маннык сүбэлэр бааллар:
Умнаһа хаппыт буолуо суохтаах. Сибэкки арылла илик буоллаҕына, өр турар. Эминньэхтэрэ сибиэһэй, кытаанах көрүҥнээхтэр. Холобур, токурутан баран, ыыттахха – имиллибэккэ-хомуллубакка, төттөрү миэстэтин булар. Сибиэһэйэ суох сибэкки эминньэҕэ мөлтөх, кытыыта хаппыт буолар, токуруттахха, имиллэн хаалар, туллан кэлиэн да сөп.
Сибэкки дьөрбөтө өр турарыгар күннэтэ көрүүнү-истиини эрэйэр. Биирдэ ууга туруордуҥ да, бүтэр буолбатах.
Аан бастаан сибэкки умнаһын үчүгэйдик сууйабыт. Өскө салахайдаах, хараарбыт, киртийбит буоллаҕына – өр турбут. Ону өрбөҕүнэн сууйан баран, кыптыыйынан иҥнэри соҕус тутан кырыйабыт. Алларааҥы сэбирдэхтэрин быһан быраҕабыт.
Күн аайы уутун уларытарга бу дьайыыларбытын хатылыыбыт. Сибэкки тоҕо эрдэ кэхтэрий? Уутугар бактериялар үөскээннэр, сытытан кэбиһэллэр, оччоҕо өр барбат. Ууну тута кыраантан ылар табыллыбат. Туруора түһэн, сатаатар, хлорун көтүтүөххэ наада. “Бутыль” ыраастаммыт уута эмиэ барсыбат дииллэр. Аны туран, эминньэхтэрин пульверизатордаах уунан ыстарар эмиэ туһалаах.
Сибэкки кыраадыс уларыйыытын тулуйбат. Тымныыттан итиигэ тута киллэримэҥ, сөрүүн сиргэ суутун арыйбакка сытыаран, үөрэтэ түһүҥ. Сорох флористар тымныыттан кэлбит сибэккини ваннаҕа уута кутан, сытыара түһүҥ диэн сүбэлииллэр. Аны итии батарыайа, оһох аттыгар, үрэр форточка анныгар турара эмиэ табыгаһа суох.
Сорох сибэккилэр бэйэ-бэйэлэрин кытары сөп түбэһиспэттэр. Нарцисстары уонна лилиялары, гвоздикалары уонна розалары, ландыштары уонна тюльпаннары биир вазаҕа туруорумаҥ. Уопсайынан, розалары туспа иһиккэ тутар ордук.
Саахары, буокканы кутабыт дуо?
“НТВ” ханаал “Наш Роспотребнадзор” диэн биэриитигэр уопут оҥорон көрбүттэрэ. Биир дьөрбө сибэккилэрин тус-туспа ыраас ууга уонна саахардаах, аспириннаах, уксуустаах, химическэй бороһуоктаах ууга укпуттар.
Көннөрү ууга турар сибэкки үс күнүнэн кэхтибит. Саахардаах, уксуустаах, аспиринаах ууга турбут сибэккилэр 5-7 күн уһаабыттар. Бу сириэстибэлэр ууга бактериялар элбииллэрин тохтотоллор. Өссө марганцовка, борнай, лимоннай кислота, туус эмиэ көмөлөһүөхтэрин сөп. Оттон саахар глюкозата эбии аһылык буолар. Өскөтүн сибэкки хатан эрэр буоллаҕына, итии ууга уктахха, тиллэн кэлэллэр диэн эмиэ сүбэлииллэр.
Ол эрэн, бу биэриигэ саамай уһуннук химическэй бороһуоктаах ууга турбут сибэкки – 12 күн устата сибиэһэй туран, үөрдүбүт. Маннык бороһуогу сибэкки маҕаһыыннарыгар атыылыыллар.
Сибэкки үөрдэр, настарыанньаны көтөҕөр, сааһы, сайыны санатар дьикти өрүттээх. Онон, сибэккилэргитин үчүгэйдик харайдаххытына, тапталлааххыт истиҥ сыһыанын кэрэһитэ буолан, өр туран үөрдүөхтэрэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru