Сүбэһит: Чаҕылҕантан көмүскэнии

04.07.2018
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта күүстээх этиҥнээх, чаҕылҕаннаах ардах түһэн, тус-туспа сиргэ турар дьиэ, гараж уонна хаһаайыстыбаннай тутуу умайдылар. Элбэх оҕолоох  ыал дьиэтэ-уота суох туран хаалла… Ону тэҥэ үөр сылгы өлө сытар хаартыската «бассаапка» тарҕанна. 


Айылҕа көстүүтүн утары барбаккын. Ол гынан баран, эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыыттахха, көмүскэнэр кыах улаатар эбит. Этиҥнээх, чаҕылҕаннаах ардах кэмигэр хайдах быһыыланар туһунан хас биирдии киһи билиэхтээх. Бу кини олоҕун, баайын-дуолун харыстыан сөп.

Дьиэҕэ олорон

Элэктэриичэстибэҕэ холбонор тиэхиникэни барытын араарыҥ. Тэлэбиисэр антеннатын кабелын хайаан да араарыҥ. Төлөпүөнүнэн эмиэ туттуо суохтааххыт. Түннүгү-үөлэһи сабыҥ, тоҕо диэтэххэ, салгын эмиэ уоту аһардар.

Арай, саарык курдук төгүрүк чаҕылҕан дьиэҕитигэр киирбит буоллаҕына, сүүрүмэҥ, эрчимнээхтик хамсанымаҥ. Итинник чаҕылҕан киһи хамсанан салгыны хайытарын батыһар, эбэтэр эмискэ эстиэн сөп. Аа-дьуо, бытааннык хамсанан, атын хоско баран, сиргэ, эбэтэр орон, остуол анныгар сытыҥ. Батыһар буоллаҕына, сэрэнэн сиргэ умса, кумуччу туттан, хамсаабакка сытынан кэбиһэр ордук. Оччоҕо бэйэтэ тахсан барыа. Дьиктитэ диэн, шаровой чаҕылҕан кээмэйиттэн тутулуга суох, кып-кыра да хайаҕаһынан ньылбырыйан киириэн сөп, онтон тута  бэйэтин быһыытын ылынар.

Ойуурга, хонууга сылдьан

Уһун, улахан, соҕотох турар мас анныгар киирбэккэ, намыһах буолан баран, хойуу мас анныгар саһар ордук. Аһаҕас сиргэ түбэстэххитинэ, аппалаах, ханаабалаах намыһах сири булан, салаппааны, таҥаһы, лабаалары тэлгэтэн, кумуччу туттан олоруҥ. Тимирдээх маллары ыраах, тэйиччи ууруҥ. Ордук уһун синньигэс быһыылаах күөгүнү, зонтигы, о.д.а. хороччу тутумаҥ. Этиҥнээх ардах түргэнник ааһар идэлээх, ол эрэ кэнниттэн салгыы айанныыр ордук.

Сөтүөлүү сырыттаххытына этиҥнээх ардах түстэҕинэ, тута ууттан тахсыллар. Уу уоту олус бэркэ аһарар.

Массыынанан айаннаан испит буоллаххытына, мотуорун, араадьыйатын арааран, түннүгүн сабан баран, тохтуурун кэтэһиҥ. Маннык кэмҥэ айанныыр кутталлаах, тоҕо диэтэр, чаҕылҕан аһаҕас сиргэ, бастатан туран, хамсыыр эттиккэ түһэр. Бу матасыыкылынан, бэлисипиэтинэн айанныырга эмиэ сыһыаннаах.

Киһини быыһааһын

Чаҕылҕан охсубут киһитигэр чугаһаабаттар диэн сыыһа өйдөбүл. Киһи этэ-сиинэ элэктэриичэстибэ уотун мунньубат, аһардан кэбиһэр. Оҕустарбыт киһини уунан ыһан баран, сыгынньахтаан, этин-сиинин инчэҕэй таҥаһынан сабан сытыарыллар. Киһи өйүн сүтэрэр, тыынара, сүрэҕэ тохтуон сөп. Бу кэнниттэн өйдөммөтөҕүнэ, тыыммат, сүрэҕэ тэппэт буоллаҕына, бастакы көмөнү оҥорорго тиэтэйиҥ, онтон балыыһаҕа илдьиҥ (“Суһал көмөнү” ыҥырыҥ).

Дьиэни бөҕөргөтүү

Дьиэҕэ чаҕылҕан түспэтин курдук эрэллээх буоларга, анал тэрили (громоотвод) туруораллар. Үксүгэр бэлэми атыылаһаллар, сорохтор бэйэлэрэ оҥорон туруораллар. Уопсастыбаннай, коммерческай, производственнай тэрилтэлэр дьиэлэрэ маннык тэрилинэн хааччыллаллара ирдэнэр.

Маннык тэрил үс чаастан турар: чаҕылҕаны тардан ылар, тогу аһардар уонна сиргэ түһэрэр (заземлитель). Ону тэҥэ, дьиэ иһинээҕи тиэхиникэни харыстыырга элэктэриичэстибэ уота күүһүрүүтүн намтатар тэрили туруораллар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Бу — интэриэһинэй

Чаҕылҕан уота сөкүүндэҕэ

100 тыһ. км  түргэннээхтик субуллар,

20-180 тыһ. ампер күүстээх. Онон түспүт сирин тута күл-көмөр оҥорон кэбиһэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0