Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү управлениетын Тулалыыр эйгэ киртийиитин кэтээн көрөр киинэ 4 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 7 стационарнай пууҥҥа баскыһыанньаттан ураты, күҥҥэ үстэ салгын киртийиитин кэтээн көрөр. Салгыҥҥа көтө сылдьар бэссэстибэлэри, азот диоксидын уонна оксидын, сера диоксидын, углерод оксидын, сероводороды, формальдегиды, фенолу, аммиагы, о.д.а. кээмэйдииллэр.
ПДК диэн тугуй? Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ ылыммыт нуормата (предельно допустимая концентрация), ол чэрчитинэн, бу тулалыыр эйгэҕэ буортулаах бэссэстибэлэр хойдубут кээмэйдэрэ киһиэхэ, кыылларга куһаҕан дьайыыны оҥорбот. Үрдүк киртийиинэн ПДК нуорманы 10 төгүлтэн тахса куоһарбыт буоллаҕына, ааҕыллар. Муҥутуур (экстремальнай) үрдүк киртийии – нуорманы 50 төгүл куоһарбыт буоллаҕына.
Киин иһитиннэрбитинэн, бэс ыйыгар Дьокуускай куорат салгыныгар быылтан киртийии бэлиэтэммит – ортотунан ПДК нуорматын 2 төгүл куоһарбыт. Сорох сиринэн формальдегид түмүллүүтэ нуорманы 1,3 төгүл куоһарбыт (бу массыына гааһыттан буолуон сөп).
Ол эрээри, от ыйын саҥатыгар өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар элбэх баһаардар тураннар, бары кэриэтэ нэһилиэнньэлээх пууннары хойуу буруо бүрүйбүтэ.
“Роспотребнадзор” Саха сиринээҕи управлениета от ыйын 10 күнүгэр салгын киртийиитэ нуорманы таһынан барбытын бэлиэтээбитэ: Дьокуускайга – салгыҥҥа көтөр бэссэстибэлэр 1,2 (нуорма – 0,16 мг/м3), Бэрдьигэстээххэ уонна Намҥа – азот диоксида 1,43-3,06 (нуорма – 0,2 мг/м3). Нуорманы хас төгүл куоһарбытын ааҕан көрүҥ. От ыйын 17 күнүгэр өссө хойуу буруо түһэн, дьону салыннарда.
Чахчы, уонча хонук устата хойуу буруоттан күн-ый көстүбэт, күөмэйи, хараҕы аһытар, тыынарга ыарахан буолла. Бу маннык хойуу буруо доруобуйаҕа хайдах дьайарый, туох буортулааҕый?
Ардах түһэн, баһаар хаптайан, аҕыйах күҥҥэ буруота аҕыйаабыт курдук. Ол эрээри, бу кэнниттэн эмиэ куйаас, кураан буолара, хомойуох иһин, баһаардар тураллара күүтүллэр. Былырыын алтынньыга хаар түһүөр диэри ойуур умайбытын умнубатыбыт ини? Онон буруоттан хайдах харыстанар туһунан толкуйдуоҕуҥ.
“Роспотребнадзор” сүбэлиир
Бу саамай судургу ньымалар дьиэҕэ буруо киириитин, организмҥа дьайыытын намтаталлар:
— буруолаах кэмҥэ таһырдьа тахсары аҕыйатыҥ;
— оҕолор таһырдьа оонньуулларын хааччахтааҥ;
— куйааска эт-сиин көлөһүнү кытары элбэх ууну сүтэрэринэн, элбэх ууну иһиҥ;
— микроэлэмиэннэри сүтэрбэт туһуттан кыра туустаах уонна минеральнай ууну, аһыйбыт үүтүнэн оҥоһуллубут утахтары иһиҥ;
— битэмииннээх эрээри, чэпчэки аһы (элбэх антиоксиданнаах моонньоҕону, от күөҕэ өҥнөөх оҕуруот аһын, отоннору, оливковай арыыны, муора балыктарын) аһааҥ;
— бу кэмҥэ күүскэ хамсанартан, ноҕуруускаланартан туттунуҥ;
— маасканы, респираторы инчэтэн баран кэтиҥ;
— түннүгү сабыҥ, ол кыаллыбат буоллаҕына, инчэҕэй бырастыынанан сабыҥ, төһө кыалларынан, кондиционердары, салгыны сиигирдэр, ыраастыыр анал тэриллэри туһаныҥ;
— буортулаах бэссэстибэлэр мунньустубаттарын туһуттан, хос иһин инчэҕэй тирээпкэнэн сууйа-сото сылдьыҥ;
— вентиляция хайаҕаһыттан буруо сыта кэлэр буоллаҕына, инчэҕэй тирээпкэнэн бүөлээҥ;
— тириигэ буортулаах бэссэстибэлэр иҥэллэрин бохсор туһуттан, күҥҥэ хаста да душтаныҥ;
— пиибэттэн, арыгыттан, табахтан аккаастаныҥ;
— таһырдьа тахсан сүүрүмэҥ, спордунан дьарыктанымаҥ;
— харах аһыйар буоллаҕына, “искусственнай харах уута” инчэтэр хааппылалары куттуҥ;
— мэйии эргийэр, төбө ыалдьар, аҕылыыр, сөтөллөр, утуйбат, хотуолуур, сэниэтэ суох буоллахха, бырааһы ыҥырыҥ. Бу аата организм сүһүрбүтүн бэлиэлэрэ. Олоҕурбут ыарыылаах (сүрэх-тымыр, тыынар уорганнар ыарыылара, аллергия, о.д.а.) уонна сааһырбыт дьон, хат дьахталлар ордук сэрэхтээх буолуохтаахтар. Ийэтин нөҥүө буортулаах бэссэстибэлэр оҕоҕо эмиэ бэриллэллэр. Кыра оҕолорго сүһүрүү олус куһаҕан дьайыылаах, тоҕо диэтэр, кинилэргэ ол дьайыыта олус түргэнник барар: аллергия, перитонит, анафилактическай шок, о.д.а. Сүһүрүү бэлиэтэ билиннэҕинэ, туруктара мөлтөөтөҕүнэ, “суһал көмөнү” ыҥырыахтаахтар.
Буруо буортулаах дьайыыта
Буруоҕа баар угарнай гаас тыҥанан хааҥҥа киирэр уонна гемоглобины кытары холбоһон, кислороду үтэйэн кэбиһэр. Ол эбэтэр, хааҥҥа, мэйиигэ, уорганнарга кислород тиийбэт буолар. Ону тэҥэ, митохондриялар кислород көмөтүнэн килиэккэҕэ эниэргийэ булар кыахтарын тохтотор. Онон киһи хайдах эрэ бытааран хаалар, утуктуу сылдьар, төбөтө ыалдьар, хотуолуур буолар. Бу курдук өр кэмҥэ кислород тиийбэт буоллаҕына, сүрэххэ куһаҕаннык дьайар (инфаркт, инсульт).
Угарнай гааһы кытары гемоглобин 20% холбостоҕуна, сүһүрүү бастакы бэлиэлэрэ биллэллэр, оттон 50% буоллаҕына – киһи өлөр. Угарнай гааһынан сүһүрүү улахан буоллаҕына, кислородтаах “сыттык”, эбэтэр ИВЛ аппараата эрэ көмөлөһөр (бу баһаарга эмсэҕэлээбит дьоҥҥо сыһыаннаах).
Төһөнөн өр кэмҥэ хойуу буруолаах сиргэ олороҕун да, соччонон дьаат мунньуллан иһэр. Бу сүһүрүүнү бэйэлэригэр ылынар уорганнарга – быарга, бүөргэ куһаҕан дьайыылаах. Онон мунньуллубут дьааты таһаарар, аҕыйатар дьайыылар оҥоһуллуохтаахтар.
Дьаат мунньуллубатын туһугар
Бастатан туран, төһө кыалларынан, буруону аҕыйахтык эҕирийэ сатаныллыахтаах. “Кыра сүһүрүү баар” дии саныыр буоллаххытына, токсиннары оборон таһаарар сорбеннары (активированнай чох, “Смекта”, “Энтеросгель”, «Полисорб”, о.д.а.) иһиэххэ сөп. Саамай судургу, куттала суох ньыма – сорбент курдук дьайыылаах, оһоҕоһу үлэлэтэр, ыраастыыр бородуукталары элбэхтик сиэххэ наада.
Ол курдук, эбиэс кисиэлэ, рис буспут уута, хааһылар ыраастыыллар. Отурбаны, лүөн сиэмэтин сиэтэххэ, оһоҕоһу үлэлэтэр, ыраастыыр. Сиикэй хаппыыстаттан, сүбүөкүлэттэн, моркуоптан салаат оҥорон, күнү быһа сиэтэххэ, иһи-үөһү бэркэ ыраастыыр. Оҕуруот аһа нитрата суох буолуохтаах. Бифидо-, лактобактыарыйалардаах суораты, кэпиири сиэххэ наада. Үүт, фрукта саҥа эрийтэриллибит суога сорох буортулаах бэссэстибэлэри эмиэ таһаараллар.
Ону тэҥэ, бэйэбит дойдубутугар үүнэр эмтээх оттор дьайыыларын билэр буоллахха, оргутан иһиэххэ сөп. Бастатан туран, быарга, бүөргэ, тыҥаҕа көмөлөөх хомуурдары булан иһиллиэхтээх.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ykt.ru
Эспиэр санаата
“Буруо олус куһаҕан дьайыылаах”
Александр Чучалин, пульмонолог, РАН академига:
— Хойуу буруоттан харах аһыйар, устунан кыһыйан, хатан барыан сөп. Химическэй бэссэстибэлэртэн тирии эмиэ эмсэҕэлиир, бааһырыан сөп. Киин ньиэрбэ систиэмэтэ эмсэҕэлээтэҕинэ, киһи кыайан утуйбат, кыраттан да кыйыттар, сэниэтэ суох буолар. Өр кэм устата хойуу буруо, угарнай гаас дьайыыта тыҥаҕа, тымырдарга, сүрэххэ, бүөргэ, быарга куһаҕаннык дьайар. Хаан баттааһына түһүөн-тахсыан, стенокардия, инфаркт, инсульт элбиэн сөп. Тыҥа ыарыылаах дьоҥҥо ордук куһаҕан. Табахтыыр дьон аккаастанаргытыгар сүбэлиибин.
Организмҥа буруо куһаҕан дьайыытын кыччатар туһуттан, битэмииннэри иһиэххэ наада. Холобур, Е, А битэмииннэри, антиоксиданнары, күөх чэйи истэххэ, эт-сиин чөлүгэр түһэриниитэ түргэтиир.
Алексей Водовозов, токсиколог-быраас:
— Күн аайы кэтэрэ мэдиссиинэ мааскалара туһалаабаттар, тоҕо диэтэр, буруо бытархай бэссэстибээрин хааччаҕа суох аһардаллар. Респиратордары туһанар буоллахха, фильтрдара Р3 бэлиэлээх буолуохтаахтар. Бу маннык респиартордары гааһы кытары тохтотоллор. Бу кэмҥэ элбэх ууну иһиэххэ наада. Уу сорох сүһүрдэр бэссэстибэлэри суурайан таһаарар.