Сүбэһит: Биэрэһи төбөтүн быһан кэбиһиҥ

Ааптар: 
16.08.2021
Бөлөххө киир:

Бары билэргит курдук, биэрэс сүрүн умнаһа улаатарын саҕана, үс лабааҕа арахсар.

 

Ол лабаалар үөһээ өттүлэригэр үстүү-түөртүү хоннох бөҕөтө тахсан, сүрүн умнас уон икки «төбөлөнөр». Инньэ гынан, үөһээ өттө хоп-хойуу буолар. Маннык умнас сүгүн-саҕын астаммат. Ол иһин, мин сүрүн умнаска биирдии эрэ лабааны ордорон баран, барытын быһан кэбиһэбин.

Сүрүн умнаһыттан ойоҕос лабаа үүнэр, онно тахсыбыт бастакы сибэккитэ «хоруоннай сибэккитэ» дэнэр. Ону, ас кута илигинэ, төрүт ылан кэбиһэр ордук. Тоҕо диэтэххэ, хоруонай сибэкки бэйэтэ сүрдээх бытааннык үүнэрин таһынан, атын сибэккилэр сайдалларын мэһэйдиир. Ол иһин төрүт аһыммакка, быдан кэбиһиллэр.

Помидору кытара буһуор диэри угар туруоруохха сөп буоллаҕына, биэрэһи оннук уһуннук туруорар наадата суох, тоҕо диэтэххэ, сөбүгэр улааппыт биэрэс саҥа улаатан эрэр астар үүнэллэрин мэһэйдиир. Ол иһин, көннөрү кытаран эрээччилэри быһан ыламмын, хортуон дьааһыкка икки-үс эрээтинэн сааһылаан уурабын. Үөн-көйүүр чугаһаабатын, сымыытын уурбатын диэн, уу куппут кэнниттэн күлгэ аһыы биэрэһи булкуйан баран тамалата кутар үчүгэй.

Намтан Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа, «Саха сирэ»,  edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0