Сүбэһит: Биэрэһи эбии аһатыы уратыта

Ааптар: 
17.08.2021
Бөлөххө киир:

Баччаларга эбии аһатыы сайыҥҥыттан уратылаах – азоту уонна ноһуому төрүт туттуллубат.

Ол оннугар суперфосфаты уонна күлү туһаныллар. Онуоха бастаан 2 киилэ суперфосфаты 4 лиитэрэ оргуйбут ууга кутан булкуйа-булкуйа суурайыллар уонна биир суукка кэриҥэ туруоруллар, онтон убаҕаһын тоҕон кэбиһиллэр. Иһиккэ ордубут ньоҕоҕун (хойуутун) 10 лиитэрэ ууга суурайан баран, уктарга ыстарыллар. Буорга төрүт кутуллубат, кини сөптөөх уоҕурдууну иҥэринэн турар. Суперфосфаттаах ууну куппут кэнниттэн биэс хонон баран күл суурадаһынынан ыстарыллар. Оттон азоту үөһэ эппитим курдук төрүт чугаһатыллыбат, алҕас куттаххытына, абырыахтааҕар алдьатыаххыт, үүнээйи (холобур, биэрэс) аһын биэрбэккэ, сэбирдэхтэрин таһаара-таһаара туруоҕа.

Билигин да 1,5 ый баар

Улахан тымныы түһүөр диэри билигин да балтараа ый баар, дьэ бу кэми көдьүүстээхтик туһаныахха наада. Онон алларааҥҥы сэбирдэхтэри барытын тоноон кэбиһиллэр, күн сырдыгын хаххалыы уонна иҥэмтиэлээх эттиги сии турбатыннар. Болҕомтону ордук хоннох лабааларга ууруллар. Кураанах (аһа суох) хоннохтору ыраастаан кэбиһиллэр, оттон сибэкки болчуоҕа баар, ол эбэтэр астаах хоннохтору салгыы үүннэриллэр. Дьэ бу балартан сибэккилэр тахсаннар, ый устатыгар ас кутуохтаахтар. Ол астар сүрүн умнаска үүммүт биэрэстээҕэр бытархай соҕус буолуохтара, ол гынан баран кыһын борщ оҥорорго барсыахтара.

Биэрэс сииктээх буору сөбүлүүр. Ол иһин ууну дэлэччи соҕус кутуллар уонна салгын киирэрин хааччыйан, буорун сэрэнэн (аны силиһэ алдьанан хаалыаҕа) көбүтэн биэрэ сылдьыллар. Ол эрээри тэпилииссэ наһаа сииктээх уонна сииктээх буоллаҕына, куоппаһырыы аанньа барбат, ото эрэ өлгөмнүк үүнүөҕэ. Ол иһин тэпилииссэ аанын, түннүгүн аһан кэбиһиллэр, оттон таһырдьа турар биэрэс атаҕын сылаастык тутуллар.

Мантан күһүн түүнүн тымныйан иһиэҕэ. Биэрэс тымныыны тулуйбат, үлүйүмтүө үүнээйи, ол иһин хаһыҥ түһээри гынна диэтэххэ, туох эмит таҥаһынан саба бүрүйэр ордук.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Намтан Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0