Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа санааҕын барытын толорор үһү диэн буолла. Сорохтор хаарта оҥорорго үөрэтэр “коуч” буола түстүлэр, итинэн харчы оҥорон бардылар…
edersaas.ru
Баҕа санаа хаартата диэн тугуй? Чахчы оннук көмөлөөх дуо? Хайдах үлэлиирий? Дьиҥэ, интэриниэккэ суруйуу элбэх, ол эрээри, мантыбыт да туспа “сэкириэттэрдээх” буолан биэрдэ.
Холобур, ыллыҥ да оҥорон барбаккын. Саҥа Ый үүнэр кэмигэр эрэ оҥордоххуна, көдьүүстээх буолар. Бу кэмҥэ оҥорбутуҥ барыта үтүө түмүктэнэр, үллэр, үүнэр. Сыл устата Ый үүнэр кэмин таба тутан оҥоруохха сөп.
Оттон саамай тоҕоостоох кэм – илиҥҥи Саҥа дьыл үүнэр күннэрэ. Кытайдар Саҥа дьылларын 15 күнү быһа бырааһынньыктыыллар, кинилэргэ хас биирдии күнэ туспа суолталаах.
.
Чаастарынан араарыы
Хаарта 9 чаастаах. Улахан баатыман кумааҕытын, эбэтэр хаһыат балаһатын саҕа ыраас кумааҕыны ылан, тэҥ чаастарга арааран, сурааһыннары тардаҕыт.
Ортотугар, “Доруобуйа” диэн чааска бэйэҕит күлбүт-үөрбүт, дьолломмут хаартыскаҕытын сыһыараҕыт. Тула доруобуйаҕа сыһыаннаах хартыыҥкалары (спорт, иҥэмтиэлээх аһылык, о.д.а.) сыһыарыахха сөп. Хартыыҥкалары сурунаалтан кырыйан, эбэтэр интэриниэттэн хачайдаан, бэчээттэтэн ылыаххытын сөп. Баҕарбыт хартыыҥкаҥ суох буоллаҕына, уруһуйдаан да биэриэххин сөп.
Хаарта бу маннык чаастарга арахсар:
- Үп-харчы, баай-дуол
- Албан аат, чиэс-бочуот, билинии
- Таптал, сыһыан
- Дьиэ кэргэн
- Доруобуйа
- Оҕолор, айар үлэ, сөбүлүүр дьарык
- Билии, муударас, бэйэни сайыннарыы
- Идэ, карьера, ситиһии
- Айан, сынньалаҥ, көмөлөһөөччүлэр.
Уобарастаан көрүү
Хаарта киһи баҕа санаатын хайдах толороруй? Аныгы үөрэх этэринэн, биһиги дьайыыларбытын, олохпутун эт мэйиибит буолбакка, ис, түгэх өйбүт (подсознание) салайар эбит. Ону бэйэбит да билбэппит.
Түгэх өй санааны, саҥарар саҥаны үчүгэйдик ылыммат, арай, уобарастаан көрүү, иэйии тылын өйдүүр. Ол эбэтэр, хартыыҥканы көрө-көрө, баҕа санааҥ туолбут курдук санаан, ол онтон дуоһуйан, астынан, үөрэ-көтө сыһыаран кэбиһэҕин. Кэмиттэн кэмигэр көрө сылдьан, эмиэ туолбутун курдук санаан, үөрүү, астыныы иэйиитинэн “аһата” сылдьаҕын. Ити ньыма нууччалыы “визуализация” диэн ааттанар.
Ол аата, түгэх өйгө тиийэргэ үс суолу тутуһаҕын: хараххынан уобарастаан көрөҕүн, ону үтүө, үөрүүлээх иэйиинэн сылытаҕын, өссө сыал-сорук туруорунар этиинэн (аффирмация) тоһоҕолоон биэрэҕин, тыл, санаа күүһүн туһанаҕын.
Аффирмациялар
Аффирмацияны этии туспа быраабылалардаах. Буола илик кэми таарыйбакка, сибилигин буола турарын курдук саҥарыллыахтаах. “Баҕарабын” диэн тылы туттуо суохтааххын. Мэлдьэһэр, суох оҥорор тыллары (нууччалыы “не” диэн эбиискэлээх) туттуллубат. Баҕа санаа чопчу, чуолкай буолуохтаах. Сыыһа саҥаран кэбистэххэ, атыннык туолан хаалыан сөп!
Сыыһа этиилэр:
“Мин муораҕа сынньаныахпын баҕарабын!”
“Мин элбэх харчыланыахпын баҕарабын!”
“Мин ыалдьыахпын баҕарбаппын!”
“Мин уойуохпун баҕарбаппын, ырыахпын баҕарабын!”
“Мин үс оҕолонуохпун баҕарабын!”
Сөптөөх этиилэр:
“Мин хамнаһым 2022 сылга 100 тыһыынча солкуобай буолбутуттан дьоллонобун!”, “Иккис үлэбиттэн ый аайы 40 тыһыынча солкуобай кэлэ турар!” о.д.а.
“Мин доруобуйам чэгиэн-чэбдик, эдэрбэр түһэн иһэбин!”
“Мин ыйааһыным үс ыйынан 60 киилэ буолбутуттан олус-олус үөрэбин!”
“Ыйааһыным 60 киилэ буоларыгар спордунан дьарыктанабын, сарсыарда аайы сүүрэбин, аспын көрүнэбин!” о.д.а.
“Мин үс үчүгэйкээн оҕолоох, дьоллоох ыал ийэтэбин, тапталлаах кэргэммин!”
Сөпкө сыһыарыы кистэлэҥнэрэ
Табыгастаах хартыыҥкалары сурунааллартан, интэриниэттэн ылыаххытын сөп. Сүрүннээн, киһи сирэйэ көстүбэтэ ордук. Холобур, тапталлаахтар куустуһан турар хартыыҥкаларыгар кинилэр ойоҕосторунан, эбэтэр кэннилэринэн тураллар. Билэр дьоҥҥут хаартыскаларын сыһыарбаккыт (атын киһи көҥүлүн таарыйбат курдук). Дьиэ кэргэҥҥит хаартыскатын, сөбүлэһэр буоллахтарына, сыһыарыахха сөп.
Баҕа санааны дьиҥнээхтик баҕарар эрэ буоллахха, хаартаҕа сыһыарыллар. Яхталары, дыбарыастары, спортивнай массыыналары, көмүстээх сундууктары сыһыардахха – туолара саарбах. Тоҕо диэтэр, бу баайы-дуолу уйар, булар, сөпкө салайар кыахтааххын дуо? Баҕар, кыһалҕаҥ, эрэйиҥ эбиллээрэй? Атын киһи баҕа санаатын үтүктүбэккэ, бэйэҥ дьиҥ баҕарарыҥ буолуохтаах.
Оҕолордооххут, итиэннэ өссө төрүүр баҕаҕыт суох буоллаҕына, “Оҕолор, айар үлэ, сөбүлүүр дьарык” диэҥҥэ оҕо хартыыҥкатын сыһыарымаҥ. Оттон ханнык эмит хартыыҥка тиийбэт буоллаҕына, уруһуйдаан биэриэххэ сөп.
Дьиэ-уот, өрөмүөн, миэбэл, дьиэ кыылларын хартыыҥкаларын “Дьиэ кэргэн” диэҥҥэ сыһыараҕыт. “Үп-харчы, баай-дуол” диэҥҥэ – араас төлөпүөннэри, массыыналары, таҥаһы-сабы, ону тэҥэ, хамнас үрдүүрүн, бэйэ дьыалата сайдарын, бириэмийэ ылары, о.д.а. сыһыарыахха сөп.
Хартыыҥкалар анныларынан тустаах аффирмациялары суруйуохха сөп, оччоҕо өссө күүһүрэр. Баҕа санааларгытын куруук өйгө тута сылдьымаҥ, “туолуоҕа!” диэн баран, ыытан кэбиһэҕит. Ол эрэн, дөрүн-дөрүн хаартаҕытын көрөн, туолбут курдук санаан, санааҕытын көтөҕөн, дуоһуйуохтааххыт.
Биир да чааһын кураанахтыы хаалларымаҥ. Барытыгар тэҥнээн сыһыара сатааҥ. Хаартаны ким да көрбөт сиригэр, холобур, ыскаап ис ааныгар сыһыарыахха сөп. Имитэр, хайытар, бүк тутар табыллыбат. 1-2 сыл иһинэн баҕа санаалартан үксэ туолуохтаах. Саҥаттан оҥорор буоллахха, махтанан баран, урукку хаартаҕын суох гыныахтааххын. Иккини тэҥинэн ыйаныллыбат.
Түмүктүүр чааһа
Хаарта үлэлээн барарын туһугар – кинини “собуоттуохтааххын”. Ол эбэтэр, оҥорон бүтэн баран, хаартаҕар сыһыарыллыбыт биир туолар баҕа санааны тута толоруохтааххын. Холобур, киинэҕэ сылдьабын, тыҥырах оҥорторобун, мүөттээх чэй иһэбин, мороженай атыылаһабын, о.д.а. Эмиэ уобарастаан көрөҕүн: чэйиҥ итии, ытыскын сылытар, мүөт сыта кэлэр, ньуоска тыаһыыр, эчи, минньигэһин! Онтон куукунаҕар баран, чэйгин иһэн баран, “Мин баҕа санааларым миэхэ, чугас дьоммор саамай табыгастаахтык туолаллар!” диэн аффирмацияны хаартаҕар суруйан кэбиһэҕин. Үрдүкү Күүстэргэ махтанаргын умнума.
Кэмиттэн-кэмигэр итинник кыра баҕа санаалары эбии сыһыара-сыһыара толоро сырыттахха, дьиктилээх хаарта күүскэ үлэлээн барыаҕа.
Төһөнөн итэҕэйэҕин, иэйиилэргинэн угуттуугун, үөрэ-көтө кэтэһэҕин – соччонон туолуо! Элбэх биллэр-көстөр дьон Баҕа санаа хаартатын оҥороллор уонна үксэ туоларын бэлиэтииллэр. Онон бу күннэргэ, табыгастаах кэмҥэ оҥорбут хаартаҥ баҕа санаалара эйиэхэ эмиэ туолалларыгар баҕарабын!
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru