Сүбэһит: Бүөр, хабах ыарыылара

27.01.2022
Бөлөххө киир:

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн салгыы бэчээттиибит.

Сааһырдах аайы бүөр, хабах уларыйыыта элбээн иһэр. Бүөр тымырдара кыайан үлэлээбэт буоллахтарына (гломерулонефрит), иик оҥоһуллара моһуогурар, тоҥуу-хатыы, араас тумуу-тымныйыы тэбиэн сөптөөх. Бу ыарыыга иик анаалыһыгар хаан кыһыл эттиктэрэ элбииллэр, белоктаналлар, дабылыанньа өрө сүүрэн тахсар. Үрдүк хаан баттааһына түспэккэ эрэйдиир, иик аҕыйыыр, анаалыстар мөлтүүллэр. Ыарыһах туустаах аһылыктан аккаастанара ордук, сытан тахсара эмиэ куһаҕан. Кыра-кыралаан хаама, сэрээккэлии сылдьыахтаах.

Кырдьаҕастарга пиелонефрит диэн бактыарыйаларынан тарҕанар бүөр-хабах ыарыыта баар. Ол үксүгэр оһоҕос бактыарыйалара (кишечная палочка) буолар. Бу ыарыыга лоханкалара сүһүрэр буолан, бүөр кыччаан хаалар. Ол иһин организмҥа баар инфекциялары кичэйэн эмтиэххэ наада: тиис, күөмэй, ис-үөс хабахтарын ыарыыларын. Кэмигэр эмтэммэтэх бүөр ыарыыта олохсуйан хаалар. Ыарыһах сиһэ тоҥор, ыалдьар, олус сылайымтыа буолар, хаана аҕыйыыр, хаан баттааһына үрдүүр. Олохсуйбут пиелонефриттээх дьон кэмиттэн кэмигэр эмтэнэр буоллахтарына, уһуннук олороллор.

Бүөр тааһырыыта

Сааһырдахха, бүөр тууһуран, кумахтанан, тааһыран барар. Бу таас бүөргэ, хабахха, ону ааһан иик түһэр турбатыгар (мочеточники) уонна ханаалыгар (уретра) үөскүүр.

Тэтиҥ хатырыгын үлтү тутан, 1 ост.нь. 200 мл буоккаҕа кутан, 7 күн туруоран баран, сиидэлээн ылыллар. 1 ост.нь. алтей силиһин 200 мл ууга 10 мүнүүтэ оргутуллар, сойутан баран, сиидэлэнэр. 1 ост.нь. холугуруор от (пастушья сумка) мээккэлэммитин оргуйа турар уунан саба кутан, хаппахтаан, 1 чаас туруоруллар, сүүйүллэр. Бу үс оту холбоон биир иһиккэ кутуллар уонна ыстакаан 1/3-рин күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ иһиллэр.

Дьаабылыка хаҕын хатаран, мээккэлээн, 1 ост.нь. 200 мл ууга кутан, 3 мүнүүтэ оргутуллар. Ыстакаан 1/3-рин күҥҥэ үстэ иһиллэр. Күҥҥэ 2 чааскы дөлүһүөн отонун көөннөьөрөн иһиллэр.

Хабах ыарыытыгар кытыан отоно көмөлөөх.

Эһэ кулгааҕа (толокнянка) бэйэтинэн да, атын да оттордуун туттуллар. Бу от дьайыыта антибиотикка тэҥнээх. Гурий Турантаев уһуннук иһимэҥ, дьааттаах диир. Былыргы эмчиттэр хонуу боруутун (хвощ полевой) сөбүлээн тутталлара.

Дьэдьэн сэбирдэҕэ – 1 өлүү, бохсурҕан – 1 өлүү, хатыҥ сэбирдэҕэ – 1 өлүү, бүөр чэйэ (аптекаттан) – 2 өлүү, эһэ кулгааҕа – 2 өлүү, лүөн сиэмэтэ – 2 өлүү, барытын мээккэлээн холбоон, 1 ост.нь. 200 мл оргуйа турар уунан саба кутан, 10 мүнүүтэ оргутуллар. Ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Хабах ыарыыларыгар сүбэлэр

Хатыҥ сэбирдэҕин – 25 гр., уҥуохтаах отону – 25 гр. холбоон, 1 ост.нь. оту 200 мл ууга оргутан, 1 чаас туруоран баран, күҥҥэ үстэ ыстакаан аҥаарынан иһиллэр.

Ыраастамматах эбиэһи иһит аҥаарын сабыар диэри кутан, уунан толорон, 30 мүнүүтэ устата кыра уокка тэптэриллэр. Уутун атын иһиккэ кутан ылыллар уонна календула сибэккитин холбоон, түүн устата сылааска туруоруллар. Сылаастык 1-1,5 ыстакаанынан күн устата иһиллэр. Кууруһа – 2 нэдиэлэ. Бу ырыссыабы арыгыны уонна табааҕы быраҕарга эмиэ тутталлар.

Укуруоп сиэмэтин кофемолканан илдьиритэн, 1 ч.нь. оргуйа турар 200 мл уунан саба кутан, 10 чаас туруоруллар уонна аччык искэ сарсыарда сылаастыы иһиллэр. Күн аайы, нэдиэлэ устата. Киэһэ аайы өстүөкүлэлээх тиэрмэскэ оҥорор ордук. 50 саастарын ааспыт дьахтар да, эр киһи да иһэр. Простатитка уонна хабах мөлтүүрүгэр көмөлөөх.

Людмила Ким сүбэтинэн, элбэхтик ыарытар уонна таһааран киллэрэ сатыыр хабах ыарыытыгар черешня, эбэтэр вишня умнаһын оргутан, мүөттээн, чэй курдук күҥҥэ 3-4-тэ, нэдиэлэ устата иһиллэр. Эбэтэр, иик кыайан тахсыбатыгар 100 гр. сибиэһэй петрушканы оргуйа турар 1 лиитирэ уунан кутан, 1 чаас туруоран баран, ыстакаан аҥаарынан икки нэдиэлэ устата иһиллэр.

Билиҥҥи кэмҥэ бүөр ыарыыларыгар киэҥник туһанар отторо пол-пала диэн баар. Ордук бүөр, хабах таастарыгар туһалаах.

20 гр. тиэргэн отун (спорыш) оргуйа турар 200 мл уунан кутан, 2 чаас туруоран баран, 1 ост.нь. күҥҥэ иккитэ иһиллэр. Бу от тиис эмээлин алдьатар эбит, онон туруупканан иһэр үчүгэй. Таастаах дьон эмтэниэхтэрин иннинэ уонна эмтнээн баран, УЗИ-га түһэллэрэ ордук.

Дөлүһүөн отонун кофемолкалаан, 1 отс.нь. оргуйа турар 200 мл уунан кутан, 10 мүнүүтэ оргутан, 2-3 чаас бэйэтигэр сойутан, ыстакаан 1/4-рин күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Уҥуохтаах отон сэбирдэҕин – 1 өлүүнү, хонуу боруутун – 1 өлүүнү ылан холбоон, 1 сот.нь. 200 мл ууга оргутан, күҥҥэ 2 ыстакааны 2 нэдиэлэ устата иһиллэр. 2 нэдиэлэ сынньатан баран, хос иһэр куртахха туһалаах.

Моонньоҕон сэбирдэҕин хатаран, үлтү тутан, 2-3 ост.нь. 200 мл ууга оргута түһэн эмтэннэххэ, бүөргэ туһалаах.

Лүөн сиэмэтин 1-4 ч.нь. 200 мл тымныы ууга кутан, 2-3 чаас туруоран баран, булкуйан, сиэмэтин кытары утуйарга иһиллэр.

Аптека эмтэриттэн тааһы таһаарарга былыргы эмп: “марена красильная” 1 табылыаккатын ыстакаан аҥаара ууга суурайан, күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Валериана силиһин 2-3 ч.нь. ыстакаан ууга оргутан, 5 мүнүүтэ тэптэрэн, 1 ост.нь. күҥҥэ иккитэ күн иккис аҥаарыгар иһиллэр.

Хараҥаччы отун (чистотел) 1 ост.нь. оргуйа турар 200 мл уунан кутан, 4 чаас туруоран, сиидэлээн, ыстакаан 1/4-рин киэһэ-сарсыарда аһыах иннинэ иһиллэр. Петрушканы, моркуоп сиэмэтин эмиэ итинник оҥостон иһиллэр.

Ыстакаан аҥаара лимон суогун итии ууну кытары истэххэ, ону сэргэ моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу суоктарын күҥҥэ үстэ ыстакаан аҥаарынан истэххэ, таастар суураллыахтарын сөп.

Хонуу боруута. Хаппыт, мээккэлэммит 4 ч.нь. оту оргуйа турар уунан кутан, 20 мүнүүтэ туруоруллар. Сарсыарда уһуктаат, 200 мл иһиллэр, чаас аҥаарынан аһыахха сөп. Ити курдук 2-3 ый истэххэ, таас суураллар. Ый курдугунан ииккэ кумах тахсыан сөп. Бу от ииги элбэтэр, ыарыыны устар, үчүгэйдик ыраастыыр.

Хатыҥ бүөрэ бүөргэ эмтээх. 1 ч.нь. оту ыстакаан аҥаара оргуйа турар уунан кутан, сойутан, күн устата иһэн бүтэриллэр.

Манчаары силиһэ, дөлүһүөн отоно уонна сибэккитэ тааһырыыга көмөлөөхтөр.

Хаарыйар от (крапива) – 7 гр оту 200 мл итии ууга 30 мүнүүтэ туруоран, 1 ост.нь. күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Таас хамсаан тииһигирэр кэмигэр “суһал көмөнү” ыҥыран, балыыһаҕа эмтэнэр хайаан да наада.

Простатит

Простатит диэн үксүн тымныйыыттан тахсар эр киһи ыарыыта. Эр киһи ииктиир уорганын миинэ сылдьар былчархайдаах буолар, ол тымныйан, иһэлийэн, улаатан хааллаҕына, иик ситэ тахсыбакка эрэйдиир. Түүн хаста да туруоран ииктэтэр, сыккыстаан тахсан иһэн, хабахтарыгар хаалан хаалар. Ити курдук иик кыайан тахсыбакка, бүөрдэрин улаатыннарар. Ииктэрэ элбэх туустаах, кумахтаах буолар. Бу ыарыы хас да стадиялаах барар, билиҥҥи үйэҕэ УЗИ-нан түргэнник быһаараллар, кэмин куоттарымыахха наада.

Прополистаах чүмэчини уктан абыраналлар. 40 гр. прополиһы 96%-наах 200 гр. испииргэ туруоран, сөҥөрдөллөр. 0,1 гр. прополиска 2 гр. какао арыытыгар, эбэтэр, атын ууллубат сыаҕа иҥэрэн, чүмэчи оҥороллор, киэһэ утуйалларыгар уктан хоноллор. 30 күннээх эмтээһини 2-3-тэ төхтүрүйэн оҥостоллор, икки ардыгар 1-2 ый сынньаналлар.

Сибиэһэй иэдьэгэйи сылаастык ахтаҕа уурунар үчүгэй дьайыылаах. Аденома үөскээбэтин диэн элбэхтик хаамар-сүүрэр, эрчиллиилэри оҥорор хайаан да наада. Аты, матассыыкылы миинии, бэлэсипиэти тэбии үчүгэйи эрэ аҕалар, хааны хамсатар.

Тэттик сүбэлэр

Уһун үйэлэнэри бохсор аһылыктар: үрүҥ бурдуктан килиэп, буулка, туус, саахар, сыа, арыы, кыыл-сүөл сыата, арыыга ыһаарыламмыт астар, кофе, чэй, арыгы уонна тотон баран, “эбинэ” олоруу.

Саахары мүөтүнэн солбуйар ордук. Үрүҥ уонна хара килиэптэн харатын, уотурбалааҕы тал. Үүт аһылыктан үүт аннын ордор. Муус уутун ис, атеросклероһуҥ аҕыйыаҕа.

Чэй уонна кофе “мочевой кисллотаны” элбэтэллэр. Сылайдаххына, душтан, тымныы соҕус уунан суун.

Сааһырбыт киһи сарсыарда аччык куртаҕар ынах арыытын уулларан, 1 ост.нь. истэҕинэ, хойуулуга хаппат уонна куртах баастарыттан босхолонор.

Оҕуруот астарын суораты кытары сиир ордук. Фруктаны, оҕуруот аһын уонна үүт аһы бииргэ сиир искэ-үөскэ куһаҕан.

Эти кытары килиэби холбуу сиир куһаҕан дьайыылаах. Бу аһылыктары чаас быыстаан сиэниллэр.

Нэдиэлэҕэ биир күн аһаабакка, аҥаардас уунан сылдьан, иһи-үөһү сынньатыллар. Аччыктаан элбэх ыарыылартан босхолоноллор: тирии ыарыылара, оҕо үөскээбэт буолуута, аллергия, простатит, эмиий искэнэ, миома.

Иһэр ууну тоҥорон баран, ириэрэн иһэр үчүгэй. Бурдугу араскылатан сиэһин – киһини эдэригэр түһэрэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: kp.ru

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0