Отон, тэллэй тэллэхтээх, ардах, хаһыҥ сыттыктаах, бугул, кээһиилээх от киэргэллээх, уйгу-быйаҥ аргыстаах атырдьах ыйа барахсан быйыл хаһааҥҥытааҕар да маанылаата, күндүлээтэ. Сир аһа өлгөмнүк тэлгэннэ, сибэкки симэннэ, от да үүннэ.
Ыал ийэлэрэ, хаһаайкалар билигин айылҕа кудуччу анньан биэрбит уонна бэйэлэрэ түбүгүрэн үүннэрбит оҕуруоттарын быйаҥнарын астыыр, уһун кыһыҥҥа хаһаанар түбүгэр сылдьаллар. Онон тэллэйтэн, кабачоктан судургу уонна ураты бүлүүдэлэри астаан, чугас дьоҥҥутун күндүлээн сөхтөрөргүтүгэр анаан ырысыаптары таһаарабыт.
Кууруссалаах жюльен
Чаас аҥаарын иһигэр хобордооххо кууруссалаах, тэллэйдээх жюльены буһара охсон, киэһээҥҥи аһылык боппуруоһун бэрт түргэнник быһаарыахха сөп эбит.
Бородуукта (4 киһиэхэ):
Куурусса этэ – 400 гр.,
Тэллэй (шампиньон, арыылаах тэллэй (масленок) – 300 гр.,
Эриэппэ луук – 100 гр.,
Чөчөгөй, сүөгэй – 200 мл.,
Кытаанах сыыр – 150 гр.,
Үүнээйи арыыта – 2 ост.нь.,
Туус, хара биэрэс, күөх от.
Куурусса этин кырбаан баран, үүнээйи арыытыгар ыһаарылааҥ. Луугу кыра гына кырбаан баран, эккэ кутан, өссө 3-4 мүнүүтэ ыһаарылыы түһүҥ. Тэллэйи ыраастаан, сууйан, кырбаан баран, хобордооххо кутуҥ. Уута уолуор диэри 5-7 мүнүүтэ устата барытын бииргэ саһарчы ыһаарылаан, туустаан, биэрэстээн баран, чөчөгөйү кутуҥ. Үрдүгэр сыыры түөркэлээн кутуҥ уонна хаппахтаан баран, уотун араарыҥ.
5 мүнүүтэнэн сыыра ууллубутун кэннэ, күөх отунан, луугунан киэргэтэн баран, жюльены остуолга ууруохха сөп.
Тэллэйдээх кабачок
Бу духуопкаҕа буһар, судургутук бэлэмнэниллэр бүлүүдэ. Эттээх бүлүүдэлэри, эбэтэр, мокоруон, рис, хортуоска курдук гарнирдары кытта сиэххэ сөп.
Бородуука (2 киһиэхэ):
Кабачок — 360 гр.,
Тэллэй — 250 гр.,
Кыһыл луук — 130 гр.,
Хаппыт чеснок — 0,5 ч.нь.,
Туус, хара биэрэс, приправа,
Үүнээйи арыыта – 2 ост.нь.
Духуопканы 180 кыраадыска диэри ититэ туруораҕыт. Кабачогу сууйан баран, куурдаҕыт, төгүрүк гына быһан баран, аҥаардыыгыт. Тэллэйи ыраастаан, сууйан баран, чараас гына быһаҕыт. Луугу төгүрүк гына быһан баран, аҥаардыыгыт.
Кабачогу, тэллэйи, луугу иһиккэ уган, туустаан, биэрэстээн, приправалаан баран, арыы кутаҕыт, булкуйаҕыт. Анал иһити хаппаҕынан, эбэтэр, фольганан сабаҕыт. 180 кыраадыс итийбит духуопкаҕа 15-20 мүнүүтэ буһараҕыт.
Онтон хаппаҕын ылан баран, өссө 15-20 мүнүүтэ буһара түһэҕит. Оччоҕо хачыгырас хахтанар, олус минньигэс, судургу бүлүүдэ бэлэм!
Хортуоска кэтилиэт
Бородуукта (6 киһиэхэ);
Хортуоска – 1,5 киилэ,
Тэллэй – 200 гр.,
Бурдук – 2 ост.нь.,
Туус, хара биэрэс, үүнээйи арыыта,
Эриэппэ луук – 1-2 уст.
Хортуосканы хахтаан баран, тымныы ууга уган, 25-30 мүнүүтэ буһараҕыт. Уутун тоҕон баран, илдьиритэн, пюре оҥороҕут. Туустуургутун, биэрэстииргитин умнумаҥ.
Тэллэйи ыраастаан, кырбаан баран, арыылаах хобордооххо луугу кытары ыһаарылааҥ. Туустааҥ, биэрэстээҥ. Сойутуҥ.
Духуопканы холбоон кэбиһиҥ. Хортуосканы инчэҕэй илиинэн ылан, лэппэҕэр кэтилиэт курдук оҥороҕут. Ньуосканан лууктаах тэллэйи баһан ылан, начыыҥкатын хортуоска иһигэр уган, кэтилиэт оҥороҕут. Кэтилиэти бурдукка, эбэтэр суухараҕа булкуйуҥ. Онтон кэтилиэти духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ саһарыар диэри буһараҕыт.
Кабачоктан рулет
Бу рулет арыыга ыһаарыламмат, онон оҕолорго уонна истэрэ-үөстэрэ ыалдьар дьоҥҥо олус барсар. Итиилии да, тымныылыы да сиэххэ сөп. Сойбутун кэннэ быһарга ордук табыгастаах.
Тиэстэҕэ:
Кабачок (цуккини) – 2 уст.,
Сымыыт – 3 уст.,
Бурдук – 1 ыстакаан,
Разрыхлитель – 1 ч.нь.,
Үүнээйи арыыта.
Начыыҥкаҕа:
Тэллэй (шампиньон) – 300-400 гр.,
Чөчөгөй, сүөгэй – 200 мл.,
Сыыр – 100 гр.,
Туус, хара биэрэс.
Эриэппэ луук – 1-2 уст.
Тэллэйи луугу кытта хобордооххо ыһаарылаан баран, сүмэһинэ сүппүтүн кэннэ, чөчөгөй кутан, туустаан, биэрэстээн баран, буһара түһэҕит. Арыы куппаккыт. Сыыры түөркэлээн бэлэмниигит.
Рулет оҥорорго тиэстэтин маннык бэлэмниигит: кабачоктары сууйан баран, хаҕын, сиэмэтин ыраастыыгыт. Улахан хайаҕастаах түөркэҕэ аалаҕыт. Луугу блендеринэн илдьиритиэххитин сөп. Бу кэмҥэ духуопканы холбоон, эрдэттэн сылытаҕыт.
Кабачокка луугу, 3 сымыыт уоһаҕын, тууһу, разрыхлители, бурдугу кутан, булкуйаҕыт. Сымыыт үрүҥүн миксеринэн эрийтэрэн, үлүннэрэҕит. Бу кэннэ тиэстэҕэ кутаҕыт, сэрэнэн булкуйаҕыт.
Боротумуону арыынан сыбаан баран, пергамент кумааҕытын, эбэтэр фольганы тэлгиигит. Оччоҕо рулет сыстыбат. Тиэстэни боротумуоҥҥа кутан баран, чараас гына тэнитэҕит. 180-190 кыраадыс итиигэ 20-25 мүнүүтэ буһараҕыт.
Буспут коржы остуолга таҥнары ууран баран, кумааҕыттан, фольгаттан араараҕыт. Тута кэриэтэ тэллэй араҥатын тэниччи сыбыыгыт. Үрдүгэр сыыры кутаҕыт. Бу кэнниттэн рулеты сылаастыы эрийэн кэбиһэҕит. Бытаардахха, эриллибэт буолан хаалар, тостор.
Олус минньигэс, туһалаах уонна ураты бүлүүдэнэн дьиэлээхтэргитин күндүлээҥ.
“Тайҕа” салаат
Бородуукта (8 киһиэхэ):
Хортуоска – 3-4 уст.,
Моркуоп – 1-2 уст.,
Маринованнай тэллэй – 0,5 л бааҥка,
Уулаах отон – 1 ыстакаан,
Күөх луук – 1 тутум,
Укроп – 1 тутум,
Петрушка – 1 тутум,
Кэнсиэрбэлээх горох – 1 кыра бааҥка,
Үүнээйи арыыта, эбэтэр, сүөгэй, майонез, туус.
Хортуосканы, моркуобу сууйан, хахтаан баран, буһараҕыт. Сойутан баран, кубик курдук быһаҕыт. Тэллэйи кыра гына кырбыыгыт. Луугу, күөх оттору сууйан баран, эмиэ кырбыыгыт. Барытын биир иһиккэ кутаҕыт, отону эбэҕит. Туустаан баран, туманы кутаҕыт.
Бу салаат аһыы отонноох буолан, ураты амтаннаах буолар. Отон сибиэһэй, эбэтэр, тоҥ да буолуон сөп. Эрдэттэн ирииэриэххэ наада. Күһүҥҥү сандалыга бэртээхэй бүлүүдэ!
Хаһаас салаат
Бу салаакка уксуус кутуллубат. Тэллэйи оҕуруот аһын кытары биир иһиккэ тэҥҥэ хаһааныахха сөп.
Тэллэй – 800 гр.,
Моркуоп – 200 гр.,
Эриэппэ луук – 200 гр.,
Болгарскай биэрэс – 200 гр.,
Үүнээйи арыыта – 100 мл.,
Томат паастата – 80 гр.,
Саахар – 0,5 ч.нь., туус.
Тэллэйи ыраастаан, кырбаан баран, туустаах ууга буһарыҥ. Моркуобу бөдөҥ гына түөркэлээҥ, биэрэһи уһун синньигэс гына, луугу төгүрүктүү кырбааҥ.
Көстүрүүлэҕэ тэллэйи, оҕуруот аһын, томат паастатын, тууһу, саахары, арыыны кутуҥ. Булкуйан баран, 40 мүнүүтэ туруора түһүҥ (сүмэһинэ тахсарын курдук). Онтон 1 чаас устата буһараҕыт.
Өстүөкүлэ бааҥкалары, хаппахтары ууга оргутан, стерилизация оҥороҕут. Сокуусканы итиилии бааҥкаларга кутан, хаппахтаан баран, таҥнары тутан кэбиһэҕит. Сойуохтарыгар диэри таҥнары тураллар.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ogorodnash.ru