Сүбэһит: арассааданы таһырдьа таһаарыах иннинэ

30.04.2019
Бөлөххө киир:

Биһиги ааҕааччыларбыт эрэллээх дьүөгэлэрэ, Ньурба улууһун Антоновка бөһүөлэгин олохтооҕо, Агафья Тарасова бүгүн арассааданы тэпилииссэҕэ таһаарыах иннинэ көрүүгэ-истиигэ сүбэлиир.


Сөрүүн салгыҥҥа  үөрэтии

Олус сылаас дьиэҕэ үүммүт үүнээйилэр, арассаадалар сүрдээх уйаҕас буолаллар. Ити иһин, таһырдьа таһаардахха ыалдьан, үүнүүлэрэ бытаарбатын туһугар эрдэттэн эрчийиллэр. Бастаан форточканы арыйан, арассааданы сөрүүн салгыҥҥа үөрэтиллэр. Уу кутуутун аҕыйатыллар эрээри, олус куурдуллубат. Ордук помидор, баклажан уонна биэрэс буордара хаттаҕына, бутуоннара түһэр кутталлаах. Биири өйдүүр наада: помидор арассаадата тахсыбыта икки-үс нэдиэлэтигэр бытааннык үүнэр, онтон сыыйа түргэтиир, аны сылааска уһаан хаалар. Олус улааппатын диэн, дьиэҕэ турар кэмигэр салгын оонньуур сиригэр туруоруллар.

Ыам ыйын 10 күнүн кэнниттэн, халлаан үчүгэйдик сылыйар буоллаҕына, таһырдьа таһаарыахха сөп. Бастаан тэрээһэҕэ биитэр тыал үрбэт сиригэр туруоруллар. Үүнээйи күн уотугар оҕустарбатын наадатыгар, күлүккэ тутуллар. Бастакы күннэргэ күнүс эрэ таһаарыллар, сыыйа бириэмэтин уһатан, халлаан лаппа сылыйыыта сарсыарда 9 чаастан киэһэ 4 чааска диэри туруоруллар. Күн уотугар эмиэ сыыйа үөрэтиллэр. Оттон дьиэ сөбүгэр сөрүүн уонна салгыннаах буоллаҕына, таһаарымыахха да син эрээри, өстүөкүлэ нөҥүө тыгар күн уотун сыралыттан харыстыахха наада.

Үчүгэй оҥоһуулаах тэпилииссэҕэ арассаадалары арыый эрдэ да таһаарыахха сөп. Холобур, мин дьэдьэннэрбин, клубникаларбын Пиэрибэй Маайга таһаарабын. Тэпилииссэм буорун сахсатан баран, алларааттан тымныы үргүйбэтин диэн, хортуон тэлгэппитим уонна үүнээйилэрбин пенопласт үрдүгэр туруорабын. Киэһэ бүрүйэн хонноробун.

Өйдөөҥ: салгыҥҥа үөрэммит, сөрүүнү-итиини тулуйар, чэгиэн арассаада олус уһуна суох, умнаһа бөҕө, төрдө сөбүгэр суон, хараҥатыҥы күөх дьүһүннээх буолар. Холобур, хаппыыста арассаадатын сэбирдэхтэрэ буосканан сотуллубут курдук буолар, ити кини көмүскэнэр араҥата.

Оҕурсуу сиэмэтин муохха тылыннарыы

Баччаларга оҕурсуу, тыыкыба, кабачок арассаадаланаллар. Олору мин мэлдьи этэрим курдук, муохха тылыннарабын. Баҕар, биир эмит саҥа саҕалааччы баара буолуо, ол иһин сиэмэни муохха хайдах тылыннарары хатылыыбын. Муоҕу иһиккэ тэлгээн баран, сылаас уунан ыстаран, сиэмэлэри ууруллар уонна муоҕунан чараас соҕустук сабыллар. Сылаас сиргэ ууруллар. Сиэмэ үс-түөрт хонугунан силиһин биэрэр, ону тута буолбакка, үүнэ түспүтүн, кыаҕын ылбытын кэннэ, буорга силиһин муоҕуттан араарбакка олордуллар.

Өйдөөҥ: бу үһүөн кылгас күнү сөбүлүүр үүнээйилэр. Ол иһин арассаадаларын күн аҥаарыгар күннээх, күн аҥаарыгар күлүк сиргэ тутуллар.

Тиэргэни дьаһайыы 

Хаар баран, сир куурда да, тиэргэҥҥэ баар сэппэрээктэр, мастар кур сэбирдэхтэрин, сыыс оту харбаан, уматыҥ. Ити сэбирдэхтэри кытта тэллэй, бурдуктуҥу сиик курдук ыарыылар уонна тилээ үөскэҕэ хаалбыт буолуохтарын сөп, ол иһин барытын уматар ордук. Ол кэнниттэн фитоспориннаах суурадаһынынан ыстаран эмтээҥ. Маннык дьаһаллары кэмигэр оҥордоххо, күөх үүнээйи да, мас да ыарыыга ылларбаттар.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0