Сүбэһит: Антибиотигы мээнэ иһии буортулаах

21.12.2020
Бөлөххө киир:

Коронавируснай инфекция тарҕаныаҕыттан, дьон тумуулаатылар да, антибиотигы иһэр буоллулар. Ол көннөрү тумуу, кириип уонна коронавирус бастакы сибикилэрэ атылыы буолан, буккуллуу тахсарыттан буолуон сөп. Ону тэҥэ, дойду доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ саҥа коронавируснай инфекцияны эмтииргэ биэрбит быстах методическай сүбэлэригэр антибиотик (азитромицин) киирэ сылдьар. Ол иһин быраастар коронавирус ыарыыта бигэргэннэҕинэ, вируһу утары эмтэри сэргэ антибиотигы эмиэ аныыллар.

Билигин маннык методическай сүбэ тохсус барыйаана таҕыста. Ол чэрчитинэн, ыалдьыбыт киһиэхэ бактыарыйа инфекцията сыстан, сэлликтээбит буоллаҕына эрэ, антибиотик ананыахтаах. Ол эбэтэр, бактыарыйалаах инфекция баара чахчы дакаастаммыт буоллаҕына эрэ (лейкоцитоз, ириҥэлээх сил, салыҥ таҕыстаҕына, прокальцитонин ≥0,5 нг/мл диэри үрдээтэҕинэ) иһиллиэхтээх. Онон быраас эрэ анаалыс түмүгүн көрөн, доруобуйаҕа охсуутун, туһатын ааҕан-суоттаан, сөптөөх кээмэйин булан, антибиотигы иһэргэ ырыссыап суруйан биэриэхтээх.

Антибиотик вируһу эмтээбэт

Антибиотигы кыра тумууга, вируснай ыарыыга иһэр туһата суоҕун ааһан, кутталлаах. Тоҕо диэтэр, антибиотик, бастатан туран, бактыарыйалаах инфекцияны утары охсуһарга анаммыт. Вируснай инфекция (тумуу, кириип, коронавирус) антибиотигынан эмтэммэт. Аны туран, антибиотик организмҥа киирэн, биир “өстөөҕү” өлөрөн-өһөрөн баран, таарыйа атыны алдьатан, ыһан-тоҕон, урусхаллаан тахсар эбит.

Ол иһин, бастатан туран, оһоҕос “олохтоохторо”, ас буһарар уорганнар эмсэҕэлииллэр. Оһоҕоско баар туһалаах бактыарыйалары, микроорганизмнары өлөртүүр, онтон иммунитет охсууну ылар. Оннук түгэҥҥэ хотуолатар, сыптарытар, эбэтэр, төттөрүтүн, хойууну хатарар. Биир тылынан эттэххэ, ис булкуллар. Антибиотиктан тутулуктаах диарея диэн ыарыы үөскүөн сөп. Онуоха эгэ эрэ диэбиттии, субу антибиотик кыайбатах бактыарыйалара, “грибоктара” өрө баран, өссө эбиллиэхтэрин сөп (кандидоз, молочница, о.д.а.). Аллергия, эт-тирии кыһыйыыта, кытарыыта тахсар. Үгүс антибиотиктар быарга, бүөргэ, хааҥҥа, сүрэххэ, ньиэрбэҕэ куһаҕаннык дьайаллар.

Ол эрээри, антибиотик саамай куһаҕан дьайыыта – мэдиссиинэ тылынан эттэххэ, “антибиотикорезистентность”. Ол эбэтэр, бактыарыйалар антибиотикка үөрэнэн хаалан, “истибэт” буолаллар. Бактыарыйа инфекцията өрө туран, антибиотик, дьэ, наада буолбут кэмигэр, туһалаабат буолан хаалар. Ол иһин быраастар антибиотигы мээнэ испэккитигэр сүбэлииллэр.

Холобур, икки күн иһэн баран, тохтотон кэбиһэр эмиэ сатаммат. Иһэн саҕалаабыт буоллаххына, кырата биэс күн хайаан да иһиллиэхтээх, тоҕо диэтэр, икки күн иһигэр бактыарыйалар өлбөттөр. Ону ааһан, үөрэнэн хаалан, аныгыскыга, саамай наадалаах кэмигэр кэлэн, бу антибиотикка наадыйбат, буолаллар, эмп туһалаабат. Тус бэйэҕинэн антибиотик эйиэхэ туһатын кыччаттаҕыҥ ол. Антибиотигы “истибэт” бактыарыйалаах инфекциялартан сылтаан, сыллата сүүһүнэн тыһыынча киһи өлөр.

Мөлүйүөнүнэн дьон олоҕун быыһаабыт пенициллини айбыттара сүүстэн эрэ тахса сыл ааста эрээри, бактыарыйаларбыт 85-95%-нара бу эмкэ үөрэнэ охсубуттар эбит. Онон ааспыт үйэни кытары тэҥнээтэххэ, билигин пенициллин туһата кыччаан турар. Саҥаттан саҥа антибиотиктары айа сатыыллар эрээри, дьон бэйэлэрэ ананан, мээнэ иһэллэрин тухары, микроорганизмнар үөрэнэ охсоллоро түргэтиир. Салгыы маннык бардахха, антибиотиктар туһата суох буолуохтара.

Бу улахан, аан дойдуну барытын таарыйар кыһалҕа пандемиянан сибээстээн, өссө улаатан иһэрэ быраастары дьиксиннэрэр.

Ангелина Васильева.

Хаартыска: интэриниэттэн.

Эмтэнээччи санаата

Билигин да чөлбөр түһэ иликпин”

Анна, элбэх оҕолоох ийэ:

— Мин балаҕан ыйыгар ыалдьыбытым. Дьиэбитигэр эмтэммиппит. Коронавирус анаалыһа биллэ да илигинэ, быраас тута вируһу утары эмтэри уонна “азитромицин” диэн антибиотигы анаабыта. Ол саҕана барыларыгар маннык аныыллар быһыылаах этэ, ол иһин, оттон, өлүмээри, 7 күн испитим. Көмпүүтэр томографиятыгар түспүтүм, сэллик 10% этэ.

Атыттарга холоотоххо, чэпчэкитик аһардыбытым эрээри, бу олус уодаһыннаах ыарыы эбит. Киһи ньиэрбинэй систиэмэтигэр охсор, сыты, амтаны билбэккин, төбөҥ, былчыҥыҥ ыалдьар, санааҥ күүскэ  түһэр. Бу олус күүстээх “азитромицины” иһэн баран, сүрэҕим ыалдьар буолбута. Түүн хам тутар этэ, онтон сылтаан кыайан утуйбат буолбутум, сүрэҕим айахпынан тахсыах курдук тэбэрэ. Урут хаһан да сүрэҕим ыалдьааччыта суох этэ, билигин да эппэҥниир, сэлибириир, көрдөрүнүөххэ наада. Ол кэнниттэн өссө икки антибиотигы анаабыттара. Оһоҕос микрофлоратыгар туһалаах пробиотиктары иһэбин, букатын уунан ыыта сылдьар буолбутум. Билигин да чөлбөр түһэ иликпин.

Быраас санаата

Антибиотик вируһу эмтээбэт”

Наталия Краснова, СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай исписэлииһэ-килиниичэскэй фармаколога:

— Антибиотигы талан аныырыгар быраас бу ыарыыга, субу киһиэхэ төһө көдьүүстээҕин, урут ханнык антибиотиктары испитин, туох олоҕурбут ыарыылааҕын, өссө ханнык эмтэри тэҥинэн иһэрин, токсины таһаарарга быара-бүөрэ, иһэ-үөһэ хайдах үлэлиирин, эмп дьайыытын, о.д.а. барытын учуоттуохтаах.

Хас биирдии бактыарыйа антибиотикка “бэриниитэ” араас буолар. Онон быраас эрэ чопчу ханнык бактыарыйаҕа ханнык сөптөөх антибиотигы аныырын быһаарар. Быардара, бүөрдэрэ мөлтөхтүк үлэлиир, ону тэҥэ, сааһырбыт дьоҥҥо эмп намыһах соҕус кээмэйэ ананыахтаах. Олоҕурбут ыарыылаах киһи хас да эми тэҥинэн иһэр буоллаҕына, бу эмтэр антибиотигы кытары хайдах дьайсалларын билиэхтээх. Холобур, амоксициллин/клавуланат уонна варфарин сөп түбэһиспэттэр, тэҥҥэ истэххэ, варфарин дьайыыта күүһүрэр, онон кээмэйин кыччатар ирдэнэр. Түмүктээн эттэххэ, антибиотигы быраас эрэ аныахтаах, дьайыытын кэтээн көрүөхтээх.

Антибактериальнай терапия вируһу эмтииргэ хайдах да дьайбат. Ону тэҥэ, антибактериальнай эмтэри анааһын бактыарыйалаах сэллик үөскүүрүн эрдэттэн сэрэтэр диэн дакаастаммыт дааннайдар суохтар. Онон ыарыы үөскүү да илигинэ, эрдэттэн сэрэтэр эрэ туһуттан, антибиотиктар ананыа суохтаахтар.

Аптекаларга атыылыыры бобуохха”

Станислав Кампеев, 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа-мэдиссиинэ көмөтүн суһаллык оҥорор киин килиниичэскэй фармаколог-бырааһа:

Антибиотигы бактыарыйалаах инфекция баара биллибитин эрэ кэннэ быраас аныахтаах, хонтуруоллуохтаах. Холобур, киһи ыалдьыбыта 7-10 сууккатыгар үчүгэй курдук буолар, онтон эмискэ мөлтүүр, кыраадыһа тахсар, эбэтэр бактыарыйа инфекцията сыстыбыта биллэр (сөтөлүннэҕинэ, ириҥэлээх салыҥ тахсар, хаан анаалыһа уларыйар, о.д.а.).

Антибиотигы мээнэ иһии, бэйэни эмтэнии – дьиҥэ, бу улахан кыһалҕа. Бактыарыйалар үөрэнэн хаалан, эмкэ наадыйбат буолан хаалаллар. Мэдиссиинэҕэ эрдэттэн сэрэтэр сыалтан антибиотигы туһаныы биир эрэ түгэҥҥэ оруннаах – ол аһаҕас бааска инфекция сыстыбатын диэн, эппэрээссийэ саҕаланыа 30 мүнүүтэ иннинэ антибиотигы иһэрдэллэр. Ханнык баҕарар атын түгэҥҥэ эрдэттэн сэрэтэн антибиотигы иһии – сыыһа.

Мин санаабар, аптекаларга антибиотигы ырыссыаба суох атыылыыры букатын бобон кэбиһиэххэ наада. Дьон бу улахан кыһалҕаны сөпкө өйдүүрэ буоллар.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0