Сүбэһит: Анал кирээккэҕэ көмүҥ

Ааптар: 
28.09.2021
Бөлөххө киир:

Хас биирдии оҕуруотчут тус бэйэтэ сөбүлээн туттар ньымалардааҕа мөккүһүллүбэт.

Намыһах кирээдэҕэ кыра кирээккэни оҥорон, дьэдьэҥҥитин уонна клубникаҕытын силистэри онно көһөрүҥ. Кыратык күллээҥ, ууну халыччы кутуҥ. Бу ый устатыгар ылсыахтаах. Тоҥоруу түһэрин саҕана тугунан да сабымаҥ, тыалтан-тымныыттан буордара хаххалыаҕа. Маҥнайгы хаар түстэҕинэ, ол аата биир чараас араҥа хаар үрдүнэн, биир эрэ хос лутрасилынан сабыҥ. Салгыытын айылҕа бэйэтэ көрөр-истэр. Хаар аҕыйах дьылыгар эбии хаарынан бүрүйэн биэриҥ.

Саас лутрасилы хомуйа охсорго тиэтэйимэҥ, тоҕо диэтэххэ, сааскы тыал-куус куурдан-хатаран кэбиһэр кутталлаах. Ол иһин, сабыыны халлаан үчүгэйдик сылыйдаҕына эрэ ылыҥ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0