Чурапчы Далбар Хотуна Маарыйа Саабына бүгүҥҥү сүбэтэ сүөһү-сылгы иһиттэн хайдах аһы астыырга ананар.
edersaas.ru
Быар туорда
Кыра оҕолор, үгэс курдук, ууга буспут быары сиэччилэрэ суох. Оттон быары эрийэн билинии астаатахха, ааһа баран хас да билинииттэн туорт оҥорон биэрдэххэ, сонурҕатан сүрдээҕин сөбүлүүллэр, былдьаһыгынан сииллэр.
Дьэ онон, биир киилэ кэриҥэ быары, биир ыстакаан бурдугу, үс устуука сымыыты, биир ыстакаан майаныаһы, 0,7 киилэ үүтү, түөрт остолобуой ньуоска мас арыытын, биир-икки моркуобу уонна сөбүн көрөн күөх туманы бэлэмниибит.
Быары үүттээх иһиккэ уган чаас кэриҥэ туруорабыт. Петрушканы, луугу, чочунааҕы кыра гына кырбаан, моркуобу түөркэлээн холбуубут уонна ыһаарылаан ылабыт. Онно майаныаһы, луугу уонна петрушканы булкуйабыт. Быары үүттэн ылан эт эрийэринэн эрийэбит итиэннэ миксеринэн илдьиритэбит итиэннэ үүтү, сымыыты, арыыны уонна бурдугу булкуйабыт. Састааппыт сөп буолла дии санаатахпытына, итии хобордооххо чараас гына кутан, икки өттүнэн эргитэн буһарабыт. Сөп буолла диэтэхпитинэ киэҥ нэлэгэр тэриэлкэҕэ хоторон таһааран, майаныастаах састаабынан сото-сото, үрүт үрдүлэригэр ууран иһэбит. Холодильникка эбэтэр сөрүүн сиргэ икки чаас кэриҥэ туруорабыт.
Ис үөрэтэ
Ынах иһин үчүгэйдик сууйан баран, сүүстүү грамм харыҥы, быысаһы үөс тардары, сүрэҕи, бүөрү уонна быары холбоон кырбыыбыт. Орто кээмэйдээх 5-6 устуука хортуоппуйу хаҕылаан бэлэмниибит.
Уулаах көстүрүүлэҕэ быартан уратыны барытын кутан, сөбүн көрөн тустаан оһоххо уурабыт. Оргуйдаҕына, төбүрэҕин баһан ылабыт, орто уокка туруоран, икки чаас устата буһарабыт. Онтон хортуоппуйу уонна быары кутан баран, өссө 15 мүнүүтэ тэптэрэбит. Оргуйа турар күөстэн туспа кыра иһиккэ миин баһан ылабыт. Ол сойбутун кэннэ булкуйа-булкуйа, бурдугу таммалата кутан сэлиэй оҥорон күөскэ эбэбит. Муос ытыгынан ытыйа-ытыйа, кыратык тэптэрэ түһэн баран хоторобут.
Сылгы хартата
Убаһа (сылгы) хартатын уонна харыҥын холбоон сууйуллар, былчархайдарын ылан быраҕыллар. Туустаан, лууктаан, бытаан уокка биир чаас буһарыллар.
Хоторон, сойо түспүтүн кэннэ уһун синньигэс гына кырбанар. Оҕуруот аһын, хортуоппуйу гарнирдаан эбэтэр бэйэтин эрэ туспа бүлүүдэ быһыытынан сылаастыы да, сойбутун да кэннэ сиэнэр.
Симии харта
Убаһа (сылгы) этигэр иһин: сүрэҕи, быары, тыҥаны уонна хаһаны тэҥ өлүүскэнэн булкуйабыт, эт эрийэринэн эрийэбит биитэр бытархай гына кырбыыбыт. Туустаан, лууктаан баран, хартаҕа симэбит уонна икки уһугун баайабыт, ууга биир чаас устата буһарабыт. Сылаастыы сииргэ бэртээхэй бүлүүдэ бэлэм, минньигэстик аһааҥ!
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru