Сүбэ: идэһэни дьаһайар кэм кэллэ

Ааптар: 
23.10.2017
Бөлөххө киир:

Көмүс күһүммүт күрэнэн, уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэн сир-дойду добдугураччы тоҥно. Онон, бүгүн идэһэни хайдах дьаһайар туһунан кэпсиибит.

edersaas.ru

Барыта сиэр быһыытынан 

Өбүгэлэрбит сүөһүнү өлөрүүгэ анал сиэрдээх-туомнаах этилэр. Биһиги ол үтүө үгэстэн сүрүн өттүн син тутуһабыт. Ол курдук, ынах сүөһүнү баччаларга, оттон сылгыны, убаһаны сэтинньи бастакы аҥарыгар дьаһайабыт. Туттар сүөһүбүтүн сыһыыттан сылгылаан аҕалан баран, “этэ минньийдин” диэн хас да хонукка үчүгэйдик аһатан-сиэтэн, уулатан, сынньатан баран сүүһүн тыаһатабыт. Итини сэргэ улааппыт, байтаһырбыт сүөһүнү, сылгыны эрэ тутта сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, сиппит-хоппут сүөһү этэ үллэ буһар, ысталлаах уонна амтаннаах, миинэ барымтыа итиэннэ иҥэмтиэлээх эттигинэн быдан баай.

Учуонайдар сүөһү өлөрүллэригэр истириэс ылан, өлүү куодун ыытар буолан, этэ туһалыырынааҕар алдьатара элбэх дииллэр. Айылҕаттан мындыр сахалар итини билэр эбитэр. Куттанан, кута көппүт сүөһү этэ кытаатар диэн, идэһэлэрин хараҕын саба баайан баран, биир охсуунан охторон түһэрэллэрэ. Идэһэлэнэр сүөһүтүн хотонтон таһаарыан иннинэ ыал ийэтэ анл тыллары этэрэ билигин да тутуһулларын бэл, омук дьоно бэлиэтии көрбүттэр. Ол курдук, саха киһитэ эрдээх Америка дьахтара, учуонай-этнограф Съюзен Крейт Элгээйигэ биир эмээхсин идэһэтин дьаһайарыгар: “Эйигин кыһалҕаттан туттан эрэбит, туйаҕыҥ суола сүтүө суоҕа,” — диэн көрдөспүтүн истэн сөхпүт уонна “ити иһин сахалар идэһэлэнэр сүөһүлэрин хааныгар адреналин барбат, хата, туһата үксүүр эбит,” диэн түмүк оҥорбут.

Эмиһи, көтөҕү араара үөрэн

Эти хаачыстыбатынан көрөн бастакы, иккис категориялаах уонна көтөх диэҥҥэ араарыллар. Идэтийбит асчыттар аһылыкка сыаналанарынан көрөн, бастакы, иккис уонна үһүс суортарынан бэлиэтииллэр.

Эмис, сыалаах эти сиир үчүгэйэ биллэр. Эмис сүөһү барахсаны киһи тас көрүҥүттэн тута билэр. Эмис сүөһү түүтэ-өҥө ыраас, мэктиэтигэр кылабачыйар, этэ-сиинэ, куҥа-тааһа толору буолар. Тутан-хабан көрдөххө, нохоото (кутуругун төрдө) былҕаҥнас сыа, арҕаһа толору, сиһин уҥуоҕа биллибэт. Категорияҕа ол сыата, этэ төһө халыҥынан араарыллар. Оттон ырыган сүөһү арҕаһын уҥуоҕа чараас, нохоотугар тириитэ эрэ салыбырыыр буолар. Эт регламенын быһыытынан, атыылыырга анаммыт сүөһү этэ механизацияламмыт буойунаҕа өлөрүллэр, оттон ыал бэйэтин идэһэтин тиэргэнигэр дьаһайыллара көҥүллэнэр.

Биир охсуунан

Аанньа аһаабатах-сиэбэтэх, мөҕүллэр-этиллэр, кырбанар уонна өлөрөрүллэригэр сүгэнэн элбэх төгүл охсуллубут сүөһү эрэйдээх этэ кытаанах буолар. Оннооҕор булчуттар элбэхтэ ытан охторбут кыылларын этэ кытаатан хаалар дииллэр. Ити иһин идэһэлэнэр сүөһүнү биир охсуунан тиэрэ биэрэн түһэриэххэ наада. Бэйэ сатаабат, илиитэ барбах түбэлтэтигэр кыайар-хотор киһинэн оҕустарыллар.

Иһи-үөһү ырытыы

Идэһэ сүөһүтүн өлөрөөт, туох ханнык иннинэ хаанын сүүрдэбит. Онуоха хабарҕатын быһарга куолайын таарыйыллыбат. Куолайа холбуу быһылынна да, аһаабыта сүөкэнэн, хааны киртитэр. Салгыы атаҕыттан саҕалаан тириитин сүлэбит. Сүлэн бүппүт кэннэ тириини тэниччи тардабыт, ол үрдүгэр иһин дьаһайабыт. Үрүҥ иһин уурарга ыраас салаппааны бэлэмниибит.

Ынах сүөһү иһин хайытыах иннинэ, тыһы сүөһү буоллаҕына бэриҥин, оҕус сүөгүн араарабыт. Итиэннэ иһин алдьаппат туһуттан аллараттан саҕалаан түөһүн тылыгар диэри хайытабыт. Иһин, харынын туора тардан, ороон ылабыт. Бастаан үрүҥ иһин дьаһайабыт. Барытын биир-биир арааран хостуу-хостуу, эрдэ бэлэмнээбит ыраас салапааммытыгар уурабыт. Быарын хаана бөлүөхсүбэтин диэн быһаҕынан хас да сиринэн быһыта суруйабыт. Бүөрдэрин, таалын эмиэ араарабыт, үөс тардарын быһан ылабыт. Онтон хабарҕатын, куолайын, тыҥатын, сүрэҕин барытын биирдэ көҥү тардабыт. Сүрэҕин туспа араарабыт. Онтон хара искэ киирэбит.  Мыысаһыттан (суон оһоҕоһуттан) саҕалаан оһоҕоһун хаан кутарга анаан кылгас-кылгас гына арааран быһабыт. Синньигэс оһоҕоһун эмиэ оннук бысталыы-бысталыы ыраастыыбыт. Чохочутун арааран, туспа уурабыт.

Сүөһү куртаҕа түөрт салаалаах буолар. Оһоҕоһун салгыы куртах бүтэһик, төрдүс салаата, кэлэр, ол соморсо дэнэр. Соморсоҕо баар саах убаҕас буолар, ону ньаҕайдаммат курдук, сэрэнэн ньиккирийэн сүөкүүбүт. Куртах үһүс салаата чаҥкычах. Кинигэ курдук арылларын иһин, үгүстэр судургу кинигэтэ дииллэр. Эмиэ туспа арааран ылабыт, хайыта быһабыт уонна быыһын арыйа-арыйа, сааҕын тэбиибит. Үһүс салаа ойуулаах ааттыын баахыла курдук ойуулаах. Сааҕа убаҕас соҕус буолар. Ону эмиэ быһаҕынан ньиккэйэн ыраастыыбыт. Онтон дьэ, куртах саамай улахан салаата, харын, кэлэр. Ону уһун гына хайытан, тиэрэ тардан баран, тэбээн кэбиһэбит. Харыҥҥа баар от тобоҕо-ибэҕэ, хоччоххой буолан, олус умньанааччыта суох. Иһи дьиэҕэ киллэрэн сууйар-ыраастыыр наһаа мачайдаах, ньаҕайдаах буолар. Ол иһин таһырдьа утарынан ыраастыы-ыраастыы, тымныы ууга сайгыыр ордук. Кэлин кырбыыр саҕана дьиэҕэ киллэрэн көннөрү хаачыстыбалыыр эрэ гына. Илии тоҥор буоллаҕына, эриһиинэ бэрчээки иһинэн чараас тарбах үтүлүгү кэтэр үчүгэй. Тириини сүлэргэ, иһи ыраастыырга туттар быһахтары эрдэттэн сытыылаан бэлэмниибит. Көхсүгэр мустубут хаанын баһабыт. Дьэ, ол кэнниттэн хол-буут арааран эттиибит. Ампаарга салапааны тэлгэтэн онно уурабыт. Туйахтарын, төбөтүн (тылын ылан баран) саас дьаһайар гына, ампаарга олохтоох сирдэрин булларан кэбиһэбит. Тириитин маска ыйыыбыт, ылар буоллахтарына, соҕотуопкаҕа туттарыахпыт.

Сэмсэтэ сиэх

Идэһэлэммит бастакы киэһэ өтөрүнэн сибиэһэй эти сии илик ыалга чахчы даҕаны дьоро киэһэ үүнэр. Маннык кэтэһиилээх күҥҥэ араас сэмсэ аһы буһаран сиир үгэс сахаҕа былыр былыргыттан баар. Олортон аҕыйаҕа холобурдуохха.

Үөс тардар миинэ

Өссө ис ырыта сылдьан, итии киллэрэргэ анаан үөс тардартан быһан ылан миин буһарыллар. Хортуоппуй, лапса кутуллар.

Чохочуну үтэн 

Киэһээҥҥи аһылык иннинэ чохочуттан дьоҕус гына быһан, ачаахтаах маска анньан оттуллан турар оһоххо үтүллэр. Өр өтөр буолбат, сүрдээх үчүгэй сыт дьиэ иһин тунуйар, чохочу сыата-арыыта сырылаччы сырдьыгыныыр. Үөрүү-көтүү өрөгөйдүүр! Ону таһааран улаханныын-кыралыын уоспутунан үллэстэн сиэн кэбиһэбит.

Чохочуга сууламмыт быар

Быары айахха угарга сөп гына быһыталаан, чохочуга суулаан буһарар үгэс уруккуттан баар. Билигин хаһаайкалар чохочуга сууламмыт быары духуопкаҕа уган буһараллар.

Истэн кэтилиэт

Сэлиэйдээх ис миинэ тотоойутунан, искэ-үөскэ туһалааҕынан туохха тэҥнэниэй? Ол эрээри, оҕолор миинтэн хал буола охсооччулар. Онон иһи эрийэн, ириистээн, сымыыттаан уонна араас тумалаан кэтилиэт оҥороллор.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Виктор Эверстов түһэриилэрэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0