Сүбэ: Хортуоппуйу ардахтаах күҥҥэ хомуйуу саталы эрэйэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биллэн турар, хортуоппуйу кураан күҥҥэ хостуур үчүгэй. Ол эрээри, күннээҕи олоххо барыта талбыт курдук буолбат, нэдиэлэни быһа курааннаан баран, өрөбүллэргэ хортуоппуйгун хостууруҥ саҕана ардаан кэбиһэрэ ханна барыай?

Ардахха хостоммут хортуоппуйу сабыылаах сиргэ, сарайга, тэрээсэҕэ киллэрэн, биир хос гына кутан, биэс-алта хонукка куурдулар. Үчүгэйдик куурбатах хортуоппуй уһаабат, иһиттэн сытыйан киирэн барар. Сорох хаһаайкалар ардахха хостообут хортуоппуйдарын бадарааннаах диэннэр сууйаллар. Дьиҥинэн элбэх хортуоппуйу сууйар олус түбүктээх итиэннэ сууйбут кэннэ аанньа куурдубатахха, түргэнник сытыйар, онон, абырыахтааҕар алдьатыахха сөп.

Хортуоппуйу куурдубут кэннэ уонча хонукка сытыара түһүллэр, түүҥҥү өттүгэр халыҥ таҥаһынан бүрүйүллэр: бу кэмҥэ хортуоппуй хаҕа халыҥыыр, бөҕөргүүр. Онтон бытархайын, бөдөҥүн, хостуурга күрдьэх бааһырдыбытын, хайдыбытын (сайын уһун кураан кэнниттэн эмискэ элбэх ууну «испит» хортуоппуй хайдар) талан наарданар, баастааҕы-хайдыбыты эрдэ сиэниллэр, чэгиэнин кыстык сири булларыллар — умуһахха угуллар.

Раиса Сибирякова, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Инчэҕэй хортуоппуйу маннык куурдуллар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0