Сыана күн-түүн үрдүү турар, таба тыһа этэрбэһи ылынар ыараата. Чэпчэки сыаналаах, арай, Кытай ырыынагар баар эрээри, ол таҥас хаачыстыбата хайдаҕын бэйэҕит билэҕит.
edersaas.ru
Этэрбэһи тигэргэ Чурапчы Далбар Хотуна Маарыйа Саабына маннык сүбэлиир.
Туттар тэрил элбэҕи быһаарар
Иистэнэргэ, бастатан туран, сөптөөх туттар тэрил наада. Түүлээҕи, тыһы кыптыыйынан кырыйдахха, түүтүн кылаана быһа кырыллан хаалар, ол иһин быһаҕы туттуллар. Онон, тутарга-хабарга тупсаҕай, сытыы быһыччаны уонна кыптыыйы хааччыныллар.
Иккис сүрүн тэрилинэн сап буолар. Этэрбэһи тигэргэ хоппуруон эбэтэр солко сап ордук. Туттуох иннинэ сабы таҥас сууйар мыыланан сыыйан бөҕөргөтөн, иилистибэт оҥоробут. Оттон үчүгэй иннэ уонна сүүтүк наадаларын туһунан этэ да барыллыбат.
Тыстаргын сирийэн көр
Улахан киһи этэрбэһигэр 10 тыс, синньигэс буоллаҕына 12, оҕо киэнигэр 8 тыс сөп. Этэрбэһи киэбинэн көрөн быһыллар. Ити эрээри, тыһы ыллыҥ да, быһан-отон киирэн барыма. Бастаан киэби кумааҕыга быһан, холуйан көр, ол кэнниттэн тыска ылыс. Онуоха таба тыһа синньигэс, сылгы, ынах сүөһү тыстара арыый кэтит буолалларын умнума.
Холобурга 36-37 размердаах дьахтар этэрбэһин ылан көрүөх. Уон тыстан таһаарыллар, атах аайы биэстиинэн ылыллар. Бу уонтан алтата 35 см тиийэр уһун буолуохтаах, оттон тыстарыҥ барыта талбыт курдук биир тэҥ уһун буоллахтарына олус үчүгэй. Наһаа кылгас тыстар түбэстэхтэринэ, наардаан холботолоон биэр. Түөрт тыһы ылан иккилии гынан, дьүһүннэринэн, түүлэрин хайысхатынан, төһө көбүнэн, халыҥынан эбэтэр чарааһынан дьүөрэлээ.
Кэлин атах тыһа уһун уонна түүтэ көнө буолар, ол иһин этэрбэс илин өттүн тигэргэ туттуллар. Ити эрээри атыыласпыт тыска киһи илинин-кэлинин соччо араарбат идэлээх. Ол иһин саамай бастыҥ тыстары талан, этэрбэс иннигэр уонна тас ойоҕоһугар тутуллар. Аны этэрбэс тумсун тыс туйахтаах өттүнэн оҥоруллар. Тоҕо диэтэххэ, тыс сотото эбэтэр үөһээ өттө сымнаҕас буолан сииги тулуйбат уонна кэтиллэн истэҕин ахсын саллайан тахсар идэлээх.
Бастаан этэрбэс тумсун уонна сойууһун, онтон ойоҕосторун быһабыт. Бу биир атах киэнэ. 1-гы ойууга 36 размердаах дьахтар этэрбэһин киэбин көрүҥ:
Тигиэх иннинэ, тыспытын өссө төгүл бэрийэбит. Этэрбэс тигиллибит сиринэн түүтэ арбайа сылдьыбат, бэйэ-бэйэтигэр ыга симсибит буолуохтаах. Биир деталь түүтэ наһаа көп буоллаҕына, атыныгар дьүөрэлэһиннэрэн, икки кытыытынан кырпалаан биэриллэр. Оччоҕуна тыстар түүлэрэ харсыспакка холбоһон биир кэлим буолан көстөллөр, сэбирийэн тахсыбаттар, сииктэрэ биллибэт. Этэрбэс тигиитин үөһэ өттүттэн саҕаланар. Аллараа өттүгэр тиийиэх 5-6 см хаалбытын кэннэ, сабы түмэн быһыллар. Салгыы иккилии-үстүү сииги бардах ахсын сабы түмэ-түмэ, «айаннаныллар». Бүтэрэн баран, эмиэ оннук ньыманан били 5-6 см диэри өрө тигэн тахсыллар. Тигэн бүппүт кэннэ этэрбэһи хаһаайыстыбанай мыыланан сиигирдэн, мас киэпкэ тиириллэр.
Киэп тарҕаммыт көрүҥэ
Ойууга 36 размердаах этэрбэс киэбэ көстөр. Атах таҥаһын кэмэйэ мантан төһөнөн кыра даҕаны, соччо сантиметрынан көҕүрэтэбит, улахан буоллаҕына эбэбит. Холобур, 31 размердаах оҕо этэрбэһин билэтэ 35 см, төбөтүн уһуна 15 см, үрдүгэ 30 см, баҕыһа 31 см, эр киһи 40-наах этэрбэһин билэтэ 44-46 см, төбөтүн уһуна 21 см, үрдүгэ 38 см, баҕыһа 41 см буолар.
Киэптэри кытаанах хортуонунан быһан уура сылдьан туттуллар. Киһи-киһи атаҕа тус-туһунан, сорох сотото уһун, сорох бөтөҕөтө суон, сотото кылгас, атаҕа кэтит буоларын учуоттаан, тыһы быһарга киэби кыратык кэҥэтэн эбэтэр кыаратан биэриллэр. Этэрбэс иһин сукунаны саржанан сирийэн тигиллэр.
Уһун саҕынньаҕы эбэтэр уһун дьууппаны мэлдьи кэтэртэн этэрбэс кэлин өттө аалыллан хаалааччы. Ол иһин, билэни аннынан, тыһы үрдүнэн хара сигиэйкэ дуу, нуорка дуу кырадаһынынан киллэһиктэнэр.
Абыраллаах буолта
Саҥа этэрбэс тилэҕэр үс-түөрт буолтаны эрийэн биэрдэххэ, элэйбэт уонна онньунан үктэммэт, халтархайа суох буолар.
Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга атаҕы сылаастык тутууттан киһи доруобуйата улахан тутулуктаах. Оттон ол барыта кыра оҕо саастан саҕаланар.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru