Биэс күннээх “Бастыҥ иитээччи” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэннэ. Кыайыылааҕынан Намнааҕы (Нам улууһа) “Сулусчаан” оҕо саадын муускаҕа салайааччыта Наталья Спиридонова ааттанна.
edersaas.ru
“Бастыҥ иитээччи” куонкурус өрөспүүбүлүкэҕэ 2010 сылтан ыытыллар. Ол тухары куонкуруска барыта 242 иитээччи кытынна. Быйыл тэрээһин арыый уларыйан, уустугуран биэрдэ. Ол курдук, оҕолорго аһаҕас дьарыгы ыытыыны таһынан, өссө маастар-кылаас көрдөрдүлэр, бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр итиэннэ “Профессиональнай кэпсэтии” диэн ток-шоуга кытыннылар. Аһаҕас дьарык тиэмэтин тэрээһин буолуо биир хонук иннинэ эрэ ылан ыыттылар. Онон иитиллээччилэрин ис сүрэхтэриттэн таптыыр уонна талан ылбыт идэлэригэр чахчы бэриниилээх, бэлэмнээх эрэ дьон үрдүк аакка-суолга тигистилэр.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров:
— Оҕо майгыта-сигилитэ, личность быһыытынан сайдыыта оскуола иннинээҕи саастарыгар ууруллар. Оҕону аҥардас оскуолаҕа киириигэ эрэ бэлэмнээбэппит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии уһуйааныгар “Айдарыылаах оҕо”, “Бары уруһуйдууллар”, “Бары оонньуубут”, “Оҕолорго – саахымат”, “Полингвальнай оҕо саада”, “Хааччаҕа суох оҕо саада” бырайыактар үлэлииллэр. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕо саас уон сылын биллэрдэ. Инникитин ити уонна атын даҕаны бырайыактар кэҥии туруохтара. Билигин инники күөҥҥэ хаачыстыба турар. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиннэригэр эмиэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт.
Куонкурус бары кыттыылаахтарын эҕэрдэлиибит. Кинилэринэн сирэйдээн оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин бары үлэһиттэригэр махталбытын биллэрэбит.
Үүнэр көлүөнэни иитиигэ, үөрэтиигэ бэриниилээх, үөрэх эйгэтигэр үгүс сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин “СӨ үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэни Ольга Бурнашева (Уус Алдан), Ирина Викторова (Өлүөхүмэ), Надежда Кириллина (Сунтаар), Вероника Чекальдина (Амма) туттулар.
“СӨ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһинин сайдыытыгар кылааттарын иһин” түөскэ иилинэр бэлиэнэн Сардаана Аввакумова (Мэҥэ Хаҥалас), Зинаида Борисова (Ньурба), Анастасия Кондратьева (Хаҥалас), “Саха сирин эрэлэ” бэлиэнэн Наталья Спиридонова (Нам) наҕараадаланнылар.
Онтон СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин аатыттан Махтал суругу Наталья Нектегаеваҕа (Чурапчы), Айталина Петроваҕа (Усуйаана), Юлия Пильтяйга (Бүлүү), СӨ Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин дьыалаларыгар министиэристибэтин Бочуоттаах кыраамататын Екатерина Степановаҕа (Дьокуускай), СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын Бочуоттаах кыраамататын Акулина Аржаковаҕа (Таатта), Елена Кривогорницынаҕа (Ленскэй), Мария Федороваҕа (Эбээн Бытантай) туттардылар.
Лауреат үрдүк аатын ылбыт ииттээччилэр ортолоруттан чаҕылхайдары сүүмэрдээтилэр. Ол курдук, “Профессионализм уонна творчество” номинацияҕа Анастасия Кондратьева (Хаҥалас улууһун Покровскай куоратын “Брусничка” оҕо саадын иитээччитэ), “Новатор-педагог” номинацияҕа Вероника Чекальдина (Амма улууһун, Амма нэһилиэгин “Радуга” оҕо саадын иитээччитэ), “Идэҕэ бэриниилээх буолуу” номинацияҕа Юлия Пильтяй (Бүлүү улууһун, Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин “Радуга” оҕону сайыннарар киин физкультураҕа салайааччыта) кыайыылааҕынан буоллулар. Лауреат үрдүк аатын ылбыт иитээччилэр үлэлиир уһуйааннарыгар министиэристибэ оҕо оонньуур миэбэллэрин кэмпилиэгин бэлэх уунна.
“СӨ бастыҥ иитээччитэ-2017” куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан Нам улууһун Нам сэлиэнньэтин “Сулусчаан” оҕо саадын муусукаҕа салайааччыта Наталья Спиридонова ааттанна. Наталья Климовна “СӨ бастыҥ иитээччитэ” үрүҥ көмүс бэлиэни сэргэ “Якутцемент” АУо аатыттан харчынан бириэмийэни тутта. Балаһыанньа быһыытынан, муҥутуур кыайыылаах аатын сүкпүт иитээччи салгыы Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар үрдүк, эппиэтинэстээх чиэһи сүгэр. Онон Наталья Климовнаҕа ситиһиилэри баҕарабыт!
Ыспыраапка:
Наталья Климовна Спиридонова – Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьокуускайдааҕы М.Н.Жирков аатынан муусукаҕа училище вокальнай салаатын бүтэрбитэ. Билигин Нам улууһун Нам сэлиэнньэтин “Сулусчаан” оҕо саадын муусукаҕа салайааччытынан үлэлиир. Кэргэннээх, 5 саастаах кыыс оҕолоохтор.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru