Кэтэһиилээх Олоҥхобут, Туймаадабыт ыһыахтара үрдүк таһымнаахтык буоллулар. Дьон сүргэтэ көтөҕүлүннэ, махтанна. Ыһыахтар сөҕүмэр көстүүнү бэлэхтээтилэр!
Икки сыл коронавирус хамсыгар хаайтарбыт тыыммытын таһаардыбыт. Эдэрдиин-эмэнниин ыһыахха кыттыстыбыт, тойоннуун норуоттуун биир тыыҥҥа буоллубут, үөрүүттэн-көтүүттэн турукпут тубуста!
Сөбүлүү, сөҕө көрбүппүн хоһооннорбор холбоотум.
ТӨРҮҮ ТАЛААН
Төрүү талаан диэн маннык:
Харах көрө манньыйда,
Дууһа үөрэ сэгэйдэ,
Сүрэх уулла ылынна.
Баардаах киһи хайаан да
Барсар тэҥҥэ кэрэлиин
Кыратыттан чаҕыйбат,
Кырдьан саһан олорбот.
Кынаттарын сараппыт
Саҥа көппүт чыычаахтыы
Илиилэрэ тойтоҥнос,
Туттуу-хаптыы мааныта!
Олох тымныы салгына
Барахсаны тумуннун!
Маннык курдук дугунан
Ситиһиилиин сиэттистин!
ҮРҮҤ УОЛАН
«Тугун бэрдэй, кэрэтэй!»
Диэбит курдук таҥастаах,
«Тоҕо баҕас абатай!»
Дэтиэх курдук боччумнаах!
Кып-кыракый бэйэтэ
Бухатыырдыы туттубут!
Сиртэн быгаат даҕаны
Саха буолтун билиммит!
Кыл сэлээппэ добуччу,
Дэйбиир, саха быһаҕа,
Этэрбэстиин, бэл, саха
Таатта тыына баар уола!
Маннык тыыҥҥа оҕону
Кыратыттан ииттэххэ
Хайдах атын толкуйдаах
Буолуой саха оҕото?!
Сэттэ ыйыттан Кыайыыны
Ылан турар кырачаан
Ситэн-хотон кэнэҕэс
Үрүҥ Уолан буолуохтун!
ОЛОҤХО ЫҺЫАҔА
Билиҥҥи тылынан элита,
Уруку тылынан тойоттор
Олоҥхо ыһыаҕар мустаннар
Норуоттуун алтыһан аастылар.
Ситимҥэ тарҕанар хаартыска
Бииртэн биир ураты көстүүлээх
Сахалыы таҥастаах тойоттор,
Үтүөкэн дьоһуннаах далбардар.
Хаста да эргитэн мин көрдүм
Билэр да, билбэт да ааттарбын
Таҥаһын буолбакка дьоннорун
Сыаналыы, сыныйа санаатым.
«Суруйуҥ» диэн көҥүл биэрэннэр
Саҥата суох бардыбыт батсаабка,
Мөҕөрү-этэри умнаммыт
Биир күҥҥэ көҥүллүк тыынныбыт.
Бу курдук Олоҥхо ыһыаҕа
Түмтэҕэ биир тыыҥҥа норуоту,
Бу тэҥэ биир суолу тутуһан
Сахалар сайдыылаах буолуоҕуҥ!
ТУЙМААДА ЫҺЫАҔА
Кэтэспит ыһыахпыт
Кийиит кыыс кэриэтэ
Киэркэйэ симэнэн
Көрүстэ дьоннору!
Таҥастыын, астыын да
Ураты көстүүлээх
Ыһыахтыыр түһүлгэ
Сөхтөрдө көрбүтү!
Туймаада хочото
Икки күн күйгүөрдэ,
Ыһыахтан, Дыгынтан
Утуйар уу бүттэ.
Быһыйы, күүстээҕи
Быһааран бүттүбүт,
Мөлүйүөн күн бүгүн
Дьоруойун булуоҕа!
Кэбээйи, Муома да
Киэн тутта үөрдүлэр,
Төрөөбүт, олорбут
Сирдэрин ааттатта!
Алексей маладьыас!
Кыайыыга дьулуурун,
Туругун көрөөччү
Дьэ тута ылынна!
Аммабыт тэҥинэн
Аар саарга аатырда!
Мадьыына кыыстара
Чөмпүйүөн, чөмпүйүөн!
Аҕата Баишев
Мас тардыы хоруола,
Удьуорун аны дьэ
Кыысчаана утумнуо!
Мэҥэлэр биир туспа
Кэрэни бэлэхтээн
Бириистээх миэстэҕэ
Аттара тигистэ!
Тэптэ дии мөлүйүөн!
2,5 мөлүйүөн!
Көрөөччү туораттан
Мэйиитэ эргийдэ!
Омуктуун, ыалдьыттыын
Биир тыыҥҥа тыынныбыт!
Ыһыахпыт дуораана
Өйгө дьэ хааллаҕа!
Туймаада ыһыаҕа
Сир иитин эргийиэ!
Киинэҕэ көстүөҕэ!
Кэпсэнэ туруоҕа!
- Полина-Победа,
Уус Алдан.