Үс анды

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

1991 сыл. Үһүө буолан андыга диэн хомуллан бардыбыт.

Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит Валентин диэн табаарыһым Киевтэн үөрэҕин бүтэрэн, дьонугар кэлэ сылдьар. Мин эмиэ, үөрэҕим кэнниттэн Уус Маайаҕа үлэлээн баран, саҥа көһөн кэлэ сылдьабын. Үһүспүт Иннокентий диэн, совхоз саҥа профкома киһи.

Валентин аҕатын аах сайылыктарыгар, «Лэпсэй» диэҥҥэ, тиийдибит. Оҕонньор: «Саҥа, бу сиргэ өтөр сылдьыбатах ыалдьыттар», — диэн саҥа аллайан, үөрэ — көтө көрүстэ, биир бытыылканы көрсүһүүнэн диэн туруорда.

Чайдаан баран:

«Дьиэ анныгар сытар күөлгэ икки дурда баар, бэлэм», — диэн, ыйан биэрбитигэр, кустуу киирдибит. Уҥуоргу дурдаҕа Валентин уонна тастыҥ бырааттара, 13-14 саастаах оҕо, бардылар. Бэтэрээ, дьиэттэн аҕыйах хаамыы баар дурдаҕа Иннокентий биһиги олордубут.

Түүнү быһа кэриэтэ, сарсыардааҥҥа диэри манаатыбыт да, туох да биллибэтэ.

Онтон: «Чэйдии тахсыахха дуу?» — дии олордохпутуна кынат тыаһа куугунаата. Бэрт халыҥ үөрдээх анды үөһэнэн элээрэн, түһээри күөлү эргийэ аастылар.

«Аныгы эргиирдэригэр биһиэхэ кэлэн түһэллэр», — диэн, имнэнсэн баран, кирийэн сыттыбыт.

Арай, кустарбыт күөл хоту атаҕынан эргийэн, бэттэх хайысханан салаллан эрдэхтэринэ, саа тыаһа хабылла түстэ. Андыларбыт тута өрө көтөн тахсан, хоту диэки суһугураһан, элэс гынан хааллылар.

Били, кыра уолбут, дурдатыттан тахсан, күөлү хотунан эргийэн кэлэн иһэн, андылары көрөөт, ытан саайбыт.

Оҕо буоллаҕа. Саатар, «түһээри эргийэн эрэллэр» диэн саһа, хаптайа да сатаабатах. Дьэ, мэлийии буолла. Арбы-сарбы, бары дьиэҕэ таҕыстыбыт. Оҕонньорбут айманар: «Дьэ, өтөр үйэҕэ маннык, сүүрбэттэн тахса үөрдээх хара кус, бу күөлгэ кэлэ илигэ. Ити эһиэхэ сонун, ыалдьыт дьон диэн биэрбитин бу чолоҕор уола алдьаттаҕын!» — диэн, уолу мөҕөр. Устунан, кыыһыран: «Бар, дьиэлээ!» — диэн, төрүт да үүрэн кэбистэ.

Биһиги  чэйдээн, олорболоон, кэпсэтэ түһэн баран: «Чэ, киирэн өссө олоро түһүөххэ, суолтатыгар да буоллар», — диэн сүбэлэһэн баран, дурдабытыгар хаттаан киирдибит. Биһиги бэттэх, Валентин уҥуор, соҕотох.

Күн тахсан, сарсыарда буолан эрэр. Киирэн, олорболообуппут кэннэ, арай биһиэхэ икки анды кэлэн түһэн харылатан кэбистилэр. Долгуйуу буолла. Иннокентийдыын: «Эн уҥатын, мин хаҥаһын», -диэн сибигинэһэн баран: «Чэ!» диэт, ытан тигинэттибит. Кустарбытын хаптаччы биэртэлээн, «доробуунньа кымньыы» суола ууга охсулунна. Икки анды баар!

Ол икки ардыгар олох сарсыарда буолла, күн тэмтэйэ үрдээтэ.

«Чэ, аны кэлбэт, тахсыахха», — диэн буолла. Таҕыстыбыт, Валентиммытын хаһыытаан ыҥырдыбыт. Өтөр буолаат, киһибит тиийэн кэллэ.

Дьиэ таһыгар, бары кэпсэтэ турдубут.

Икки андыбыт ити, атахтара саһаран, бэйэлэрэ лөкөһө хараарсан сыталлар. Биһиги, булчуттар, кыттыгастар, үһүөбүт. Испитигэр, барыбыт да санаабыт «хайдах үллэстэбит? диэн быһыылаах.

Арай, көрөн турдахпытына, бэтэрээ, аҕыйах хаамыылаах дурдабыт иннигэр соҕотох анды кэлэн түстэ. Олорор, тула көрөн эргичиҥниир, мончууктарга устан кэлэн тумсунан анньан көрөр  Сирэй-сирэйбитин көрсөн баран: «Андыны ыта илик киһи, Валентин, киирэн ыт», — диэн буолла. Киһибит түргэн соҕустук үөмэн киирэн, бэрт холкутук ытан ылла. Куһун тыынан киирэн ылан таҕыста.

Үс анды тэлгэннэ.

Дьэ, күлүстүбүт, үөрсэбит. Ордук дьиэлээх оҕонньорбут сүргэтэ бэркэ көтөҕүлүннэ: «Дьэ, маннык буолуохтаах. Сирбит ыалдьыттатта, биэрдэ. Бастакы биэрэн көрбүтэ табыллыбатар да», — диир.

Биһиги, оччолорго эдэр дьон, соччо улахаҥҥа уурбакка, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук ылыннарбыт да, билигин кэлэн санаатахха, оҕонньор эппитигэр туох эрэ баар курдук.

Владислав Кривошапкин

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0