Үс Амма сомоҕолоһор

12.02.2019
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев 2019 сылы Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылынан биллэрбитэ. Онно сөп түбэһиннэрэн, Таатта улууһун нэһилиэктэрэ үлэлэрин былааннаахтык тэрийэн ыыталлар. Соторутааҕыта үс Амма нэһилиэгэр  бэртээхэй тэрээһин буолан, дьон-сэргэ улаханнык сэргэхсийбит. «Бу курдук кыттыһан, көмөлөөн, биир сыаллаах-соруктаах тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри, субуотунньуктары ыыттахха, кэскиллээх, далааһыннаах да буолсу», — дииллэр тыа сирин олохтоохторо чахчы үөрбүт быһыынан. 


Бу дьон айыах-тутуох баҕаларын күүһүрдүбүт тэрээһини көҕүлээччи, Чымынаайы бөһүөлэгин «Айтал» норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Мотрена Саввина күөн күрэс туһунан төлөпүөнүнэн кэпсиир:

— Сомоҕолоһуу сылынан дьоммутун-сэргэбитин түмэр бастакы тэрээһиммит табыллыбытыттан, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааспытыттан наһаа үөрдүбүт. Ол курдук, Харбалаах, Чымынаайы уонна Чычымах кэрэ куоластаах ырыаһыттарын «Икки куолас» диэн дуэттар куонкурустарын түһүлгэтигэр түмтүбүт. Бастакытынан, нэһилиэктэр икки ардыларыгар сомоҕолоһууну олохтооһун. Иккиһинэн, оскуола үөрэнээччилэрин улахан дьоҥҥо чугаһатыы, олох киэҥ аартыгар үктэнэллэригэр далаһа ууруу, бэйэлэриттэн аҕа саастаах дьон тылын-өһүн, сүбэтин-аматын истэллэригэр болҕомтону ууруу. Үсүһүнэн, саҥа талааннары арыйыы, дьоҕурдаах дьоҥҥо көмөлөһүү.

Күөн күрэс түһүлгэтигэр үс нэһилиэктэн барыта 23 дуэт кытынна.  Харбалаахтан — аҕыс, Чычымахтан — сэттэ, Чымынаайыттан — аҕыс. Куонкурус ирдэбилинэн оскуола үөрэнээччитэ улахан киһини кытары  көҥүл тиэмэҕэ биирдии ырыаны толордулар. Дьүүллүүр сүбэҕэ эмиэ үс нэһилиэктэн: Лия Федорова — Харбалаахтааҕы үөрэтэр комплекс музыкаҕа учуутала,  Чычымахтан Александра Богдокумова — «Норуот уус-уран айымньытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката,  Чымынаайыттан Галина Варламова — ырыа куонкурустарын кыттыылааҕа, сцена ветерана ырыаһыттары сыаналаатылар.

Куонкуруска кыттааччылар бука бары ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан, үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Илин-кэлин түсүһүүлээх кытаанах күөн күрэс түмүгүнэн Гран при аатын Харбалаахтан кыттыбыт Ангелена Винокурова уонна Анна Собакина ылан дьоннорун-сэргэлэрин улаханнык үөртүлэр. 1 степеннээх лауреат үрдүк аатын Олимпиада Канаева уонна Илья Шарин (Харбалаах) ыллылар. 2 степеннээх лауреаттарынан Алик Богимов уонна Мария Ананьева (Чымынаайы) буоллулар. 3 степеннээх лауреат аатыгар Алина Николаева уонна Надежда Спиридонова (Харбалаах) тигистилэр. 1 степеннээх дипломаннарынан Чычымахтан кыттыбыт Сусанна Кычкина уонна Евдокия Сивцева, 2 степеннээх — Виталий Прокопьев уонна Алексей Варламов (Чымынаайы), 3 степеннээх — Сахайаана Миронова уонна Татьяна Кириллина (Чычымах) буоллулар. Ону сэргэ, дуэттарга сэттэ анал аат туттарылынна. Ол курдук, быйылгы күөн күрэскэ «Кэскиллээх дуэт» аатын Елена Кондрашева, Алексей Кондрашев (Харбалаах), «Саҥа сүүрээннээх дуэт» — Аня, Надежда Сергеевалар, «Бастыҥ көстүүмнээх дуэт» — Иола Бродникова, Татьяна Прокопьева (Чымынаайы), «Бастыҥ киэргэтиилээх дуэт» — Айна Решетникова уонна Саргылаана Саввина,  «Иэйиилээх дуэт» — Сандра Софронова уонна Изумира Ефимова (Чычымах), «Чуор куоластаах дуэт» — Светлана Федорова уонна Валерия Собакина (Харбалаах), «Сахалыы куттаах дуэт» — Ньургун Кондаков уонна Владимир Кривошапкин (Чымынаайы) ыллылар.

Тэрээһиннэрбитигэр куруук көмөлөһөр, өйөбүл буолар дьоммут: «Төлөн» чох разреһын дириэктэрэ Прокопий Рахлеевка, Чымынаайы баһылыга Егор Васильевка  бу да сырыыга күөн күрэс үрдүк таһымнаахтык барарыгар өйөбүл буолбуттарыгар, спонсордаабыттарыгар махталбыт муҥура суох. Ону сэргэ, күрэхтэһиигэ кыттааччылар ырыалара, муусукалара үчүгэйдик иһиллэригэр  Чычымахтааҕы норуот айымньытын дьиэтэ (дириэктэр  Марианна Решетникова) улаханнык өйөөбүтүгэр, Харбалаахтааҕы норуот айымньытын дьиэтэ (дириэктэр Светлана Винокурова), художественнай салайааччы  Туйаара Халыева, Чычымахтааҕы норуот айымньытын дьиэтин художественнай салайааччыта Татьяна Кириллина,  кыттааччылары сылаас, ыраас көлөҕө үөрэ-көтө алгыстаах тиэйэн аҕалбыт суоппардарга тэрийээччилэр, кыттааччылар ааттарыттан барҕа махтал тылларын аныыбыт.

Бу курдук, куруук сомоҕолоһон, бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн үлэлиир буоламмыт, ханнык да ыарахаттары этэҥҥэ туоруубут, үлэни кыайа-хото тутабыт. Ол да курдук, Сомоҕолоһуу сылыгар аналлаах бастакы тэрээһиммит үрдүк таһымнаахтык ааста. Салгыы тэтими ыһыктыбакка үс аммалар бииргэ үлэлииргэ сыал-сорук туруоруннубут, — диэн кэпсээтэ.

Манна даҕатан эттэххэ, үс аммалар мантан саас спортивнай күрэхтэһиигэ күөн көрсөөрү бэлэмнэнии түбүгэр түстүлэр.

 Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0