Үс альбинос-дьүөгэлэртэн биирдэстэрэ

20.04.2017
Бөлөххө киир:

…Аҕыс сыллааҕыта Покровскайдааҕы төрүүр дьиэҕэ ураты оҕо төрөөбүтэ. Баттахтыын, хаастыын муус-маҥан кыыһы көрөөрү, төрүүр дьиэ үлэһиттэрэ бары сүүрэн кэлбиттэрэ, сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Чахчыта, сахаттан  альбинос оҕо төрөөбүтэ өтөрүнэн иһиллибэт этэ.


Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Кыысчаан оҕо-оҕо курдук улаатан, оскуолаҕа киирэн, 1-кы кылааһы этэҥҥэ бүтэрэн эрэр. Нарыйа кыра эрдэҕиттэн уратытын билинэр, сүрдээх сытыы-хотуу, дьон болҕомтотун ортотугар сылдьарын сөбүлүүр киһи.
Кинилэр Хаҥалас улууһун биир дэриэбинэтигэр олороллор. Ийэлээх аҕата оҕолорун харыстаан, улаатыар диэри ханна да хаартыскатын таһаарбаттар этэ. Онтон өр соҕус толкуйдаан, ыараҥнатан баран, оҕолоро баҕарарын иһин, соторутааҕыта “Инстаграмҥа” таһаарбыттара. Ону фотографтар таба көрөн, хаартыскаҕа түһэрэргэ этии киллэрэн барбыттара. Вадим Руфов түһэрэригэр сөбүлэһэн, биир күн куоракка айаннаабыттара. Хаартыскалар Интэриниэккэ тахсааттарын, социальнай ситимнэргэ, нууччалыы эттэххэ, “ажиотаж” саҕаламмыта. Рекламаҕа уһулларга, модельнай агентствоҕа үлэлииргэ ыҥырыылар билиҥҥэ диэри киирэ тураллар. Оннооҕор омук сирдэриттэн эмиэ суруйаллар.

— Ол эрээри, биһиги аккаастанабыт, тоҕо диэтэр, оҕобутун ноҕуруускалыахпытын баҕарбаппыт, — диир ийэтэ Елена. – Дьоллоох оҕо сааһы билиэхтээх дии саныыбыт, билиҥҥиттэн үлэлээтэҕинэ, эрдэ улаатыа турдаҕа. Көстөн иһиэ. Бэйэтэ хаартыскаҕа түһэрин, видеоҕа уһулларын, артыыстыырын, үҥкүүлүүрүн, уруһуйдуурун сөбүлүүр. “Ютуб” ханаалга оҕолор биэриилэрин көрөр. Бэйэтэ туса ханааллаах блогер буолуон, тэлэбиидэнньэҕэ уһуллуон баҕарар. Оскуолаҕа үҥкүү, хор куруһуоктарыгар дьарыктанар.
Вадим Руфовка түһэн баран, астынан-дуоһуйан аҕай кэлбитэ. Фотограф оҕону кытта биир тылы булар, тугунан эрэ үөрдэр, сынньатар, оннооҕор атаахтатар эбит этэ. Ол иһин олох сылайбатаҕа, түмүгэр, үөрэн-көтөн, үҥкүүлээн көрдөрбүтэ. Дьиҥнээх фотографка киирэн, дьэ, араастаан туттуу-хаптыы бөҕөтө, тугу диэбитин ылына охсор, уобараска киирэр, бэйэтэ идиэйэ этэр эҥин этэ. Сөбүлээн аҕай, “иккистээн эмиэ барыахпыт” диэн кэлбитэ.
—Биир хаартыскаҕа иккис муус-маҥан кыыһы кытта куустуһан турара дии..
— Ити кини дьүөгэтэ Алена. Национальнай медкииҥҥэ харахпытын көрдөрүнээччибит. Онно ол кыыһы кытта бутуйаллар этэ. Кинини көрсөн, олох аймахпытын булбут курдук үөрбүппүт. Эдьигээҥҥэ олороллор, куоракка эмиэ көрдөрүнэ кэлэллэр эбит. Биһиэхэ тахсан ыалдьыттааччылар.
Онтон биирдэ, эмиэ медкиин кирилиэһинэн түһэн иһэн, биир оннук альбинос нуучча кыыһын көрсө түстүбүт. Икки өттүттэн олох харахтарбыт хатана түстүлэр, хайыай, онон билистэхпит дии. Билигин “бассаапка” туспа бөлөхтөөхпүт, ыкса билсэбит. Кыргыттар үһүөн олус чугастыылар, эдьиийдии-балыстыыларбыт дэһэллэр. Дьиҥинэн, нуучча, саха, эбэҥки буоллахтара дии.
— Нуучча кыыһа көннөрү блондинкаттан туох уратылааҕый?
— Тириитэ, баттаҕа, хааһа муус-маҥан. Хойуу хаастаах, кыламаннаах буолан, хараҕар хаар көмнөҕө түспүтүн курдук…
—Оҕону иитиигэ ордук туохха болҕомтоҕутун уураҕыт?
— Үөрэххитигэр кыһаллыҥ диэн куруук этэбит. Үөрэхтээх, дьоҕурдаах киһи элбэҕи ситиһэр диэн. Үс оҕолоохпут, улахан кыыспыт 14 саастаах уонна күүтүүлээх-кэтэһиилээх уолбут 10 ыйдаах. Кыргыттар бырааттарын наһаа таптыыллар, атаахтаталлар, көрөллөр-истэллэр. Улахан кыыс миэхэ майгынныыр, сырдык, оттон уолбут аҕатын курдук, баттаҕа, хараҕа хап-хара, кыаһаан соҕус. Үһүс оҕобутугар эмиэ альбинос төрүө диэн күүппүттэрэ (күлэр).
— Оттон төрүттэргитигэр нуучча, омук хаана баар дуу?
— Суох буолуо, бу диэн үчүгэйдик билбэтим.
— Дьиэ кэргэҥҥитигэр ханнык үгэстэрдээххитий?
— Айылҕаҕа сылдьабытын сөбүлүүбүт. Нарыйа төрөөбүт күнүгэр, кулун тутар ыйга хайаан да мырааҥҥа тахсан, шашлыктаан, сынньанан киирэбит. Дьиэ кэргэнинэн сир астааччыбыт, сөтүөлээччибит, өрүс устарын көрө барааччыбыт. Сахалыы үгэстэри тутуһабыт, аҕабыт үөрэтэр, көрдөрөр. Нарыйа күҥҥэ сылдьыа суохтаах, хараҕа саатар. Ол да буоллар, аҕыйах күн итийдэҕинэ, дьиэтигэр олорор, онтон син биир оонньуу, сүүрэ-көтө, сөтүөлүү баран хаалар.
— Күҥҥэ көрдөрдөҕүнэ, кыратык да “загаардаабат” дуо?
— Суох, кытарар эрэ. Онто да ааһар. Иэдэһэ эрэ биллэр-биллибэттик саһарбыт буолар.
— Елена, араас дьон баар буолар. Оҕоҕут харысхаллаах дуо?
— Оҕолорбут үһүөн сахалыы харысхаллаахтар, иилинэ сылдьаллар. Кырдьык, араас дьон баар, куһаҕаны да саҥарааччылар, ыйытааччылар бааллар. Үксүгэр таптыы көрөллөр, алҕыыллар. Дьон болҕомтотугар үөрэнэн хаалан, наадыйбат. Биһиги оҕобут оҕоттон эрэ уратыта суох, тэҥҥэ сайдан, улаатан иһэр. Ким буоларын, туох суолу таларын, улааттаҕына, бэйэтэ быһаарыаҕа.

<strong>Ыспыраапка
“Альбинизм” – тириини, баттаҕы, хараҕы кырааскалыыр меланин диэн пигмент (кырааска) суох буолуута. Меланины оҥорон таһаарар фермент үлэлээбэтиттэн үөскүүр. Тоҕо үлэлээбэт буолан хааларын учуонайдар быһаара иликтэр. Күн сардаҥаларыттан харыстыыр пигмент суох буолан, бэрт түргэнник күҥҥэ быһыта сиэтиэхтэрин сөп. Харахтарыгар эмиэ буортулаах. Онон харыстана сылдьыахтаахтар.
«Аlbeus» диэн латинскай тылтан тахсыбыт, суолтата «маҥан” диэн. Кыылларга эмиэ альбиностар баар буолаллар. Көтөрдөргө, кыылларга, оннооҕор балыктарга, үөннэргэ бааллар.
Европаҕа 20 тыһыынча киһиэхэ биир үп-үрүҥ тириилээх, баттахтаах, кыһыллыҥы харахтаах киһи баар. Тоҕо эрэ Африкаҕа, Панамаҕа альбиностар элбэхтэр – Нигерияҕа 3 тыһыынча киһиттэн, Панама индеецтэригэр 123 киһиттэн биирэ үрүҥ буолар эбит. Арай, азиаттарга аҕыйах буолаллар. Соччонон ураты көстүү, айылҕа дьиктитэ!

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Вадим Руфов түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0