Сүөһү аһылыгын сөргүтэргэ улуустар уончалыы мөлүйүөнү ылыахтара

05.04.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ үрдүк өһүөлээхтэринэн тыа хаһаайыстыбатыгар тыын суолталаах докумуон сөбүлэһиннэриигэ “сүүрэ сылдьар”. Ол – Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл министиэристибэтэ “Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы” диэн хос бырагырааматын барыла. Барылы туһааннаах министиэристибэлэр бары биһирээтэхтэринэ, бырабыыталыстыба уураах таһааран бигэргэтиэхтээх.

Василий НИКИФОРОВ,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Ол уураах барылын чэрчитинэн муниципальнай тэриллиилэр судаарыстыба бүддьүөтүттэн субсидиянан туһанар быраабы ылалларыгар сүүмэрдиир куонкуруһу ыытыы бэрээдэгэ оҥоһуллан сытар. Куонкурус ыытыллар сыала – сүөһү аһылыгар аналлаах култууралары ыһыы иэнин кэҥэтии, муниципальнай тэриллиилэр сүөһү аһылыгын бигэ базатын хааччыйалларын көҕүлээһин уонна бастыҥ уопуту тарҕатыы, тыа хаһаайыстыбатын табаарынай бородууксуйатын оҥорон таһаарыы кээмэйин улаатыннарыы.

Бырайыакка ыйылларынан, 9-тан элбэҕэ суох МТ кыайыылааҕынан билиниллиэн сөп. Онуоха биир муниципальнай тэриллиигэ субсидия муҥутуур кээмэйэ 12 мөл. солк. буолуоҕа. Куонкуруһу ааспыт улуустарга судаарыстыба бүддьүөтүттэн кыттыгас үбүлээһин кээмэйэ туһааннаах улуус кыаҕыттан тутулуктанан быһыллыа. Хос бырагырааманы олоххо киллэрэргэ быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 72 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Министиэристибэ куонкуруһу б.дь. муус устар 25 күнүгэр диэри ыытыахтаах. Манна сыһыаран эттэххэ, бу бырагыраама үс сыл субуруччу үлэлиэҕэ.

Куонкуруска кыттааччылартан туох ирдэнэрий?

Бастатан, улуус сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыга тус муниципальнай бырагыраамалаах буолуохтаах, онуоха сүөһү аһылыгар аналлаах култууралары ыһыы иэнин кэҥэтиигэ уонна сүмэһиннээх аһылыгы бэлэмнээһин кээмэйин улаатыннарыыга индикатордарын көрдөрүөхтээх.

Иккиһинэн, улуус ити иннинээҕи сыл түмүгүнэн сүөһү аһылыгар 500 гектартан итэҕэһэ суох ыһыылаах буолуохтаах.

Үсүһүнэн, муниципальнай бүддьүөттэн сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыы бырагырааматын үбүлээһиҥҥэ 2 мөл. солкуобайтан итэҕэһэ суох харчыны укпут буолуохтаах.

Көмө үп туохха туттуллара

Хос бырагыраамаҕа угуллубут үп сүөһү аһылыгар аналлаах култуура уонна бурдук бааһыналарын күрүөлээһиҥҥэ, тиэхиньикэни сөргүтүүгэ (сиилэс комбайнын, сири таҥастыыр иилиллэр-соһуллар уонна сенажтыыр тэриллэри атыылаһыыга), быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэриигэ уонна 300 туоннаттан итэҕэһэ суох кыамталаах сиилэс траншеяларын тутууга туттуллуохтаах.

Судаарыстыба үбэ төһө көдьүүстээхтик туһаныллара хонтуруолланар. Усулуобуйаны кэһии түбэлтэтигэр субсидия тобоҕун төннөрүү бэрээдэгэ эмиэ олохтонно. Ол курдук, тохсунньу 1 күнүгэр диэри туһаныллыбатах көмө үп үүммүт сыл бастакы 15 үлэ күнүн иһинэн судаарыстыба бүддьүөтүгэр төннөрүллүөхтээх. Иккиһинэн, улуус отчуоттанар сылга Сөбүлэһиинэн олохтоммут көрдөрүүлэри ситиспэтэҕинэ, көрүллүбүт субсидия кээмэйэ сарбыллар итиэннэ субсидия бэриллэр усулуобуйатын толорбут муниципальнай тэриллиилэргэ үллэриллэр.

Василий НИКИФОРОВ,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0