Саха сирин сорох улуустарыгар суол-иис боппуруоһа ыарахаттардаах буолан, ыксаллаах түгэннэргэ салгын тырааныспара эрэ абырыыр. Быйыл өрөспүүбүлүкэ санавиациятыгар биэс Ми-8 бөртөлүөт эбиллибитин туһунан суруйбуппут. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын хабар сыаллаах, бөртөлүөттэр улуустарга базаланан туруохтара диэн СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
«Өрөспүүбүлүкэҕэ көрүллүбүт бөртөлүөттэри бүгүҥҥү күҥҥэ барытын туттубут. Суола-ииһэ суох улуустары барытын хабар курдук, бөртөлүөттэр улуустарга туруохтара. Билигин Орто Халымаҕа уонна Ньурбаҕа, үс — Маҕаҥҥа тураллар. Ньурба улууһугар бастакытын санавиация бөртөлүөттэрэ базаланнылар», — диэтэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru