Рустам Минниханов: “Саха ыһыаҕа ураты санааны сахта”

Бөлөххө киир:

“Саха сиригэр национальнай бырааһынньыктарыгар ыһыахха сылдьан кэллибит. Ыһыах кэнниттэн сабантуйу уларытар санаа киирдэ”, – диэн иһитиннэрдэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов Саха сиригэр Татарстан күннэрин кэнниттэн.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр улахан дэлэгээссийэнэн баран Татарстан күннэрин ыытан кэллибит. Үгүс боппуруоска кэпсэтии ыыттыбыт. Ити кэпсэтиилэр уонна сахалар хайдах ыһыахтарын ыһалларын көрөн баран, биһиги сорох боппуруостарга өссө да үлэни ыытыахпытын наада диэн түмүккэ кэллим. Саха сиригэр ыһыах диэн сайыны көрсөр национальнай бырааһынньыктаахтар. Биһиги Сабантуйбут курдук. Ол эрээри кинилэр ыһыахтарын хайдах ыһалларын, төрүт түҥ былыргы үгэстэрин хайдах курдук илдьэ сылдьалларын эһиги көрүө этигит. Ыһыахха төрүт тыллара, үгэстэрэ, култууралара барыта сөҥө сылдьар. Оттон биһиги сабантуйбут кэлин ырыа-тойук, спорт эрэ бырааһынньыгын курдук буолла, түҥ былыргы үгэспитин умна быһыытыйбыппыт. Ол иһин, ыһыах кэнниттэн сабантуйу тэрийиини уларытыахха баар этэ диэн санаа киирдэ, – диэн иһитинэрэр кини.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0