Рустам Каженкин — Арчы Уола саҥа хоһоонноро

18.11.2016
Бөлөххө киир:

Саха сирин эдэр суруйааччыларын сүбэ мунньахтарын кыттааччыта, Дьокуускай куораттааҕы “Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы, саха тылын уонна литературатын учуутала, бэйиэт Рустам Каженкин – Арчы Кола саҥа хоһооннорун билиһиннэрэбит.

Сааскы тыллар

***

Туман быыһыгар хааман,

Көстүбэт буолуоххар диэри

Кэтээн турбут күммүттэн

Элбэх да хаар түһэн ааста.

Бүгүн эмиэ хаар кыыдамныыр,

Наҕыллык, аа-дьуо сыыйылла.

Баҕар эйигин биллэ дуу диэн

Аны түннүк манааччы буоллум.

Ыраахтан билэр күлүгүм

Чугаһаан кэлэрин кэтиибин,

Ол аайы эппэҥнэс долгуйуу

Уу буолан түннүккэ сүүрэр.

***

Күн киэһэриитэ

Арҕаалыыр сардаҥадары

Алҕыы хаалабын.

Сарсын да биһигини

Көрсүһүннэрээри үүнээр,

Дьол түгэнин уһатаар диэн.

***

Кэми кытта уста долгуйан,

Ыйдаҥа туохха да бэриммэт,

Урут да, бүгүн да кылбайан,

Таптыыр сүрэҕи барытын ыллатар.

Ыйдаҥа бэлэхтиир ырыата

Сылааһынан туланы толорор,

Таптыыр эрэ буолларгын үйэҥ устата

Сулус буолан халлааҥҥар оонньуур.

Эн биһи сулустаах халлааммыт

Көстөр дуо, ол чуумпу кытылтан,

Булуо дуо, ырыаһыт сүрэх,

Кэнэҕэс, бэйэтин сулуһун?

***

Ааһар былыт устарын курдук

Соҕотох хаалларан барыма,

Өр күүппүт тойон тулуурбун

Сиик курдук симэлитимэ.

Эйиэхэ элбэхтэ эргиллэ сатаабыт

Үгүс алҕастаах ыллыгым

Бүгүн эйиэхэ тиэрдибит күнүгэр

Тиэрэ эргийэн кэбиһимэ.

Саатар кыл түгэнэ уһат

Үйэлээх көрсүһүү ухханын,

Эн ааһар былыппын диэтэххинэ,

Саатар хаар кыырпаҕын ыһан аас.

***

Нухарыйан түһэн, чуумпу да түүн…

Дьокуускай хотун утуйбут.

Истэр тухары хараҥа иһийии,

Дьикти хамнаабат кирийии.

Тоҕо нуктаата баар барыта?

Эн этэҥҥэ сылдьар инигин?

Тоҕо мин эрэ түннүгүм уоттаах?

Сотору суруйар инигин?

***

Чараас киэһэ, долгулдьуйан,

Солко курдук, тыаһа суох

Дьокуускайы бүрүйдэ,

Бэрт сэрэнэн суулаата.

Түүҥҥү ый кырыымпатын

Сыыйа тардан саҕалаата,

Ол алыбыгар уйдаран

Сулус үөрэ кылбачыйда.

Бэл тоҥуй былыттар

Бу түүн көстүбэттэр,

Кылыһахтаах ырыаны

Истээри хорҕойбуттар.

Арай таптыыр сүрэх

Кырыымпаҕа бэриммэт,

Түүҥҥү киэргэл – түннүк уота

Кими эрэ кэтэһэр.

***

Махтал эйиэхэ, саҥа күнүм,

Куорат иэнин нөҥүө-маҥаа

Биир салгынынан тыынан

Доҕорбунаан баарбытыгар.

Махтал эйиэхэ, үрүҥ күнүм,

Ситиһиилээх буол диир курдук

Сырдык таммах утаххын

Мин доҕорбор бэрсэргэр!

Махтал, үтүө сарсыарда,

Баҕар бүгүн мин тэһииним

Кини ыллыгар салайыа,

Көрсүһэр түгэним үөскүө…

Махтал, салҕыбакка күүтэр

Көмүс күнүм чугаһыыр,

Эн бэйэҥ да ону сэрэйиэҥ,

Сүрэҕиҥ этэрин сөбүлүөҥ:

Таптыы көрбүт үрүҥ көмүс

Халлааҥҥыттан бүгүн эн

Ырыа буолан, сааскылыы тыллан

Күнүҥ суола тыргылыннын.

***

Ким эрэ кэпсээбитэ,

Орто туруу дойдуга

Таптал суох ээ диэн…

Оннук эбит буоллаҕына,

Тоҕо киһи сүрэхтээҕий?

Аһыыр аскын умуннарар,

Утуйар уугун көтүтэр

Нохтолоох тойон сүрэхтээҕий?

Тоҕо?..

***

Саас ааһар, тэтимэ түргэтиир,

Эн эмиэ хаары кытта ууллаҕын,

Ол аайы сүрэх ырыата уостар,

Күн сылааһын билиммэт буолар.

Төннүүй дуу, хаарынан күлүмнүүр

Күн уотун өссө биирдэ эргит!

Эппэккэ хаалбыт тылым дорҕоонун

Ыраахха диэри тус хоту көтүт!

***

Эйигин, хараҕыҥ саатыа диэн

Үрүҥ былытынан

Киэҥ халлааны сабардаатым,

Сүргэҕин көтөҕөөрү

Сарсыардаттан хаарынан симээтим

Буорунан ытыллар куораты,

Уугун уйгуурдумаары

Аа-дьуо түннүккүн имэрийдим…

Оо, эн миигин көрдүҥ!

Ону кытта уулла үөрэн

Сааскы табыкпын хостоотум,

Сүрэҕиҥ сөбүлээрэй диэн

Таммах уутун сүүртүм.

Үчүгэй да этэ бүгүн

Эн-биһи көрсүһүүбүт,

Бэл, Аан дойду бүттүүн

Ол түгэнтэн иһийбит.

***

Эмиэ биир уһун күн

Ситтэ, түмүктэннэ,

Киэһэ буолла, чэй сойдо,

Санаа эмиэ ыанньыйда.

Хаһан этэй? Көрсө түһээт

Аргыстаһан хаампыппыт?

Ханна этэй? Икки ыллык

Биллибэккэ силлиспитэ?

Ол күнтэн сырдык ыллык

Дьокуускайга баар буолла,

Дьаалытынан, ыйыппакка

Ханна эрэ тэнийэ турда…

…түүҥҥү Дьокуускай, саас,

Сойбут чэйдээх поэт остуола,

Таһырдьа сып-сылаас…

Тахсыах эрэ, ыллыкка.

***

Киирэр күн килбиэнин кытта

Эн мөссүөнүҥ күһүҥҥү сулустуу

Мин иэйиим халлаанын сырдатар,

Таптаан хаамар ыллык суолбар

Миигинниин аргыстаһар.

Сулус элбэх эрээри

Мин билэр сулуһум аҕыйах,

Оттон таптаан одуулуурум,

Арааһа, соҕотох…

***

Ааҕаар дуу, мин кылгас сурукпун

Аан дойдугун ахтар амарах киэһэҕэр,

Чуумпуну саныыр, соҕотохсуйар күннэргэр,

Сайыны түһээбит үтүө сарсыардаҕар,

Миигин санаан, сылаанньыйан ыллаххына,

Ааҕаар дуу, ааҕаар…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0