Аан дойду таһымыгар тиийэ күөдьүйбүт дьалхаан туһунан санаабын этэргэ быһаарынным. Айар эйгэҕэ сылдьар киһи буоларым быһыытынан, арыый тэгилитэн, ол эрэн сахабыт дьонугар өйдөнүмтүө гына судургутук тиэрдиим.
edersaas.ru
Дойдубут Арассыыйа – күөх хонуулаах, күрүөлээх-хаһаалаах сүрдээх улахан уһаайбаҕа тэҥнээх. Ол иһигэр бары омук дьоно: араас өйдөөх-санаалаах, тыллаах-өстөөх, идэлээх-дьарыктаах да буолларбыт, биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик олоробут. Араас хайысханан сатабылбытынан, талааммытынан, олоххо дьүккүөрбүтүнэн баараҕай, мындыр, дьэрэкээн бэйэлээх «дьиэни» тута сылдьабыт. Ол үйэлээх тутуубутун кэлэр кэнэҕэски ыччаттарбыт – оҕолорбут, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит уйгулаах олоххо олороллорун туһугар оҥорон таһаарыахтаахпыт.
Дойдубут сайдыытын түстэһэрбитигэр биир сомоҕо күүс буоларбыт уонна бэйэ бэйэбитин өйдөһөрбүт, өйөһөрбүт, наада тирээтэҕинэ көмүскэһэрбит да ирдэнэр. Ол ис эйгэбит бигэ уонна чөл туруктааҕыттан, инникибитигэр эрэллээхпититтэн, кыахпытыгар итэҕэллээхпититтэн тутулуктаах.
Ону түмэр, тэрийэр, баар гынар сорук биһиги көлүөнэҕэ сүктэриллэр. Эдэр дьон дойдубутун оҥоруохтаах, тутуохтаах, тупсарыахтаах кэммитигэр олорон хаалбаккабыт, айан-тутан иһиэххэйиҥ, дьаһалларга кыттыһыаххайыҥ уонна биир сүбэнэн эрэллээхтик иннибит диэки айаннаан иһиэххэйиҥ!
Бэйэ бэйэбитин өйдөһөрбүт, көмүскэһэрбит, сомоҕо күүс буоларбыт ирдэнэр.