Руслан Тараховскай «Манчаары» испэктээкилин кэнниттэн санаалар
1906 сыллааахха Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр хаайыыга сытан суруйбут «Манчаары түөкүн» драматынан ол сыл бастакы туруоруу буолбута. Манна Манчаарыны Өксөкүлээх Өлөксөй оонньообута. Онон 110 сыл буолан баран Саха Академическай тыйаатырыгар «Манчаары» испэктээкил сөргүтүллэн, ыам ыйын 18 күнүгэр сүрэхтэниитэ буолла. Испэктээкили тыйаатыр сүрүн режиссера Руслан Тараховскай туруорда.
Биирдик саҕаланар
Испэктээкил тугунан саҕаланна? Саха тыйаатырга куруук сылдьар дьон испэктээкиллэр туохтан саҕаланалларын сэрэйэ саныыр буолуохтаахтар. Испэктээкилгэ буолуохтааҕы кэпсиир дьоруой эбэтэр айымньы суруйааччытын уобараһа хайаан даҕаны баар. Саас турбут «Тэпсиллибэт үтүө аат» испэктээкил саҕаланыытыгар режиссер Андрей Борисов сырыыларыттан быһа тардыыны көрдөрбүттэрэ, «Кэрэ харыстабылыгар» испэктээкил эмиэ быыс быыһыттан дьоруой тахсан тыл этэриттэн саҕаланар уо.д.а. туруорууларга маннык быһыыны бэлиэтэххэ сөп. Бу даҕаны сырыыга сыыстарбатым, эмиэ оннук саҕаланна. Күлүмнүүр Санкт-Петербурга тиийэн, «Бродячая собака» арт-кулуупка «Манчаары түөкүнү» кэпсиириттэн саҕаланар. Биһиги тыйаатырбытыгар испэктээкили саҕалыыр «ньыма» олоҕурбута ырааппыт да диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Саҥа туруоруу сүрүн тиэмэтэ – төрөөбүт дойдуга ахтылҕан, көҥүл, норуокка таптал.
Эдэрдэри «кистээмэҥ»
«Бу испэктээкилгэ тыйаатыр бары артыыстара оонньуохтара», – диэн режиссер Руслан Тараховскай эрдэ пресс-конференцияҕа билиһиннэрбитэ. Онон сыана толору дьон, киирии-тахсыы, саҥарыы-иҥэрии элбэх. Артыыстар саҥаларын чочуйаллара буоллар диэн санаалаахпын, өйгө үөрэппиттэрэ, истэн тахсыбата биллэр, итэҕэтиитэ суох. Манна диэн эттэххэ, куруук оонньуур эрэ артыыстар сүрүн оруолларга тиксибиттэр. Үгүспүт премьера буолар диэни иһиттэҕинэ саҥа сирэйдэри, саҥа артыыстары көрүөн баҕарара буолуо. «Манчаарыга» эдэрдэр быстах эрэ оруолларга тиксибиттэр. Испэктээкили туруорааччылар уопуттара аҕыйах диэн эдэрдэргэ эрэммэттэр дуо? Биир-икки эрэ эдэр артыыстар куруук саҥаттан саҥа оруолу толороллор. Оттон хаһан Павел Колесовы, Ирина Михайлованы, Жанна Ксенофонтованы, Лена Маркованы, Илья Портнягины саҥа сонун оруолларга көрөбүт?
Манчаары табылынна дуо?
Сүрүн оруолу Баһылай Манчаары оҕо эрдээҕитин Павел Ченянов, эдэрин Валентин Макаров уонна эрдийбитин Василий Борисов холбоон оонньоотулар. Василий сатаан туойар, олоҕурбут куоластаах артыыс, оруолугар киирэн, бэркэ толордо. Ол эрээри, мин Манчаары Баһылайы кыра уҥуохтаах, хачаайы киһи курдук өйбөр ойуулаан көрөбүн. «Мэҥэ халлаан оҕото Манчаары Баһылай» диэн Айсен Дойду айымньытынан турбут испэктээкилгэ сүрүн оруолу Роман Дорофеев толорбута. Роман хайа баҕарар оруолу «хамсатар» кыахтаах артыыс, бу да сырыыга Манчаары буолбута буоллар сонуннук уонна итэҕэтиилээхтик көстүө этэ.
Мэнкээрэби хайҕыы көрдүм
Оттон Тэппээк ойуууну тыйаатыр эдэр артыыһа Гаврил Менкяров оонньоото. Манчаары испэктээкил устатын тухары үстэ уларыйбыт эбмит буоллаҕына, Тэппээк ойуун Гаврил буолла. Тэппээк ойуун хас сыанаҕа таҕыстаҕын ахсын Манчаарылыын тэҥҥэ кырдьар. Гаврил бу уобараһы ситэрдэ-хотордо, биир саамай табыллыбыт оруол буолла. Хас сыанаҕа таҕыстаҕын ахсын «Тэппээк кырдьыбытын ким оонньуур быһыылааҕый?» диэн соһуйа көрдүм. Эдэр артыыс туттардыын-хаптардыын, саҥарардыын-иҥэрэрдиир уларыйан, биир тэҥник баран испит испэктээкили «тыынныыр», болҕомтону тардар оруолу толордо.
Манчаары дьахтарымсах этэ дуо?
Испэктээкилгэ Манчаары үс таптыыр дьахтара көһүннэ. Күлүмнүүр «Манчаары түөкүнүгэр» киллэрбэтэх дьахталлара киирдилэр. Атын эр киһилиин бэргэһэлэммит дьахтары күрэтэн, алааска дьаарбайа сылдьар дьахтарга кэнниттэн үөмэн, түүн ортото кэрэ сэбэрэлээх дьахтары көрүөм этэ диэн ыалга кэлэн, Манчаарыбыт дьахтарымсах курдук көһүннэ. Норуокка биллэринэн, Манчаары Күөх Кэтириистэн ураты таптала суоҕа, үһүйээни үһүйээн курдук хаалларбыттара буоллар… Манчаары туһунан айымньылары аахпатах, Манчаары диэн кимин ситэ билэ илик ыычат бу туруорууну көрөн баран олох атыннык өйдүөхтэрин сөп.
Татьяна Легантьева Күөх Кэтириис оруолун толорбутун сэргээтим. Татьяна тыйаатырга үлэлээбитин былаһын тухары куруук быстах, эмдэй-сэмдэй, атаҕастаммыт, баттаммыт дьахталлар оруолларын оонньуура. Татьяна бараммат энергетикатын, талаанын ыыра өссө да киэҥ диэн көрөбүн. Оттон испэктээкилгэ саамай аһыммыт уобараспынан Манчаары ийэтэ буолар. Кинини Ильяна Павлова толордо. Ийэ сүрэҕэ оҕотун туһугар кыһалларын, айманарын чаҕылхайдык оонньоото. Кыргыттар, маладьыастар!
Түмүк санаа
Испэктээкил икки аҥаар чаас кэриҥэ буолла. Сыана биир кэм алааска, биир кэм хаайыыга уларыйа турар. Сэргэх киэргэтии буолбут, биһирээтим. Ынах тириилэринэн киэргэтиллибит сыана омос көрдөххө алааска мэччийэ сылдьар ынахтар курдук, онтон эмиэ даҕаны аал луук мас, долгуннар буолан ылаллара интэриэһинэйдик көһүннэ.
Режиссера Руслан Тараховскай туруоруммут сыалын ситистэ. Манчаары хаста даҕаны хаайыыттан төхтүрүйэн күрээн, дойдутугар эргиллэн, ахтылҕанын таһаардаҕын ахсын көрөөччүлэр сэниэ ылыммыт курдук сананан испиппит. Романтик дууһалаах режиссер ураты суола-ииһэ баар, көстөр.
Ол эрээри, билигин Манчаарыны национальнай дьоруой быһыытынан өрө тута сатыыр буоллахпытына, бу испэктээкил ону бигэргэппэт буолан биэрдэ. Инньэ гынан, Манчаары түөкүн дуу, дьоруой дуу?