Руслан Платонов ыччат бэлиитикэтигэр саҥа аат буолбатах. Билигин Руслан Михайлович СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистирин бастакы солбуйааччынан ананан үлэтин саҕалаата. Эдэр салайааччы үлэҕэ хардыыларын, соруктарын, санааларын туһунан сэһэргэстибит.
«ЭДЭР СААСТАН» САҔАЛААН
— Мин Саха судаарыстыбаннай университетын (билигин ХИФУ) саха тылын уонна литературатын нуучча оҕолоругар үөрэтэр учуутал диэн идэлээх 2003 сыллаахха бүтэрбитим. Устудьуоннуохпуттан уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа сыстан үлэлээбитим. Онон идэбинэн үлэлээбэтэҕим, тута “Эдэр саас” хаһыакка суруналыыстаан саҕалаабытым. Онно өрөспүүбүлүкэ олоҕун иһиттэн көрбүтүм, элбэх улууска айаннаабытым, элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Араас дьылҕалаах дьону кытта алтыһан, кыһалҕалары быһааран, олох үөһүгэр сылдьан үлэлээбитим. Суруналыыстыкаттан устудьуон этэрээттэригэр хамандыырынан үлэлии барбытым. Манна уу ылбыт бөһүөлэктэриттэн саҕалаан, араас кыһалҕаны быһаарарга үлэлээбитим. Ыччат бигэ соруктары туруорунан барыга бары туһалаах буолуохтаахпыт диэн өйдөөбүтүм. 27 сааспар Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан талыллан, кэмитиэккэ бэрэссэдээтэллээбитим. Манна араас бырайыагы үлэлэтэн саҕалаабытым. Ол курдук “Ыччаты — бырамыысыланнаска” хамсааһыны тэрийэн, Петр Федоровтыын, Александр Крыловтуун улуустартан ыччаты хомуйан көмүһү хостооһуҥҥа үлэлэппиппит. Бу уонна да атын бырайыактарбын сөргүтүөхпүн баҕарабын. Саха ыччата барытын сатыыр буолла: түннүк оҥорор, мас таҥастыыр, пластмассанан турба оҥорор, тимири уһаарар… Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй сүүсчэ сыллааҕыта “Саха интеллегенциятыгар сурук” диэн үлэтигэр анаарбыт кэмэ кэллэ дии саныыбын.
КИИН КУОРАТ УОКУРУГУН БАҺЫЛЫГА
— Бу иннинэ ханна үлэлии сылдьыбыккыный?
— Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругар икки сыл кэриҥэ баһылыктаан кэллим. Норуоту кытары бииргэ 33 бырайыагы үлэлэттибит. Дьону кытта бэйэ холобурунан үлэлиэххэ наада. Мин оробуочай таҥаспын, эрэһиинэ саппыкыбын кэппитинэн барытыгар тэҥҥэ сылдьабын. Оптуобус тохтобула, оҕо былаһааккалара, ыскамыайкалары саҥардыы, кырааска, подъезтар өрөмүөннэрэ, тупсаран биэрии үлэтин ыыттыбыт. Киһи ылсар дьыалатыгар барытыгар бэйэтигэр оҥорорун курдук сыһыаннаһыахтаах диэн санааны тутуһабын. Манан ханнык баҕарар уопсастыбаны хамсатыахха сөп. Уопсайынан, элбэх үтүөнү оҥоро сатыыбын. Үтүө үтүөнэн төннөрүн билэбин.
МИНИИСТИРИ СОЛБУЙААЧЧЫ
— Миниистири солбуйааччынан анаабыттарыгар соһуйдуҥ дуо? Туох соруктардаах үлэлиигин?
— Үлэлииргэ бэлэммин. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев туруорбут сыалларын ситиһэргэ кыһаллыам. Мин үлэм тахсыылаах буолуо диэн эрэнэбин. Былааным элбэх, араас бырайыактары олоххо киллэриэм. Билиҥҥи ыччат кэпсэтэрин, ырытыһарын, санаатын атастаһарын сөбүлүүр, онон кэпсэтии кулуубун арыйыахпын баҕарабын. Мин инстаграм-страницам — @ruslan1_platonov өрүү аһаҕас, этиилээх дьону күүтэбин.
— Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар ыччат кыттыытын туохха көрөҕүн?
— Ыччат үлэни таптыахтаах, өрүү үлэлиэхтээх, былааны уон төгүл куоһарыахтаах дии саныыбын. Сүрэҕэ суох диэн өйдөбүл суох. Сүрэҕэ суох буолуу – олоххо сыала суох буолуу. Бу хас биирдии киһи уйулҕатыттан тутулуктаах. Онон эдэр дьон олоххо сыал-сорук туруоруналларыгар үлэлэһиэхтээхпит. Олохпут аартыгар дохсуннук хардыылыахтаахпыт.
ДЬОНУ ТҮМЭР ДЬОҔУРДААХ
— Үлэҥ таһынан, тугунан дьарыктанаҕын, тугу интэриэһиргиигин?
— Иэйиим киирдэҕинэ хоһоон суруйабын, матыыбын да талыахпын сөп. Бэйэм айбыт уонтан тахса ырыалаахпын. Уруһуйдуубун, хапсаҕайынан, харбааһынынан дьарыктанабын, чөл олоҕу тутуһабын. Мин кинигэ ааҕарбын олус сөбүлүүбүн, иллэҥсийдим даҕаны ааҕабын. Аахпатахпына тугум эрэ тиийбэт курдук буолар. Бу барыта киһи быһыытынан сайдарбар уонна үлэбэр олус туһалыыр.
— Ыччакка баҕа санааҥ.
— Сайдыылаах буолуохха, сайдыыга дьулуһуохха. Мин араас сэминээрдэргэ, тириэниннэргэ сылдьарбын ордоробун. Киһи бэйэтин сайыннарарга дьулуһуохтаах. Биирдэ оннук үөрэххэ сырыттахпына тириэньэр: “Эн кимҥиний?” — диэн ыйыппыта, мин араас барыйааннары эппитим. “Суох, таай”, — диир, төттөрү ыытар. Оннук толкуйдаан-толкуйдаан, бэһис сырыыбар, дьэ, мин дьону түмэр аналлаахпын тобуллум. Дьону сатаан үлэлэтэр кыахтаахпын, үлэни тэрийэрбин, кыһалҕаны быһаарарбын, дьону түмэрбин тириэньэр өйдөппүтэ. “Бу санааҕын хаһан да сүтэримэ, олоҕуҥ тухары тута сырыт”, — диэбитэ. Онон хас биирдии киһи бу олоххо анала тугун, кимин-тугун билэригэр-өйдүүрүгэр баҕарабын.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.