Саха цииркэтин артыыстара Румынияҕа гостуруоллуу сылдьаллар

Бөлөххө киир:

Саха цииркэтин артыыстара Саҥа дьыл иннинэ Румынияҕа гостуруоллуу барбыттара.

Быһата киэҥ сири тэлэһийэн, Сахабыт сирин артыыстара, клоуннара тас дойдуга саҥа дьылы көрүстүлэр. Кинилэр кулун тутарга дойдуларыгар эргиллиэхтэрэ.

Саха цииркэтин эдэр клоуна, Таатта Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Николай Кузьмин ыраах Румыния сириттэн эбээтигэр Анна Кузьминаҕа төлөпүөннээн, Саҥа дьылынан эҕэрдэлээбит. Эбээ барахсаҥҥа мантан ордук туох наада буолуой? Сиэнэ уол этэҥҥэ сылдьан эргиллэн кэлэрин күүтэр.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0