Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, бу дьыл сэтинньи 30 күнүттэн Дьокуускай куорат федеральнай суутугар Ил Түмэн урукку дьокутаата Николай Румянцев дьыалатын көрүү саҕаламмыта. Бэҕэһээҥҥи, ахсынньы 17 күнүнээҕи, суут мунньаҕар соһуччу иһитиннэрии буолла диэххэ наада.
Суут хаамыытын бэрээдэгин быһыытынан, бу күн туоһулары доппуруостааһын ыытыллыахтаах этэ. Онуоха баара, суут бэбиэскэлэри ыыппытын үрдүнэн, биир да туоһу кэлбэтэх. Оччотугар суут мунньаҕын хайдах быһыылаахтык салгыыбыт диэн буолбутугар, эмсэҕэлээччилэр интэриэстэрин көмүскээччи Юрий Андреев суукка хадатаайыстыба киллэрдэ.
Адвокат «өрүттэр эйэлэспиттэринэн, дьыаланы сабарга» диэн көрдөстө. Эмсэҕэлээччилэр Владимир Федоров уонна Антонина Сивцева, сууттанааччы адвокаттара, сууттанааччы бэйэтэ ити хадатаайыстыбаны эмиэ өйөөтүлэр. Төрүтэ — Николай Румянцев материальнай уонна моральнай хоромньуну барытын төлөөбүтүнэн сибээстээн диэн.
Ол эбэтэр, ахсынньы 12 күнүнээҕи матырыйаалбар суруйбутум курдук, Румянцев Сивцеваҕа 600 тыһ. солк. суумалаах кирэдьиитин төлөөбүт, бохоруонаҕа 50 тыһ. солк. биэрбит, сылаас гараас туруортарбыт. Маны таһынан, бу суут мунньаҕар биллибитинэн, Дьокуускай куоракка үс хостоох кыбартыыра биэрбит. Сивцеваттан уонна кини оҕолоруттан бырастыы гынарыгар көрдөспүт.
Федоровка 2018 сыл күһүнүгэр диэри харчынан да, эминэн да көмөлөспүт — уопсайа 500 тыһ. солк. сууммалаах көмөнү оҥорбут.
Маны таһынан, сууттанааччы адвокаттара РФ Холуобунай кодексатын 264-с ыст. 4-с чааһа ыарахан буруйга киирсибэтинэн, орто ыар уонна сэрэҕэ суохтан буруйу оҥорууга киирэринэн, өрүттэр эйэлэһиилэринэн дьыала сабыллыан сөбүн эттилэр.
Ону сэргэ, Румянцев урут сууттана, холуобунай эппиэккэ тардылла сылдьыбатаҕын, быһылаан буолаатын, Ил Түмэн дьокутаатын мандатыттан бэйэтэ аккаастаммытын, эмсэҕэлээччилэртэн бырастыы гыналларыгар көрдөспүтүн, көмөлөһөрүн, суол быһылаанын кэнниттэн ол сиргэ оптуобус тохтобулун көһөттөрбүтүн, суолу сырдатар банаардары туруортарбытын бэлиэтээтилэр.
Бу хадатаайыстыбаны судаарыстыбаннай буруйдааччы (борокуруор) Саргылаана Холмогорова өйөөбөтө, кыккыраччы утарда. Кини Николай Румянцев 2014-2017 сылларга суол быраабылатын 23 төгүл кэһэн, административнай эппиэккэ тардылла сылдьыбытын, буруйун сороҕун эрэ билиммитин санатта. Маны таһынан, ол үс хостоох кыбартыыра тылынан эрэ бэриллибитин, юридическай өттүнэн Сивцеваҕа оҥоһулла илигин бэлиэтээтэ. Итиэннэ эмсэҕэлээччилэртэн дьыаланы сабарга диэн ким эрэ күһэйиитинэн эбэтэр чахчы бэйэлэрин быһаарыныыларынан көрдөһөллөрүн ыйытта.
Онуоха иккиэн «ким да күһэйбэтэҕэ, бэйэбит быһаарыныыбыт» диэтилэр. Луис Сивцев огдообото Антонина Сивцева «бу быһарыныы миэхэ олус ыараханнык бэрилиннэ… соҕотоҕун буолбакка, ийэбин, оҕолорбун, аймахтарбын кытары сүбэлэһэн, итинник түмүккэ кэлбиппит. Өлбүтү төнүннэрбэккин, оттон мин үс оҕобун атахтарыгар туруортуохпун наада» диэн быһаарда.
Суут быһаарыы ыларыгар, биир чаастаах тохтобул биллэрдэ.
Ол түмүгэр, суут бу хадатаайыстыбаны өйөөбөтүн биллэрдэ, онуоха төрүөтүнэн сууттанааччы Румянцев ол күн уруулга итирик олорон айаннаабытын мэлдьэһэрэ, буруйун сороҕун эрэ билинэрэ, эмсэҕэлээччилэр суол кытыытыгар буолбакка, айан суолугар турбуттарын туһунан көрдөрөрө, үс эмсэҕэлээччилэртэн биирэ өлбүтэ, иккиһэ улаханнык эчэйбитэ буолалларын быһаарда.
Онон, бу холуобунай дьыала сабыллыбата, суут силиэстийэтэ салҕанан барар. Суут аныгыскы мунньаҕа эһиил, 2019 сыл тохсунньу 16 күнүгэр, буолуоҕа.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.