Өртөөһүн тыын суолталанна

Ааптар: 
24.01.2019
Бөлөххө киир:

Оттооһуҥҥа, уопсайынан, сиртэн үүнээйини ылыыга ходуһа хаачыстыбата быһаарар суолталаах. Сэтиэнэхтээх уонна кур лаҥха буолбут сирдээҕэр сыллата оттонор ходуһа үүнүүтэ быдан үрдүк буолара өйдөнөр. Үүнүү сыл аайы биир буолбат, курааннаан оттоммокко хаалбыт ходуһа эһиилигэр сэтиэнэҕинэн бүрүллэр. Ыраах учаастактарга үгүс сир кур лаҥха буолан сытар, сирдэрин кэҥэттиэхтэрин баҕарар хаһаайыстыбалар онтон иҥнэллэр. Ити иһин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өртөөһүн боппуруоһун үрдүкү салалтаҕа күүскэ туруорсар.

edersaas.ru

М.Г.Сафронов аатынан Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун (дириэктэр Айаал Степанов) учуонайдара өртөөһүн сиргэ, кини үүнүүтүгэр, химическэй састаабыгар итиэннэ ходуһа уонна мэччирэҥ быһыытынан туһаныллыытыгар хайдах сабыдыаллыырын үөрэппиттэрэ иккис сыла буолла. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кинилэр чинчийиилэригэр олоҕуран, Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин кытары Саха сиригэр өртөөһүн көдьүүстээҕин туһунан научнай төрүт оҥоро сылдьар. Ол хаһан бигэргэнэрин кэтэспэккэ, улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара хаһаайыстыбалар салайааччыларын итиэннэ тустаах уорганнары кытары сөбүлэһэн, үбүн-харчытын көрөн, баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин толору тутуһан, сэтиэнэххэ былдьаппыт сирдэрин өртүүллэригэр сүбэлиир.
Кырдьык, өртөөһүн сэрэхтээх, табыгастаах кэмэ бэрт кылгас, икки-үс эрэ күн буолар. Ол эрээри өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, эрдэттэн былаан­наан уонна бары көмөлөөн дьаһаннахха, тоҕо табыллыа суоҕай? Сэтиэнэхтэн босхоломмут сир барахсан төһөлөөх үүнүүнү биэриэҕэй? Оттон түмүгэ дэлэй үүт уонна эмис эт буолуоҕа!

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0