Өртөөһүн: туһалаах дуу, буортулаах дуу?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу өҥүрүк куйаас күннэргэ ойуур баһаардара хас биирдиибитигэр сүрэх бааһа буолла. Сүүнэ улахан, күөҕүнэн силигилии турар тииттэр көрүөх бэтэрээ өттүгэр испиискэ маһын кэриэтэ өрө күүдэпчилэнэн тахсаллара көрөргө олус ыарахан. Сыл аайы кэриэтэ дьон олорор сиригэр чугаһаабыт уоту утары охсуһуу тахсар, үтүмэн элбэх дьон сырата баранар, тиэхиньикэ арааһа туһаныллар. Киэн туттар күөх баайбыт күл-көмөр буолан, халлааҥҥа көтөр.

Туохтан ойуур баһаардара үөскүүллэрий? Хомойуох иһин, ойуур баһаарын сүрүн төрүөтүнэн дьон дьалаҕай туттуута буолар. Учуонайдар ааҕыыларынан, чаҕылҕан уота баһаар төрүөтүн 8% ылар эбит. Онтон атыттара отонньуттар, булчуттар, айылҕаҕа сынньана тахсааччылар холуон туттууларыттан, умулларбатах ку­­тааларыттан, табахтарын уотуттан күөдьүйэллэр. Ону таһынан сы­­лаас күннэргэ бытыылка үлтүркэйэ линза курдук буолан, уоту үөскэтиэн сөп. Уонна айылҕа баһаардарын биир сүрүн төрүөттэринэн оту өртөөһүн ааҕыллар. Сыл аайы аан дойду үрдүнэн тыһыынчанан айылҕа баһаара бааһынаны, оттуур ходуһалары өртөөһүнтэн саҕаланаллар. Үгүс дойдуларга өртөөһүнү бобор сокуоннар үлэлииллэр эрээри, үйэлэр тухары үгэс буолбут, үгүс дьон бааһынай хаһаайыстыбаҕа өҥөлөөҕүнэн ааҕар тэрээһиннэрэ син биир сааһын, күһүнүн ыытылла тураллар. Арассыыйаҕа өртөөһүнү утары 2015 сыллаахха бырабыыталыстыба уурааҕа ылыллыбыта. Оттон наука үлэһиттэрэ бу ньыма туһалааҕын, эбэтэр төттөрүтүн, буортулааҕын туһунан мөккүөрдэрэ билигин даҕаны уҕараабат. Бу ыстатыйаҕа араас дьарыктаах дьон өртөөһүн туһунан тус санааларын кэпсээбиттэрин мустум. Чуолаан Саха сиригэр өртөөһүн туһалаах дуо? Хайдах ньыманан, ким ыытыан сөптөөҕүй?

Петр Гоголев, (2018-2021 сс. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ):

Өртөөһүҥҥэ, бастатан туран, хас биирдии сир-дойду туругун учуоттаан сыһыан олох­туохтаахпыт. Арассыыйаҕа араас айылҕалаах эрэгийиэннэр элбэхтэр, сорох сиргэ өртөөһүн туһата кыра, куттала улахан буолуо. Ол эрэн, Саха сиригэр тыа хаһаа­йыстыбатыгар өртөөһүн олус суолталаах, тыын тэрээһин буолар. Ирбэт тоҥҥо сытар ходуһаларга от бэйэтинэн урусхалланыыта, наука тиэрминнэринэн эттэххэ, минерализация уонна гумификация хаамыыта олус бытаан. Өр сыллаах сэтиэнэх мунньуллуута ходуһалары куталаах сиргэ кубулутар, сир дулҕаланан, туһаттан тахсар. Онтон сылтаан дойдубутугар тыа хаһаа­йыстыбата элбэх сири сүтэрэр, экэниэмикэҕэ охсуу тахсар. Саха сиригэр оттуур ходуһалар, мэччирэҥ сирдэр иэннэрэ 778,3 тыһыынча гектарга тэҥнэһэр. Олортон сокуонунан бобулла илигинэ 30 тыһыынча кэриҥэ сиргэ өртөөһүн сыл аайы ыытыллар этэ. Билигин ити сирдэри куоттарар куттал баар. Өртөөһүн оттонор сири эрэ буолбакка, сылгы мэччийэр сирин эмиэ өрүһүйэр. Мэччийэр сирдэрэ аҕы­йаан, кыһын сылгы үөрдэрэ ач­­чыктыыр кутталланаллар. Ол иһин биһиги өртөөһүнү сокуон нөҥүө хонтуруоллааһыны эрэгийиэннэргэ төннөрөллөрүгэр Арассыыйа парламенын таһымыгар туруорсабыт. Дойдубутугар сөптөөх кэми анаан, баһаар тахсыбатын курдук миэ­­рэлэри ылынан ыытыах тус­таахпыт. Оччоҕуна эрэ ходуһаларбытын өрүһүйүөхпүт этэ, хонтуруола суох уоран уоттааһыны даҕаны аччатыахпыт.

Даша Дмитриева, устудьуон, экология актыбыыһа

Дьон сир үрдүнэн тэнийэ иликтэриттэн тыһыынчанан сыллар тухары хочолор, ходуһалар өртөөһүнэ суох бэрт үчүгэйдик үүнэ, силигилии турбуттара. Өрт уота үүнээйилэргэ туһа­лааҕын туһунан этэллэрин сымыйа дойҕоҕунан ааҕабын. Айылҕаҕа от бэйэтэ олус үчүгэйдик компост буола кубулуйар. Оттон уматыы түмүгэр тахсар күлгэ үүнээйилэри уоҕурдууга туһалаах азот холбоһуктара итэҕэстийэр. Сыл аайы өрт уотугар үөн-көйүүр, кыра хамсыыр харамайдар былдьаналлар, ити экологияҕа улахан охсуулаах буолуон сөп. Уонна, биллэн турар, төһө да сэрэхтээхтик туттуна са­­таабытыҥ иһин, өрт уота тыаҕа куотан, улахан баһаар төрүөтэ буолар куттала хаалар, ону сыл аайы көрөбүт. Бу урукку, хаалынньаҥ үгэс улам умнуллан бардар, бэрт буолуо этэ. Ол туһугар буойууну, ыстарааптааһыны таһынан үөрэтэр, өйдөтөр үлэни ыыта туруох­таахпыт.

 

Сергей Латышев, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, Хаҥалас улууһа, Үөдэй:

Былыр дьон куруутун ходуһаларын өртүүр буолаллара. Биллэн турар, өрт уотун ыытар кутталлаах, ол да буоллар, дьон син сэрэнэн-сэппэнэн тутта сатыыр этилэр. Билигин, хомо­йуох иһин, сокуон бобор, онон сэ­­тиэнэҕи уоттуур киһи диэн билигин суох. Дьиҥэр, бу диэки дьон оттуур сирдэрэ үксэ өрүс арыыларыгар сыталлар ээ, ойуур баһаарын төрүөтэ хайдах даҕаны буолбат. Ол да буоллар, сокуон аата сокуон, ким даҕаны эппиэтинэскэ тардыллыан баҕарбат. Мин са­­наабар, сокуону ылааччылар сир-­уот туругун учуоттаан, баһаар куттала суох сирдэргэ өртөөһүнү көҥүллүүллэрэ буоллар, үлэ-хамнас ордук көдьүүстээх буолуо этэ. Бу диэн эттэххэ, кураанах сэтиэнэх төттөрүтүн баһаар кутталын улаатыннарар, кыра да кыымтан буорах курдук умайан тахсыан сөп.

Владимир Иванов, СӨ Экология министиэристибэтин тыа харыстабылын департаменын салайааччыта:

Үгүс дьон сэтиэнэх оту уматан сири “саҥатытарга” көмөлөһөр курдук саныыллар. Бу – сыыһа өйдөбүл. Өртөөһүн мэччирэҥ сиригэр уонна от ходуһаларыгар хоромньу эрэ таһаарар кыах­таах. Тоҕо диэтэххэ, уот баар органиканы барытын сиэн кэбиһэр. Өртөөһүнү быыстала суох ыыттахха, сир кырса дьадайар, кы­­таанах буолар, от үүммэт буолар, быылы көбүтэр сиргэ кубулуйар. Оту уотуттан сир кырса тутахсы­йан үүнүүтэ аҕыйыыр, отун иҥэмтэтэ лаппа кыччыыр.

Аны өртөн сылтаан ойуур ба­­һаара барыан сөп, оччоҕуна тыаҕа көтөрдөр уйалара умайар, тыа кыыла өлөр. Дьон дьиэтэ-уота былдьанар, экэниэмикэ эбийиэктэрэ урусхалланаллар.

Хонтуруола суох оту өртөөһүн ойуур баһаардарын 50% сылтахтара буолара дакаастаммыта. Онон билиҥҥи үлэлиир сокуоннар өртөөһүнү боболлорун сөптөөҕүнэн ааҕабын.

Түмүккэ

Бу ырытыы, билиҥҥи сокуон үлэлиир кэмигэр, биллэн турар, тус санааны үллэстии эрэ буолар. Арассыыйаҕа ким даҕаны өрт уотун ыытар бырааба суох, буруйдаахтар 20.4 КоАП РФ и 8.32 КоАП РФ ыстатыйаларынан уонна да атын бобор сокуоннарынан эп­­пиэккэ тардыллыахтарын сөп. Ол эрэн, үгүс дьон санаатынан, со­­куоҥҥа уларыйыы киирэрэ оруннаах курдук. Баһаар тахсыбатын туһугар өрт уотун күүстээх кэтэбиллээх, идэтийбит уоту утары үлэлиир дьонунан хонтуруоллаах ыытар ама сатаммат буолуо дуо?

Хаартыска СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0